Поликлиникаларга уонна балыыһаларга грипп ыарыытын босхо тестээһин ыытыллыаҕа
Арассыыйа Федерациятын бырабыыталыстыбата бигэргэппитинэн, грипп уонна да атын респираторнай ыарыылары тестээһин балыыһаларга уонна поликлиникаларга босхо, медицинскэй полиһынан оҥоһуллуоҕа.
«Итинник быһаарыы грипп, ону таһынан коронавирус дьаҥын ахсаана үрдээбитинэн сибээстээх. Тестээһин киһи тугунан ыалдьыбытын суһаллык быһаарарга уонна эмтииргэ көмөлөһүөҕэ. Грипп уонна ОРВИ чинчийиитэ ПЦР анаалыһы кытта тэҥҥэ оҥоһуллуон сөп», — диэн этиллэр бырабыыталыстыба сайтыгар.
Итиннэ сыһыаннаах дьаһалга премьер-миниистир Михаил Мишустин илии баттаата. Бу иннинэ Роспотребнадзор салайааччыта Анна Попова дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин мунньаҕар ОРВИ-нан ыалдьыбыт сибикилээх дьону гриппкэ бэрэбиэркэлээн тестиир наадатын эппитэ.
Роспотребнадзор дааннайдарынан, ахсынньы 13 күнүнээҕи туругунан грипп вируһа үрдээн 52,5% тиийбит. Штаммнартан саамай үгүстүк сибиинньэ грибэ көстөр.