02.03.2023 | 14:00

Проспект саахымат хонуутугар кубулуйуо суоҕа

Быйыл киин куорат хорук тымырыгар – Ленин проспегар хапытаалынай өрөмүөн салҕанар. Былырыыҥҥы үлэ итэҕэстэрэ номнуо билиннэ. Дьиҥнээх хартыына мантан саас хаар уулуннаҕына көстүөҕэ.
Проспект саахымат хонуутугар кубулуйуо суоҕа
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Соторутааҕыта куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн тула суруналыыстары уонна бэдэрээтчиттэри кытта көрүстэ. Онно кини ааспыт сылга өрөмүөннэммит суол хайыы үйэ сорох сиринэн үөһээҥҥи дьапталҕата алдьаммытын, уһаты уонна туора хайа барыылар баалларын, сорох сирдэринэн аҥхай тахсыбытын кэпсээбитэ.

Антон Анатольевич Алексеенко, тырааныспар өҥөлөрүн уонна тырааныспар үлэтин тэрийии боппуруостарыгар Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы:

Кырдьык, суол үлэтигэр итэҕэс-быһаҕас баара номнуо былырыын бэлиэтэммитэ. Сакаасчыт – “Главстрой” тэрилтэ ону барытын Саҥа дьыл иннинэ аактаҕа киллэрбитэ. Бэдэрээтчит мэктиэ суругунан ону толору туоратыаҕа. Үлэ барыта лаборатория чинчийиилэригэр олоҕуран оҥоһуллуоҕа. Суол болотуната ханна алдьаммыта картограммаҕа баар.

Тустаах бэрэбиэркэ түмүгүнэн аспаал, бетон хаачыстыбата мөлтөҕө бигэргэтилиннэ. Икки тутулуга суох лаборатория эбии чинчийиилэри ылыаҕа диэн сөбүлэстибит. Ол ороскуотун бэдэрээтчит бэйэтэ уйунар. Аспаалламмыт учаастак кээмэйэ улахан – 28 тыһ. кв. миэтэрэ кэриҥэ. Онтон тустаах боруоба ылыллан, лабораторияҕа ыытыллыахтаах. Чинчийии эрэ түмүгүнэн уопсай түмүк оҥорор кыахтаахпыт. Тоҕо диэтэххэ ханнык учаастактары 100% көтүрэн, саҥаттан оҥорорбутун чопчу быһаарыахпытын уонна билиэхпитин наада. Проспект саахымат хонуутугар кубулуйуо суоҕа. Аспаал алдьаммыт сирдэригэр үлэ 100-200 миэтэрэ усталаах балаһаларынан ыытыллыаҕа.

Сорох сиргэ олус кытаанах үлтүркэй таас (щебень) матырыйаал быһыытынан туттуллубута аспаал-бетон булкааһа хамсыырыгар уонна сыҕайарыгар төрүөт буолбут буолуон сөп. Атын биричиинэлэри, эппитим курдук, эбии чинчийии түмүгэ быһаарыаҕа.

Үлэ графига уларыйбат

Баһылык солбуйааччыта Антон Алексеенко иһитиннэрбитинэн, быйыл Ленин проспегын хапытаалынай өрөмүөнүн иккис түһүмэҕэ ыытыллар. Кулун тутар ыйтан бэдэрээтчит Кулаковскай уулуссатыттан Краснояров уулуссатыгар диэри учаастагы өрөмүөннээн саҕалыахтаах. Уулуссалары сабыы графига бигэргэтиллибит, тырааныспар сырыыта ханан буолуохтааҕа быһаарыллыбыт.

Виктор Алексеевич Хобовец, бэдэрээтчит – “Дорстрой” ХЭТ бэрэстэбиитэлэ:

– Мэктиэ суругунан этиллибит үлэни барытын толоруохпут, итэҕэстэри туоратыахпыт, онтон аккаастаммаппыт. Лаборатория чинчийиилэрин түмүгүнэн оҥоһуллар үлэ хапытаалынай өрөмүөҥҥэ мэһэйдиэ суоҕа. Барытын болдьоспут кэммитигэр туттарыахпыт, графикка уларыйыылар тахсыахтара суоҕа. 

 

Хаачыстыба тупсуохтаах, хонтуруол баар буолуохтаах!

Ленин проспегар хапытаалынай өрөмүөн, уопсайынан, суол үлэтин туһунан нэһилиэнньэ санаатын билээри, куорат киин уулуссатыгар таҕыстым. Үлэ күнэ буолан, киһи барыта ыксыы сылдьар, таба тутар ыарахан соҕус эбит. Сорохтор сөбүлэһэн, кэпсэтэн баран хаартыскаҕа түһэртэн кыккыраччы аккаастаннылар, сорохтор хаһыат туһунан истээт, куотар аакка бардылар. Ол эрээри ыйытыкка кыттыбыт дьон санааларын үөрэ-көтө үллэһиннилэр.

Анатолий Филиппович Харлампьев, куорат олохтооҕо:

– Мин санаабар, син оҥоро сатаатылар. Сайын туох үлэ ыытыллыбытын ааһан иһэн илэ харахпынан элбэхтэ көрбүтүм. Коллекторын эҥин хайаабыттарын билбэппин. Ол эрээри сүрүн үлэтин оҥордулар, салгыы чэпчэкитэ эрэ хаалла быһыылаах. Итэҕэс-быһаҕас баарын истибитим, бэдэрээтчит ороскуотун бэйэтэ уйунар диэбиттэрэ.

