Промышленнай уокурук арыгы атыытын хааччахтыыры туруорсар
Тохсунньу 21 күнүгэр Евгений Григорьев Промышленнай уокурук олохтоохторун иннигэр отчуоттаата.
2022 сылга уокурукка 10 №-дээх оскуола, 1 №-дээх «Звездочка» оҕо саада өрөмүөннэммиттэрэ. Быйыл 13 №-дээх оскуолаҕа уонна 2 №-дээх «Орленок» оҕо саадыгар хапытаалынай өрөмүөн былааннанар.
Суол тутуутун федеральнай бырагырааматынан 2022 сылга Труд, Очиченко, Энергетиктэр, Ф. Попов уулуссаларыгар өрөмүөн ыытыллыбыта, быйыл Бабушкин, Челюскин, П. Осипенко, Б. Чижик уулуссалара өрөмүөннэниэхтэрэ. Хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматынан быйыл – 180, эһиил 475 киһини саҥа кыбартыыраҕа көһөрөр сорук турар.
Кальвица, 5, 5/1, 5/2, Ф. Попов, 16/3, Бестужев-Марлинскай, 9/2, Дзержинскэй, 40/3, Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, 23 дьиэлэр тиэргэннэригэр тупсарыы үлэтэ ыытыллыбыт, 2023 сылга тиэргэни тупсарыы Кальвица, 7/1, 9/1 дьиэлэригэр ыытыллара былааннанар.
Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, 86/3 аадырыска спорт балаһааккатын туруорбуттар. Быйыл итинник балаһаакка Богдан Чижик, 20/2 аадырыска туруоҕа. Маны сэргэ былырыын уонча оҕо оонньуур балаһаакката, Беринг, 35, Кальвица, 7/1, Б. Чижик, 2, 2/1 аадырыстарга дьоҕус архитектурнай формалар, «Спид-центр», «Хлебозавод», «Очиченко», «Квартал труда» сылаас тохтобуллар туруоруллубуттара.
2023 сылга сүрүн болҕомто уокурук уулуссаларын сырдатыыга ууруллар буолбут, чуолаан Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, 86, 25 (тиэргэн), 25/1, 23/4 (тиэргэн) аадырыстарга уулусса лаампата тардыллаары турар.
Уокурук олохтоохторун сытыытык долгутар кыһалҕаларга 19 №-дээх оптуобус сырыыта, Рабочай городоккка сылаас тохтобул, Ф. Попов уулуссатыгар «География» пиибэ иһэр сир ааттаннылар. Маны сэргэ уокурук олохтоохторо Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла, 35В уулуссаҕа күннэри-түүннэри арыгы атыылаабыт маҕаһыын сабыллыбытын иһин баһылыкка махталларын биллэрдилэр. Евгений Григорьев арыгы атыытын хааччахтыахтаах сокуону кытаатыннарар уларытыылар быйыл олоххо киирээри туралларын бэлиэтээтэ.
Халаан уутугар барар территорияҕа киирсэр Пристанская уулусса олохтоохторун хаарбах дьиэттэн көһөрүү боппуруоһа долгутар. Ол курдук, сорох быраҕыллыбыт дьиэлэргэ хаамаайы дьон олохсуйан эрэллэрэ кутталы үөскэтэрэ этилиннэ. Олох-дьаһах сыһыаннаһыыларыгар департамент үлэһитэ иһитиннэрбитинэн, ууга барар кутталлаах дьиэлээхтэр испииһэктэригэр киирбит гражданнар Тутуу министиэристибэтиттэн дьиэҕэ сертификат ылыахтарын наада. Сертификатынан туһаммыт дьон, дуогабар усулуобуйатынан, эргэ дьиэлэрин бэйэлэрэ көтүрэн биэриэхтээхтэр.
Бары ыйытыылар, этиилэр боротокуолга бэлиэтэннилэр.