15.08.2024 | 12:00

Промышленнай уокурукка тэрилтэлэр ааттара сахалыы суруллар эбит дуо?

Промышленнай уокурукка тэрилтэлэр ааттара сахалыы суруллар эбит дуо?
Ааптар: Анна-Сайдыына Варламова, саха тылын истилиистикэтин уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас хаапыдыратын аҕа уһуйааччыта
Бөлөххө киир

Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барыл үбүлээһининэн 2023 с. ыытыллыбыт “Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Тыллар туһунан сокуон толоруллуутун кэтээн көрүү” чинчийии сорох түмүктэрэ

 

Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрситиэт уһуйааччылара «Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна дьиҥ таһымнаах тылларын харыстыыр уонна сайыннарар барыл» судаарыстыбаннай бырагыраама чэрчитинэн Дьокуускай куорат уокуруктарын үллэстэн, судаарыстыбаннай тэрилтэлэр вывескаларыгар, дьиэлэр эркиннэригэр ыйаммыт өйдөбүнньүк-дуоскаларга, устуоруйаны кэрэһилиир пааматынньыктарга, ыйынньыктарга саха тыла төһө туттулларын чинчийэн көрдүлэр.

 

Мин Промышленнай уокуругу кэрийэ сылдьан уопсайа 68 эбийиэги хаартыскаҕа түһэрэн ыллым. Олортон 58-һа – судаарыстыбаннай тэрилтэ аата, 3 – искибиэр, 4 – дьиэ эркинигэр ыйаммыт өйдөбүнньүк-дуоска, 2 – бүүс (бюст), 1 – өйдөбүнньүк сэргэ. Бу 58 тэрилтэттэн 34-гэр эрэ сахалыы аата суруллубут. Искибиэрдэр, дьиэ эркинигэр ыйаммыт өйдөбүнньүк-дуоскалар, бүүс-пааматынньыктар бары нуучча тылынан суруллан тураллар.

Сахалыы суруктаах 34 тэрилтэ аатын эйгэлэринэн арааран, сахалыы тылбааһын ырытан көрүөххэ.

 

Быраабы араҥаччылыыр тэрилтэлэр

Уопсайа 9 быраабы араҥаччылыыр тэрилтэ баарыттан, хомойуох иһин, үһэ эрэ сахалыы аата суруллан турар. Эрдэ этэн аһарбыппыт курдук, министиэристибэ аата маннык суруллуохтаах: Ис дьыала министиэристибэтэ. Оттон «МВД» диэн аббревиатура сахалыы «ИДьМ» диэн бэриллиэхтээх.