Ленин проспега – киин уулусса, онон суол үлэтэ тырааныспар сырыытыгар мэһэйдээбитэ, элбэх ноҕоруусканы таһаарбыта. Дьиҥэр, үбүлээһинин көрөн, хапытаалынай өрөмүөнү эрдэттэн саҕалаабыттара буоллар, ордук этэ. Өрөспүүбүлүкэ 100 сыллаах үбүлүөйүгэр суолбут сабыллан турбута соччото суоҕа.

Суол үлэтин түмүгэ сайын үчүгэйдик көстүөҕэ. Билигин туох да диэн быһаарар кыах суох. 

Матрена Афанасьевна Егорова, биэнсийэлээх:

– Дьокуускай куоракка олохсуйбутум ыраатта, оҕолорум бары манна төрөөбүттэрэ. 1970 сыллаахха Залог оройуонугар дьиэ куортамнаан олорбуппут.

Былырыын сайын суол үлэтэ хаачыстыбата суоҕун көрбүтүм, уу-хаар түстэҕинэ бытарыйан тахсыаҕа дии санаабытым. Эппитим курдук буолла. Урут аспаалы итиилии ньалҕаарыччы куталлара, онтулара лаахтаммыт муоста, кылабачыгас сиэркилэ курдук буолар этэ.

Куораппыт син сайдар, ол эрээри төһөнөн оҥоробут да, оччонон алдьанан иһэр курдук. Харыстаабаппыт бэрдэ дуу, уһун солкуобайы эккирэтэн хаачыстыбата суох оҥороллор дуу? Тротуар туһунан эттэххэ, икки сыл да сыппат. Хаар түспүтүгэр, плитка бөҕө эргийбит.  Мин санаабар, хонтуруоллуур киһи олох суох быһыылаах. Сэбиэскэй кэм саҕана кыра да үлэни кэтээн көрөн, хонтуруоллаан туттараллар этэ.

Урукку КПД дьиэлэр билиҥҥэ диэри бэркэ тураллар дии. Саҥа  тутуллубут дьиэлэрбитин көрүҥ ээ. 203-с дьоҕус түөлбэҕэ ымсыырар этибит, билигин аһыныахпытын эрэ баҕарабыт. Итинэн билиҥҥи тутуу барыта үйэтэ суох буолла диэн санааҕа кэлиэххэ сөп. Көстүүтэ эрэ кыраһыабай. 

Аны туран, мин көрдөхпүнэ, суол өрөмүөнүгэр үксүн кэлии омуктар үлэлииллэр. Бэйэбит оҕолорбут, ыччаппыт эбитэ буоллар, баҕар, дойдуларын харыстыы санаан син хаачыстыбалаахтык тутуо этилэр дуу, суох дуу? Тоҕо эдэрдэри үөрэппэппитий, үлэҕэ ылбаппытый? Ити эмиэ туспа боппуруос.

Анатолий, Сунтаар улууһун олохтооҕо:

– Мин куоракка сүүрбэччэ сыл буолан баран кэллим. Урут манна олоро, тутууга үлэлии сылдьыбытым. Онно холоотоххо, куораппыт олус уларыйбыт, улааппыт, киһи мунуох да курдук. Туох диэн эттэххиний, ол саҕана куорат суоллара дьаабы буоллахтара, бырыы да бадараан этэ. Билигин көрдөххө, чыҥха атын хартыына. Проспект олус үчүгэй буолбут, тупсубут. Дьиэ-уот элбээбит. Букатын атын сиргэ сылдьар курдук сананным.

Аатын эппэтэх куорат олохтооҕо:

– Суол өрөмүөнэ ыытыллара туох куһаҕаннаах буолуой, үчүгэй эрэ диибин. Арай хаачыстыбалаахтык оҥордуннар диэн баҕа санаалаахпын. Өрөмүөннэммит суол уһуннук туруохтаах. Былырыын проспект өр баҕайы сабыллан турбута, сатыы дьоҥҥо оптуобустар сылдьыбаттара, маршруттара уларыйбыта харгыс буолбута. Суоппардар да ырааҕынан эргийэ айаннаан эрэйдэммиттэрэ аҕай. Быйыл хайдах буолар.  

Туох дьиэктэр көстүбүттэрин билбэппин. Биһиги сайыммыт кылгаһа, килиимэппит тыйыһа бэрт. Баҕар, аспаал тымныыны тулуйбата буолуо. Тендер диэн ыыталлар дии, арааһа, саамай чэпчэки сыананы эппит тэрилтэ кыайар быһыылаах. Ол иһин хаачыстыбата мөлтөх буолуон сөп.

Биһиги Красильников уулуссатыгар олоробут. Урут саас, күһүн барыта бадараан, чалбах буолара, олус эрэйдэнэрбит. Соторутааҕыта суолбутун оҥорбуттара да, хаачыстыбата эмиэ оччо үчүгэйэ суох. Ыарахан уйуктаах улахан массыыналар тута сылдьан барбыттара куһаҕан. Ол эрээри, уруккуга тэҥнээтэххэ, суолбут тупсубута чуолкай.

***

Лаборатория чинчийиилэрин түмүгэ кулун тутар ыйга биллэр. Проспекка былааннаммыт үлэ графига уларыйбат. Бэдэрээтчит өрөмүөнү этиллибит болдьоххо бүтэрэргэ бэлэм. Онон киин куораппыт сүрүн суола тупсарыгар эрэлбит улахан.

 

Ааптар түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)