Прокуратураҕа ититиини холбооботох салайар хампаанньаларга сыһыаннаах сурук ыытылынна
Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтатын дьаһалыгар олоҕуран олорор дьиэлэргэ балаҕан ыйын 6 күнүттэн ититии холбонуохтаах этэ. Салайар хампаанньалар бары кэриэтэ 2021-2022 с.с. оттук сезонун саҕалаабыттарын туһунан отчуоттаабыттар, ол эрэн олохтоохтортон үҥсүүлэр киирэ тураллар эбит. Ол туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Балаҕан ыйын 13 күнүнээҕи куорат уопсай планеркатыгар, баһылык Евгений Григорьев судаарыстыбаннай тутууга уонна олоҕу-дьаһаҕы хонтуруоллуур Управлениеҕа салайар хампаанньалар өттүлэриттэн тахсыбыт кэһиилэр тустарынан суругу ыытарга сорудахтаабыт.
«Кэнники күннэргэ куорат олохтоохторо элбэх дьиэҕэ ититии холбоно илигин туһунан үҥсэллэр. Судаарыстыбаннай тутууга уонна олоҕу-дьаһаҕы хонтуруоллуур Управлениеҕа ититиини холбуу илик, нэһилиэнньэни уонна куорат былааһын албынныыр салайар хампаанньаларга кытаанах миэрэлэри ылар курдук сурукта ыытаргытыгар көрдөһөбүн», – диэбит Евгений Григорьев.
Киин куорат ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэрэ оттук сезонугар бэлэмнэниини болдьоҕор түмүктээбиттэрэ бэлиэтэнэр.
«Ресурсанан хааччыйар тэрилтэлэр эбийиэккэ эрэ диэри тириэрдэллэр, салҕыы ититии кыбартыыраларга тиийэрин салайар хампаанньалар хааччыйаллар. Салайар хампаанньа оттук сезонун саҕаланыыта дьиэни ититии киирэригэр булгуччу бэлэмниэхтээх», – диэн быһаарбыт баһылыгы куорат хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччы Егор Кардашевскай.
Бэлиэтээн эттэххэ, Дьокуускай куорат салайар хампаанньалара бары туспа хаһаайынныыр субъектарынан буолаллар. Уокуруктааҕы дьаһалта кинилэри эппиэтинэскэ тардар боломуочуйата суох. Кинилэр үлэлэрин хонтуруоллуур, лицензия биэрэр тэрилтэнэн Судаарыстыбаннай тутууга уонна олоҕу-дьаһаҕы хонтуруоллуур Управление буолар.
«Биһиги кэмиттэн кэмигэр Судаарыстыбаннай тутууга уонна олоҕу-дьаһаҕы хонтуруоллуур Управлениеҕа эбэһээтэлистибэлэрин толорбот салайар хампаанньалар тустарынан миэрэ ылылларын курдук этэбит. Оттон сорох дьиэлэргэ ититиини биэрбэккэ олорор салайар хампаанньаларга сыһыаннаан эттэххэ Дьокуускай куорат Прокуратуратыгар суругу ыыттыбыт», – диэн иһитиннэрдэ Егор Кардашевскай.