03.05.2024 | 16:00

Приемнай дьиэ кэргэни үйэлэрин тухары арыаллыыбыт

Приемнай дьиэ кэргэни  үйэлэрин тухары арыаллыыбыт
Ааптар: Розалия ТОМСКАЯ
Бөлөххө киир

2024 сылга Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн, ийэ, аҕа тапталыгар наадыйар оҕолор тустарынан, оҕону иитэ ылыан баҕалаахтарга сүбэ-ама, көмө буолар рубрикабыт кэскили түстүүр үлэтин сөргүттэ.
Биһигини кытта Хаҥалас улууһугар баар Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар Киин үлэлэһэр. Маннык Кииннэр билигин Саха сирин аҕыйах улууһугар бааллар уонна тулаайах оҕо дьиэ кэргэҥҥэ эрэ иитилиннэҕинэ киһи буолан тахсарын өйдөтөр, оҕону иитэ ылар дьоҥҥо тирэх буолар сыаллаах үлэлииллэр. Ыйытыылардаах буоллаххытына, аллараа ыйыллар төлөпүөннэринэн билсиэххитин сөп.

“Айыыһыт” рубрикабыт бүгүҥҥү таһаарыытыгар приемнай дьиэ кэргэни арыаллааһын туһунан кэпсиэхпит. Оҕону иитэ ылбыт ыалы Киин үлэһиттэрэ улаатан киһи буолуор диэри арыаллыыллар, көмө буолаллар. Ииттэрэ биэрэн баран умнан кэбиһэр оҕо дьиэлэрэ билигин суохтар – ол урукку үйэ бэрээдэгэ этэ. Билиҥҥи үйэҕэ иитиллиигэ барбыт оҕо дьиэ кэргэҥҥэ үчүгэйдик олохсуйарыгар, судаарыстыба дьиэтигэр төннөн кэлбэтин туһугар, толору дьиэ кэргэҥҥэ этэҥҥэ олорон бигэ тирэхтээх киһи буолан тахсарыгар үгүс оҥоһуллар. 

 

Ол туһунан Мохсоҕоллоохтооҕу Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмө буолар киин социальнай педагога Анжелика Васильевна Пудова кэпсээтэ:

– Төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕо дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибитин кэннэ, бэрээдэк быһыытынан, балтараа сыл устата, ол эрэн олох көрдөрөрүнэн оннооҕор төһө эмэ өр буолуон сөп, оҕо дьиэ кэргэҥҥэ киирэн адаптацияны ааһар кэмигэр биһиги наар аттыларыгар буолабыт. Икки атын-атын эйгэ, атын-атын үөрүйэхтэрдээх дьон көрсөллөр – оҕо уонна кини киирэр дьиэ кэргэнэ. Устунан бэйэ-бэйэлэригэр үөрэнсэн, чугастык санаһан, ылларан, өйдөһөн бараллар.

Дьиэ кэргэн оҕону иитэ ылбыт буоллаҕына, арыаллааһын бастайааннай буолар. Ол аата биһиги кинилэри сотору-сотору хонтуруоллуубут, оҕо олорор усулуобуйатын бэрэбиэркэлиибит диэн буолбакка, дьиэ кэргэн туох эмэ күчүмэҕэйдэри туорууругар, араас кыһалҕаларын утары быһааран иһэригэр көмө буолабыт. Сыл аҥаарыгар биирдэ ыалдьыттыы тиийэбит, дьиэ кэргэн каартатын саҥардан иһэбит. Оҕо тугунан дьарыктанарын, үөрэҕэ хайдаҕын, туох интэриэстэммитин, иллэҥ кэмин хайдах атаарарын барытын билсэ сатыыбыт.

 

Иккистээн тулаайах хаалбатын ситиһиэхтээхпит

– Арыаллааһын хас да көрүҥнээх буолуон сөп: адаптация кэминээҕи, суһаллык оҥоһуллар уонна критическэй кэмҥэ арыаллааһын.

