Прокуратура 247 дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөнү ыытарга сорудахтаата
Дьокуускай прокуратурата куорат территориятыгар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр хапытаалынай өрөмүөннэрин ыытыыга олох-дьаһах сокуонун тутуһууну бэрэбиэркэлээтэ. Бу туһунан прокуратура пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бэрэбиэркэ түмүгүнэн биллибитинэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин хапытаалынай өрөмүөҥҥэ Пуондата сокуон ирдэбилин, гражданнар бырааптарын кэһэн туран регионнааҕы бырагырааманан ыйыллыбыт болдьоххо 247 элбэх кыбартыыралаах дьиэҕэ хапытаалынай өрөмүөнү ыыппатах.
Сокуону кэһиини туоратар сыаллаах киин куорат прокуратурата Пуонда булгуччу ити дьиэлэргэ регионнааҕы бырагырааманан ыйыллыбыт толору кээмэйдээх хапытаалынай өрөмүөнү ыытарын курдук суукка ирдэбили түһэрдэ.
Суут прокуратура сайабылыанньатын өйөөтө.
Билиҥҥи туругунан суут быһаарыыта сокуоннай күүһүгэр киирэ илик, онон ааһыныыга барыан сөп.