03.10.2020 | 12:24

ПРИЮККА 350 ЫТ БААР

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэйдиэ сылдьар кыыллар тустарынан иһитиннэриилэри биир кэлим диспетчерскэй сулууспа (ЕДДС) дьуһуурунайдара туталлар. Төл.: 44-42-29

“Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуун”, норуокка биллэринэн, “Кыыллар приюттарын” үлэһиттэрэ кэпсээбиттэринэн, күн аайы кинилэргэ 30-ча ыты тутан аҕалаллар. Билигин приюкка 348 ыт баар.

Ыты тутуунан анал биригээдэ дьарыктанар. Бэйдиэ сылдьар ыттары тиэйэр анал оҥоһуулаах массыына ЕДДС-ттан кэлэр сайаапкаларынан үлэлиир. Бэйдиэ сылдьан дьоҥҥо кутталы үөскэппит ыттары тутан аҕалан араас быһыылары туруораллар уонна чип кэтэрдэллэр. Эмтээн, стерилизациялаан баран босхо ыыталлар.

Куоскаларынан билиҥҥитэ дьарыктамматтар. Мантан кыһын куоскалары тутар кыахтаныахтара.

Санатан эттэххэ, быйылгыттан Арассыыйаҕа кыылга-сүөлгэ эппиэтинэстээх сыһыаны өссө кытаанахтык ирдиир, икки атахтаах түөрт атахтааҕы кытта сыһыанын атын таһымҥа таһаарар саҥа сокуон олоххо киирдэ. Аны бырах сылдьар ыттары өлөрүү бобулунна.

Дьон олоҕор сэрэхтээх, кутталынан суоһуур кырыктаах ыттары тыыннаахтарын тухары тутар, көрөр-харайар приюттар тэриллиэхтээхтэр. Оттон тулалыыр эйгэҕэ, дьоҥҥо соччо куттала суох кыыллары стерилизациялаан, вакцинациялаан, анал чип кэтэрдэн баран босхо ыытыллыахтаах… Бу барыта улахан  үбүлээһини эрэйэр.

ЫРААС, БЭЛЭМ ЫТЫ БУОР БОСХО ИИТЭ ЫЛЫАХХА СӨП

Даача сезона бүтэн, дьон сайын устата оонньуур курдук оҥостон, ыт оҕотун иитэн баран, күһүн аҕалан туттаран кэбиһэллэр диэн пуун үлэһиттэрэ хом санаалаахтар. Ол иһин билигин приюкка ыт ахсаана олус элбээн турар. Ыты ылардааҕар, аҕалан туттарар дьон ахсаана элбэх.

“Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуунтан” ким баҕарар түөрт атахтаах доҕор оҥостор ытын буор босхо талан ылыан сөп. Ыттар бары быһыылаахтар, доруобайдар, саҥа хаһаайын пааспардаах кэлэн талбыт ытыгар чип туруортарар.  

“Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуун”  аадырыһа: Очиченко уул., 57.

Бэнидиэнньик-оптуорунньук – санитарнай күннэр, дьону киллэрбэттэр.

Онтон атын күннэргэ пуун сарсыарда 09.00 чаастан күнүс 16.00 чааска диэри үлэлиир.

Ыттарга аһылыгынан көмөлөһүөн баҕалаах дьонтон ханнык баҕарар ас көрүҥүн ылаллар. Араас хааһыны буһарар куруппа, эт, балык  кэнсиэрбэтэ уонна да атын ас барсар. 

Маны тэҥэ, кыһын чугаһаан эрэринэн сибээстээн, таһырдьа сытар ыттарга сылаас буудкалар наадалар. Былырыын оскуола оҕолоро технология уруогар ыт дьиэлэрин тутан бэлэхтээбиттэрэ, быйыл эмиэ оннук гыналлара буоллар диэн эрэнэллэр. Ордук улахан алабайдарга табыгастаах буудка көстөн биэрбэт эбит. Кыһын куоскаларга сытар сыттыктар, сымнаҕас оонньуурдар наадалар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...