«Продленка» — төрөппүккэ абыраллаах, бизнесменнэргэ барыстаах
Продленка – эбии үөрэхтээһин биир көрүҥэр киирсиэн сөп эрээри, сокуоҥҥа хайдах да чопчуламмакка сылдьар. “Социальнай-педагогическай сайдыы бөлөҕө” эбэтэр “оҕону көрүү-истии бөлөҕө” диэн быһаарыллар кыахтаах. Кыра уонна орто сүһүөх кылаас оҕотун уруок кэнниттэн дьарыктыыр, саататар тэрилтэ, дьоҕус бөлөх.
Дьиҥэ, сокуоҥҥа олоҕуран (14.07.2022 №301-ФЗ «О внесении изменений в статьи 8 и 66 Федерального закона «Об образовании в Российской Федерации»), оскуола иһинэн продленка арыллыыта төрөппүттэр быһаарыыларыгар олоҕуруон сөп. Ол эрэн бу сокуон кими да продленка арыйан үлэлэтэргэ эбээһинэстээбэт. Ол иһин төрөппүт кыаҕыгар эрэ сүктэриллэр.
Продленка былыр-былыргыттан баар. Урут мөлтөх үөрэхтээхтэри мунньан эбии дьарыктыыр, үөрэхтэрин өрө тардар этилэр. Орто оскуола иһинэн үлэлиир оннук продленкалар билигин улуустарга син бааллар, элбэх оҕолоох, кыаммат дьиэ кэргэн оҕолорун босхо ылаллар, оҕолору итии аһылыгынан хааччыйаллар, уруоктарын аахтараллар, сайыннарар дьарыктары тэрийэллэр.
Оттон Дьокуускайга оскуолаларга миэстэ тиийбэт кыһалҕата сыл аайы сытыырхайар. Иккис симиэнэттэн аккаастаныахпыт букатын ыраах. 550 оҕоҕо анаммыт оскуолаларга 1600 оҕо үөрэнэрин тухары иккис симиэнэ суох буолар кыаҕа суох. Онон билиҥҥи продленка бүтүннүү чааһынай тэрилтэлэргэ барбыт бизнес биир көрүҥэ буолла.
20 тыһыынчаттан саҕалаан
Ааҕааччыларбытыгар анаан, продленка өҥөтүн биэрэр тэрилтэлэр сыаналарын үөрэттибит. 2ГИС-ка биир эрэ продленка көстөр эбит буоллаҕына, Арассыыйаҕа бобуллубут социальнай ситимҥэ хаһы да буллубут. Ол курдук, продленкаҕа саамай тарҕаммыт тарыып – ыйга 20 000 солк., араас чэпчэтиилээх ааксыйалар эҥин биллэриллэн, 15 000 солк. саҕалаан сыанаҕа ыйдааҕы абонемены ылыахха сөп буолбут.
Оттон биирдиилээн дьарык, холобур, биир эмэ олох солото суох күҥҥүтүгэр оҕолоргутун илдьэн туттараргыт күҥҥэ 1 350 солк. саҕалаан сыаналанар. Аны туран, “Оҕону сайыннарар киин” диэн өҥөнөн официальнайдык дьарыктанар чааһынай тэрилтэлэргэ оҕону итии аһылыгынан хааччыйыы уонна оскуолаттан ылар-аҕалар трансфер өҥөтө суох.
Элбэхтэн биири холобурдаатахха, куорат киинигэр саҥа арыллыбыт “Оҕону сайыннарар киин” ыйдааҕы төлөбүрэ 15 000 солк. быһыллыбыт. Онно иккитэ аһаталлар: үссэнии – фрукта, йогурт уонна биир итии аһылык – эбиэт. Маны таһынан нэдиэлэҕэ иккитэ английскай тыл уонна айар дьоҕуру үлэлэтэр дьарыктар ыытыллаллар. Уонна, биллэн турар, оскуолаҕа биэрбит дьиэҕэ үлэлэрин толороллор. Оҕо уруокка көтүппүт, өйдөөбөтөх тиэмэтин хатылааһын, чиҥэтии киирэр. Бу куорат үрдүнэн саамай чэпчэки сыана.
Атыттарга ыйдааҕы төлөбүр 20 000 солк. саҕаланар. Үксүлэригэр оҕону аһаппаттар, төттөрү-таары таспаттар, дьиэҕэ үлэни оҥороллор, буочары тупсарар каллиграфия баар буолуон сөп уонна араастаан саататаллар. Сарсыарда үөрэнэр оҕо эбиэт кэннэ 4 чаас, иккис симиэнэ оҕото 8.30-12.30 чч. сылдьар.
Арассыыйа киин куораттарыгар хото тарҕаммыт “автоняня” өҥөтө биһиэхэ, Дьокуускайга, соччо-бачча сайда илик. Билэр дьону наймылаһыахха сөп эрээри, биир эмэ күн табыллымыан сөп, оччоҕо эмиэ ыксал буолар. Индрайвер таксистара улахан киһитэ суох соҕотох оҕону ылаллар гынан баран, продленка төлөбүрүгэр айанын сыанатын эптэххэ, ыйдааҕы ороскуота балайда элбээн тахсар. Онон продленка саамай сүрүнэ оскуолаттан чугас буолара наада – оҕо бэйэтэ оскуола уонна продленка икки ардыгар сылдьарын курдук.