Оскуола, уһуйаан

Промышленнай уокурукка уопсайа 3 оскуола, 5 уһуйаан баар. Тэрилтэлэрин аатын сыыһалаах-халтылаах да буоллар, икки тылынан ыйаан тураллар. Ордук нууччалыыттан киирии тылы бэйэтинэн хаалларбыттар. Бу улахан алҕас буолбатах эрээри, төрөөбүт тылбыт чөл туруктаах буоларын туһугар киирии тылы төһө кыалларынан сахатыта сатыахтаахпыт. Холобур: округ – уокурук, бюджет – бүддьүөт, спорт – успуорт. Этиигэ тыл бэрээдэгин кэһии эмиэ үгүстүк көстөр. Холобур: Муниципальнай бүлдьүөт уопсай үөрэхтээһин тэрилтэтэ «Д.Г. Новопашин аатынан 10 №-дээх орто уопсай үөрэхтээһин оскуолата» «Дьокуускай куорат» куорат округа. Дьиҥинэн, «Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук. «Уопсай үөрэхтээһин Д.Г. Новопашин аатынан 10 №-дээх орто оскуолата» уопсай үөрэхтээһин бүддьүөттэн үбүлэнэр муниципальнай тэрилтэтэ буолуохтаах этэ. «Уһуйаан» диэн тыл билигин улахан мөккүөрэ суох, туттулла сылдьар, онон «оҕо саада» оннугар «уһуйаан» диэн суруйар ордук. Хомойуох иһин, Дьокуускайдааҕы 1-кы №-дээх «Сулусчаан» уһуйаан суругун көрөн баран соһуйдум, олус хомойдум. «Уокуруктаа5а Администрация. Муниципальнай үбүнэн хааччыллар оскуола5а киириэн иннинээ5и о5олор үөрэхтэрин тэрилтэтэ «№1 тулалыыр эйгэ5э о5о тус сайдыытын дириҥэтэн сайыннарар «Сулусчаан» о5о уһуйаана» Дьокуускай куораттаа5ы киин уокурук» диэн ыйаан тураллар. «Уокуруктаа5а Администрация» буолбут, ««Дьокуускай куорат» куораттааҕы уокурук» оннугар. «Муниципальнай үбүнэн хааччыллар оскуола5а киириэн иннинээ5и о5олор үөрэхтэрин тэрилтэтэ» оннугар «Оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин бүддьүөттэн үбүлэнэр муниципальнай тэрилтэтэ» буолуохтаах. «№1» оннугар «1-кы №-дээх». Киһи хомойуох, сахалыы «ҕ» оннугар «5» сыыппараны туттубуттар.

Мэдиссиинэ

Промышленнай уокурукка син элбэх мэдиссиинэ киинэ баарыттан 1-гэр эрэ сахалыы сурук суоҕун көрөн, үөрэ санаатым. Богдан Чижик уулуссатыгар баар Дьокуускайдааҕы наркодиспансер аата да, үлэлиир кэмэ да, хомойуох иһин, нууччалыы эрэ суруллан турар.

Орто анал үөрэх тэрилтэтэ

4 орто анал үөрэх тэрилтэтэ баарыттан үһэ сахалыы аата суруллубут, арай Т.Г. Десяткин аатынан Дьокуускайдааҕы промышленнай техникум үлэлиир кэмэ эрэ сахалыы суруллан турар. Салгыы үөрэххэ уонна наукаҕа министиэристибэтэ оннугар үөрэх уонна наука министиэристибэтэ буолуохтаах этэ. «Туохха министиэристибэ?» диэн сыыһа халыып буолар. Дьокуускайдааҕы коммунальнай-строительнай техникум аатыгар эмиэ «ҕ» буукуба оннугар «5» сыыппараны туттубуттар.

 

Араас судаарыстыбаннай тэрилтэ

Хата, «Водоканал» АУо таһынааҕы аатын көрөн хайҕаатым. Салаа аайы тылбааһа баар, саха тылыгар суолта уурбуттара көстөр. Ону тэҥэ Фёдор Попов уулуссатын 6/1 дьиэтигэр турар «Якутскэнергосбыт» тэрилтэ аатын эрэ буолбакка, үлэлиир кэмин эмиэ толору сахалыы тылбаастаан ыйаан туралларын көрөн астынным. Дьокуускайдааҕы үүт собуота, килиэп кэмбинээтэ ааттарын иккилии тылынан суруйан ыйаабыттарын көрөн үөрдүм. Сонньуйбутум диэн, үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтин тэрилтэлэрэ сахалыы аата суох тураллар: «Отделение сопровождаемого проживания «Тренировочная квартира»» уонна «Республиканский социально-оздоровительный центр комплексной реабилитации инвалидов».

Саха тыла судаарыстыбаннай тыл буоларын быһыытынан, тэрилтэ аата нууччалыы эрэ буолбакка, сахалыы эмиэ суруллара ирдэнэр диэн СӨ Тыллар туһунан сокуонун 35-с ыстатыйатыгар сурулла сылдьар. Онон Дьокуускай куоракка баар судаарыстыбаннай тэрилтэлэр ааттара сахалыы сыыһата суох суруллан ыйаныахтаахтар.

 

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....