Адаптация кэминээҕи арыаллааһын балтараа сыл эбэтэр онтон уһун буолуон сөп. Ону ааспыттарын кэннэ арыаллааһын үлэтин базовай таһым диэҥҥэ таһаарабыт – салҕыы үйэлэрин тухары аттыларыгар сылдьан үлэлэһэбит. Туох эмэ көмө наадатын билсэ тиийэ сылдьабыт, сирэй көрсөн кэпсэтэбит. Холобур, ийэ киһиэхэ эстии диэн баар (билигин “материнское выгорание” диэн өйдөбүлү кытта уйулҕаһыттар үлэлииллэрэ үксээн турар), онуоха биһиги кэмигэр бэлиэтии көрөн көмө оҥоруохтаахпыт. Эбэтэр оҕо улаатан үөрэҕин, инники идэтин талар кэмигэр, үөрэххэ туттарсарыгар көмөҕө, сүбэҕэ-амаҕа наадыйаллар – биһиги туһалаах информацияны барытын хомуйан, саас-сааһынан сааһылаан, оҕоҕо уонна кинини иитэр төрөппүттэригэр биэрэбит, сүбэлэһэбит, бары уопсай быһаарыныыны ылынабыт.

Суһал уонна критическэй арыаллааһын ньымалара дьиэ кэргэн сайаапкатынан оҥоһуллан бараллар. Манна дьиэ кэргэҥҥэ барытыгар психолог көмөтө баар буолар (1-3 ый устата). Биһиги дьиэ кэргэн олоҕор орооспокко, тиийэн кэлэ-кэлэ бэрэбиэркэлэри ыытан дьону эрэйдээбэккэ, дьиэ кэргэни кытта истиҥ сыһыаны олохтоон үлэлэһэбит. Бастатан туран, биһиги бэрэбиэркэлиир уорган буолбатахпыт, көмөлөһөр, өйөбүл буолар сыаллаах-соруктаах үлэлиир Кииммит.

Саамай улахан сүрүн сыалбыт – оҕо иккистээн тулаайах хаалбатын ситиһиэхтээхпит. “Вторичное сиротство” диэн тиэрмин, хомойуох иһин, билиҥҥи олоххо баар буолбута ыраатта. Ол иһин дьиэ кэргэни ыгылыппакка, кинилэр иннилэригэр кытаанах ирдэбиллэри туруорбакка, доҕордуу-атастыы сыһыаны олохтуурга үлэлэһэбит. Холобур, ыйга биирдэ бэсиэдэлэри, трениннэри ыытабыт.

 

Олох бары эйгэтигэр өйөбүл буолабыт

– Хаҥалас улууһугар “Сердцедар” диэн тулаайах оҕону иитэ ылбыт дьиэ кэргэн кулууба наһаа үчүгэйдик үлэлиир. Биир санаанан салайтарар дьон, олохторун тулаайах оҕону иитэн киһи оҥорон таһаарыыга анаабыт ийэлэр-аҕалар көрсөн кэпсэтэллэр, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөр. Араас маастар кылаастары ыыталлар, бэл, бииргэ үҥкүү туруоруохтарын сөп – оннук истиҥ сыһыан олохтоммут кулууба. Ханнык да кыһалҕалаах кэллэхпинэ, “Сердцедар” дьоно миэхэ көмөлөһүөхтэрэ диэн эрэх-турах сананаллар.

Оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэри босхо семинардарга кытыннарабыт, холобур, психологтар уонна учууталлар үөрэтэр семинардарыгар суруттарабыт.

Коммерческайа суох “Дьол уйата” диэн тэрилтэни кытта “Эр хоһуун үөрэҕэ” уонна “Кыыс Куо үөрэҕэ” диэн тэрээһиннэри ыытабыт – эр киһи, дьахтар хайдах буолуохтааҕын, дойдунаат тыыныгар, уол оҕону иитиигэ эр киһи холобурун, кыыһы иитиигэ ийэ такайыытын биэрэр сыаллаах-соруктаах ыытыллар. Манна быраабы, бэрээдэги кэтиир уорганнар үлэһиттэрин уонна да атыттары кытта утумнаахтык үлэлэһэбит.

“Форум замещающих семей” диэн буолан ааста – төгүрүк остуоллар, маастар-кылаастар ыытылыннылар, төрөппүттэр туһааннаах уорганнар үлэһиттэрин кытта көрсөн интэриэһиргиир ыйытыыларыгар хоруй ыллылар, бастыҥнар наҕараадаланнылар.

Аны туран биһиги Кииммит дьиэ кэргэннэри арыаллааһына уйулҕа өттүнэн эрэ буолбакка, юридическэй боппуруостары быһаарыыга кытта көмө буолар. ОДьКХ өҥөлөрүгэр чэпчэтиилэри ылыыга, суут инстанцияларынан араас боппуруостарынан сүүрүүгэ-көтүүгэ барытыгар ылсабыт. Мэдиссиинэ өттүнэн оҕо доруобуйатын көрүүгэ-истиигэ, тупсарыыга көмөлөһөбүт. Быһатын эттэххэ, олох бары эйгэтигэр өйөбүл буолар кыахтаахпыт.