Төрөппүттэри абырыыр
Татьяна, Дьааҥы улууһа:
– Мин элбэх оҕолоох уонна кыаммат араҥаҕа киирсэр буоламмын, икки улаханым оскуолаҕа баар продленкаҕа босхо сылдьаллар. Уруок кэннэ хаалларан дьиэҕэ үлэлэрин оҥоттороллор, иккитэ аһаталлар, араас тэрээһиннэри ыыталлар. Киэһэ биһиги үлэлээн кэлэрбит саҕана биирдэ бүтэн кэлэллэр. Онон продленка диэни наһаа сөбүлээтим. Биһиэхэ улууска да оҕо барыта босхо продленкаҕа тиксибэт, дьиэ кэргэн социальнай статуһун көрөн, оҕо үөрэҕэр биир эмэ предмеккэ ыарырҕатар эрэ буоллаҕына, ону даҕаны кылаастан икки оҕону талан ылаллар.
Людмила, Дьокуускай:
– Элбэх продленканы боруобалаатыбыт. “Автоняня” диэни кытта туһана сылдьыбыппыт. Онтон кылааспытыгар биир ийэ оскуолабыт таһыгар офиснай дьиэҕэ биир хоһу куортамнаан продленка өҥөтүн оҥорорун туһунан биллэрбитигэр, үөрүүнэн онно көспүппүт. Ыйга 10 тыһыынчаны төлүүбүт, оҕолорбутун сатыы оскуолаттан ылар, бэйэлэрин ыһыктарын илдьэ тиийэн эбиэттииллэр. Уруоктарын ааҕаллар, араас оҥоһуктары оҥороллор, оонньууллар, киэһэ биирдэ тиийэн ылабыт. Бары биир кылаас оҕолоро буолара үчүгэй эбит.
Онон кылаастан биир эмэ баҕалаах төрөппүт төлөбүргэ маннык дьарыктаныан сөп эбит дии санаатым. Официальнай, лицензиялаах кииннэрдээҕэр сыаната икки бүк чэпчэки буолан тахсар.
Сардаана:
– Мин начаалынай кылаастарга продленкаҕа сылдьан улааппыт оҕобун. Ол 90-ус сылларга этэ. Астара соччото суох буолара. Уруок ааҕыыбыт “самоподготовка” диэн ааттааҕа, ол аата бэйэбит талбыппытынан оҥосторбут, учуутал көмөлөспөт этэ. Арай таһырдьа элбэхтик оонньуурбут.
Төрөппүт үлэлиир кэмигэр кыра оҕо дьиэҕэ соҕотох олороро соччото суох диэммит, оҕобутун бастакы кылааска продленкаҕа таспыппыт. Маныаха үөрэтэр, дьарыктыыр хаачыстыбаларыгар болҕомто уурбат эбиккин, кылаабынайа оскуолаттан чугас буолуон наада этэ. Бастакы кылаас оҕото күҥҥэ 3-4 уруоктаах буолар, 11-12 чаас саҕана бүтэр, ону эбиэтим кэмигэр түбэһиннэрэн ылан продленкаҕа илдьэн туттарарым, киэһэ үлэбит кэннэ оҕобутун ылан ааһарбыт. Биллэн турар, оҕо сылайар эрээри, соҕотох олорорунааҕар ордук. Онтон иккис кылаастан куорат оҕото үксэ бэйэтэ сылдьа үөрэнэр, дьиэтигэр кэлэн бэйэтэ дьаһанан аһыыр, уруогун ааҕар. Эбэтэ, эһэтэ суох ыал оҕото кыһалҕаттан даҕаны эрдэ самостоятельнай буолар.
Продленка үчүгэй өрүттэрэ:
– Сыанатыгар таһаардахха, продленка ньээҥкэни наймыласпыттааҕар чэпчэки буолан тахсар – чааһа 250 солк. саҕаланар;
– Оҕо көрүүлээх-истиилээх буолар;
– Итии аһылык тэриллиэн сөп;
– Оҕо табаарыстарын, бииргэ үөрэнэр оҕолорун кытта ыкса бодоруһар;
– Таһырдьа салгыҥҥа күүлэйдиир;
– Педагог оҕо өйдөөбөтөх тиэмэтин быһааран, чиҥэтэн биэрэр;
– Дьиэтээҕи сорудаҕын барытын толорор;
– Куруһуоктарга таһыахтарын сөп.
Мөкү өрүттэрэ:
– Сыаната ыарахан. Үрдүк хамнастаах эрэ киһи уйунуон сөп;
– Оҕо күнү быһа атын сиргэ сылдьарыттан сылайар;
– Төрөппүтү кытта алтыһыы, тыыннаах кэпсэтии биллэ аҕыйыыр;
– Аһылык хаачыстыбата мөлтүүр, ыһыгынан эрэ үссэнэн сыдьыан сөп.
***
Халлаан тымныйыыта массыыналаах суоппардарга оҕону оскуолаҕа таһыы барыстаах бизнес буолуон сөп. Оттон оскуола таһынааҕы продленкаларга миэстэ былдьаһык. Онон информацияны үөрэтиҥ, таба тайаныҥ.