Прогрессивнай нолуоктааһын киириэҕэ
Бэс ыйын 20 күнүгэр Госдуума дьокутааттара РФ Нолуок кодексатыгар уларытыылары киллэриини бастакы ааҕыытыгар ылыннылар. Уларыйыылар, бастатан туран, физическэй сирэйдэр дохуоттарыгар нолуок (НДФЛ) прогрессивнай кэрдииһи олохтооһуну кытта ситимнээхтэр.
Бу иннинэ РФ бырабыыталыстыбата көҕүлээн киллэрэр бырайыагын Госдуума Бүддьүөккэ уонна нолуоктааһыҥҥа кэмитиэтигэр көрбүттэрэ, парламент истиилэрэ барбыттара.
Миниистирдэр кэбиниэттэрин мэктиэлээһининэн маннык кэрдиистээһин олохтонно:
* Сылга 2,4 мөл. солк. диэри дохуоттаахтарга 13 % ыстаапка уруккунан хаалар;
* Сылга 2,4 мөл. солк. саҕалаан 5 мөл. солк. диэри дохуоттаахтарга – 15 %;
* Сылга 5 мөл. солк. саҕалаан 20 мөл. солк. диэри дохуоттаахтарга – 18 %;
* Сылга 50 мөл. солк. тахса дохуоттаахтарга – 22 %.
Үрдэтиллибит нолуок бары сууматтан буолбакка, ыйыллыбыт боруогу таһынан барар сууматтан тутуллуоҕа. Киллэриллэр уларыйыылар анал байыаннай дьайыылар кыттыылаахтарын таарыйбаттар.
Ону тэҥэ, уурунуу харчыттан, сыаналаах кумааҕыттан, кыттыылаах өлүүттэн, хамсаабат баайы атыылааһынтан дохуоттан уонна дибидиэнтэн киирэр барыска нолуоктааһын чуолкайданар. Холобура, 2,4 мөл. солк. суумалаах дохуокка 13% хаалар, оттон бу сууматтан үрдүк буоллаҕына, 15% диэри уонна салгыы улаатыа суохтаах. Былаан быһыытынан, уларытыылар 2026 сыл тохсунньу 1 күнүттэн олоххо киириэхтэрэ.