 

Приемнай дьиэ кэргэн оскуолатыгар суруттарар нүөмэрдэр: +79142770360, +7141020328

 

Ийээ, хаhан кэлэҕин?

 

Александрия, 10 саастаах.

Ылсыбытыгар барытыгар олус кыһамньылаах, дьоҥҥо-сэргэҕэ элэккэй кыыс. Үлэҕэ сыстаҕас, бэйэтин көрүнэр.

Эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа бэриллиэн сөп.

Доруобуйатын туруга: 3-үс бөлөх.

Ийэтин, аҕатын бырааптара быһыллан көрөр-истэр киһитэ суох хаалбыт.

Бииргэ төрөөбүттэрэ суох.

Артем, 8 саастаах.

Киэҥ көҕүстээх, холку, этиһэ-охсуһа сылдьыбат, наҕыл уол. Бэйэтин-бэйэтэ дьаһанар, үтүө санаалаах, элэккэй. Аккуратнай, малыгар-салыгар олус харыстабыллаах сыһыаннаах. Билбэт дьонуттан бастаан утаа кыбыстыан, симиттиэн сөп. Саастыылаахтарын уонна улахан дьону кытта уопсай тылы булар, киһини бэйэтигэр түргэнник чугаһатар.

Эпиэкэҕэ уонна попечительствоҕа бэриллиэн сөп.

Доруобуйатын туруга: 3-үс бөлөх.

Ийэтин бырааба быһыллан көрөр-истэр киһитэ суох хаалбыт. Аҕатын төрөөбүтүн туһунан туоһу суругуттан суут быһаарыытынан сотторбуттар.

Бииргэ төрөөбүттэрдээх.

Валерия, 6 саастаах.

Үтүө санаалаах, кэпсэтинньэҥ, иитээччилэрин уонна оҕолору кытта алтыһарын сөбүлүүр. Олус эппиэтинэстээх, туруоруммут сыалын хайаан да ситиһэр дьулуурдаах. Иитээччилэригэр көмө буоларын сөбүлүүр.

Эпиэкэҕэ уонна попечительствога бэриллиэн сөп.

Доруобуйатын туруга: 2-ис бөлөх.

Ийэтин бырааба быһыллан көрөр-истэр киһитэ суох хаалбыт.

Аҕатын туһунан төрөөбүтүн туһунан туоһу суругар информация суох.

Бииргэ төрөөбүттэрдээх.

Дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ бэриллэр оҕолор доруобуйаларын туруга хайаан да суруллар – бөлөҕүнэн арахсар.

1-кы бөлөх: доруобай оҕолор, эт-хаан уонна уйулҕа өттүнэн сайдыылара кэһиллиитэ суох.

2-ис бөлөх: хроническай ыарыыта суох чэгиэн оҕолор. Кэккэ функциональнай уонна морфофункциональнай кэһиллиилээхтэр. Холобур, инфекционнай ыарыылары этэҥҥэ аһарыммыттар; эндокриннай патологията суох, эт-хаан сайдыытын өттүнэн кыра халыылаахтар.

3-үс бөлөх: хроническай ыарыылаахтар, эмтэнэн үчүгэй турукка киирбиттэр. Араас эчэйиилээх, эпэрээссийэлээх буолаллар, ол эрэн үөрэнэр, үлэлиир толору кыахтаахтар.

4-үс бөлөх: хроническай ыарыылаахтар, билигин ыалдьа сылдьаллар, чаастатык бэргииллэр. Доруобуйатын туругунан оҕо олоҕор мэһэйдэри көрсүөн сөп.

5-ис бөлөх: ыарахан хроническай ыарыылаахтар, үөрэнэллэригэр, үлэлииллэригэр хааччахтаахтар.

Оҕо доруобуйатынан ханнык бөлөххө хапсарын педиатр эбэтэр оҕо дьиэтин бырааһа, диспансеризация, медицинскэй чинчийии түмүгэ быһаарар.

Оҕолор тустарынан толору информацияны бу нүөмэринэн билсиэххэ сөп: +7 (41144) 4-83-14 – Профилактика уонна оҕолоох дьиэ кэргэттэри арыаллыыр салаа.

Бассаабынан суруйарга: 8-914-277-03-60

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...