13.07.2024 | 11:08

Приемнай дьиэ кэргэннэр ыһыахтаатылар

Приемнай дьиэ кэргэннэр ыһыахтаатылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэс ыйын 27 күнүгэр «Ил Эйгэ» сынньалаҥ комплексыгар өрөспүүбүлүкэ приемнай дьиэ кэргэннэрэ ыһыахтаатылар. 
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын эпиэкэҕэ уонна бэпэчиитэлистибэҕэ департаменын, Дьокуускай куорат приемнай дьиэ кэргэннэрин сэбиэтин уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин приемнай дьиэ кэргэннэрин ассоциациятын көҕүлээһиннэринэн ыытыллыбыт тэрээһин Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар ананна.
Приемнай дьиэ кэргэннэр ыһыахтара Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр приемнай дьиэ кэргэн статуһун үрдэтиигэ, тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору иитии хаачыстыбатын тупсарыыга дьоһун болҕомто уурулларын биир көстүүтэ.
Ол курдук ыһыахха 164 оҕолоох 38 приемнай дьиэ кэргэн кытынна. Оттон тэрээһини эстрада ырыаһыта, эпэкиин аҕа Мирослав Егоров иилээн-саҕалаан ыыппыта, «Дьоллоох дьиэ кэргэн» приемнай дьиэ кэргэннэр өрөгөй ырыаларын өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр Оксана Алексеевна уонна Александр Иванович Павловтар приемнай дьиэ кэргэн Арчылаананы уонна Алгыстаананы кытта ыллаабыттара ураты көстүү буолла.
Бу күн кыргыттарга «Кэрэ Куо», «Уhун суhуох», төрүт аска  «Алгыстаах ас», төрүт таҥаска «Узоры Якутии» күрэхтэр, уолаттарга «Бэргэн оонньуулара», «Хабылык, хаамыска, күөрчэх» күөн күрэстэр ыытылланнар, ыһыах ыалдьыттарын сэҥээриитин ыллылар. 
Спортивнай оонньуулары ыытыыга Олохтоох дьаһалта физическэй култуураҕа уонна спорка управлениета көмөлөстө. 
Кыайыылаахтарга сыаналаах бириистэр, харчынан бириэмийэлэр туттарылыннылар. 
Эһиилги ыһыах Уус Алдан киинигэр Бороҕоҥҥо ыытыллар буолла. СӨ приемнай дьиэ кэргэннэрин ассоциацията онуоха анаан быйылгыттан көһө сылдьар кубогу оҥорон туттарда, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта эпиэкэҕэ уонна бэпэчиитэлистибэҕэ департамена. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....