16.07.2021 | 14:30

Прокуратура үс оройуон баһылыгар сэрэтии биэрдэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ прокурорун солбуйааччыта ойуур баһаардарынан сибээстээн Горнай, Таатта, Хаҥалас улуустарын баһылыктарыгар уонна «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка дириэктэригэр сэрэтии биллэрдэ. Ол туһунан Саха сирин прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
«От ыйын 15 күнүнээҕи туругунан өрөспүүбүлүкэ территориятыгар 270 тахса ойуур баһаара баар. Баһаартан кутталлаах быһыы-майгы Горнай, Таатта, Хаҥалас улуустарын территорияларыгар үөскээтэ. Итиннэ 35 кэриҥэ баһаар 275 тыһыынча гектар иэннээх сиргэ тайаан сытар», - диэн этиллэр иһитиннэриигэ.
Ойуур баһаарын нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экэниэмиэкэ эбийиэктэригэр чугаһаппат, ону сэргэ уоту сөптөөхтүк умуруорар уонна эриэйдэлэри тэрийэр сыалтан,  өрөспүүбүлүкэ прокурорун солбуйааччыта үөһээ этиллибит улуустар баһылыктарыгар, «Өлүөнэ очуостара» национальнай паарка дириэктэригэр уонна Айылҕаны кэтээн көрөр  региональнай управление салайааччытыгар сэрэтии биллэрдэ. 
 Өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын  түһэриитинэн муниципалитеттарга Саха сирин бырабыыталыстыбатын резервнэй пуондатыттан баһаары умуруорууга 26 мөл. солк. бэриллибит. 
Прокуратура ирдэбилинэн сыыдам бөлөхтөр үлэлэрэ тэтимирбит, баһаар көрдүгэннэрэ баар оройуоннарыгар көмөҕө өрөспүүбүлүкэ экологияҕа Министиэристибэтин уонна биэдэмэстибэлээх тэрилтэлэриттэн уопуттаах специалистар ыытыллыбыттар. Прокуратура хонтуруолун түмүгэр 18 ойуур хаһаайыстыбаларыгар эбии 120 тахса киһи уонна 30 тиэхиньикэ көмөҕө тардыллыбыттар. 
Баһаар куттала саҕаланыаҕыттан прокуратура үлэлэһэн 500 кэриҥэ аакталар ылыныллыбыттар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...