24.03.2022 | 16:00

Промышленнаска оробуочай каадырдар ирдэнэллэр

Промышленнаска оробуочай каадырдар ирдэнэллэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 22 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев санкция усулуобуйаларыгар промышленнас тэрилтэлэрин үлэлэригэр сыһыаннаах мунньаҕы ыытта. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Мунньахха этиллибитинэн, регион промышленнаһын тэрилтэлэрэ кэккэ уустуктары көрүстүлэр. Ол үксүн тиэхиньикэҕэ уонна туттар тэриллэргэ наадалаах омук сириттэн кэлэр саппаас чаастарга уонна матырыйаалларга сыһыаннаах, итиэннэ сыана үрдээһинигэр уонна кредит ставката үрдээһинигэр.  
«Бастакытынан, бары тэрилтэлэр үлэ эрэсиимин тутуһуохтаахтар. Ити биһиги бастакы сорукпут. Иккиһинэн, инвестиционнай бырагыраамалары оннунан хааллара сатыахха наада», - диэн бэлиэтээтэ Айсен Николаев.
Мунньахха өрөспүүбүлүкэ промышленнаска уонна геологияҕа миниистирэ Максим Терещенко, «Сахатранснефтегаз» генеральнай дириэктэрэ Алексей Колодезников, «АЛРОСА» АХ генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччы Игорь Соболев, «УК «Колмар» генеральнай дириэктэрэ Артём Лёвин кытыннылар.
Тэрилтэ салайааччылара эппиттэринэн, быйылгы былааннар бары толоруллуохтара. Итини сэргэ, «УК «Колмар» генеральнай дириэктэрэ Артём Лёвин бүгүҥҥү күҥҥэ тэрилтэҕэ оробуочай илии тиийбэтин бэлиэтээтэ. Билигин хампаанньаҕа чох хостооһунугар 1300 үлэ миэстэтэ баар, сылга 6 мөлүйүөн тонна кыамталаах хайаны байытар фабрика тутулуннаҕына өссө 1600 исписэлиис наада буолар.
Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар хампаанньаны олохтоох каадырдарынан хааччыйыыны күүһүрдэр, ол иһигэр  өрөспүүбүлүкэтээҕи «Колмар» тэрилтэҕэ исписэлиистэри бэлэмниир соругу туруорда. Итини сэргэ Артём Лёвин чох промышленнаһыгар олохтоох исписэлиистэр киирбэккэ сылдьар миэстэлэригэр Казахстан уонна Кыргызстан оробуочай каадырдарыгар квотаны элбэтэр туһунан этиитэ көрүллүөхтээх. 
Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар промышленнай хампаанньалар инвестиционнай бырагыраамаларын оннунан хаалларар туһугар дойду уонна регион таһымыгар ылыныллыан сөптөөх быһаарыылары көрөллөрүгэр сорудахтаата. 
Билиҥҥи кэмҥэ промышленнай тэрилтэлэргэ сапчаастары экономиялыыр эрэсиим киллэрилиннэ уонна санкция эрэсиимин өйөөбөтөх дойдуларга оҥоһуллар саппаас чаастар аналогтарын көрдөөһүн ыытыллар. Итини сэргэ РФ территориятыгар баар үлэҕэ  ирдэнэр тэриллэри, сапчаастары, матырыйааллары атыылаһаллар. 
Мунньаҕы түмүктүүрүгэр Ил Дархан Айсен Николаев регион бырабыыталыстыбатыгар тас сибээс министиэристибэтин кытта үлэлэһэн тиэхиньикэни уонна сапчаастары доҕордуу сыһыаннаах омук дойдуларыттан атыылаһарга саҥа логистическай схеманы оҥороллоругар сорудахтаата.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....