Полигоҥҥа 350 тыһ. куб/м хаар тиэйилиннэ
Сааскы санитарнай ыраастаныы ыстаабын нэдиэлэтээҕи мунньаҕар этиллибитинэн, куорат полигонугар 350 тыһ. куб/м тахса хаар тиэйиллибит.
Ол иһигэр «Якутдорстрой» АУо 250 тыһ. куб/м тиэйбит, бэдэрээттээх тэрилтэлэринэн 100 тыһ. куб/м тахса тиэйиллибит.
Бу күннэргэ сааскы халааны сэрэтэр тэрээһиннэр ыытылла тураллар, ол иһигэр уу ааһар турбаларын ириэрии үлэтэ ыытыллар. Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла аадырыска баар куорат хаары сүөкүүр полигона график быһыытынан үлэлиир. Маны сэргэ «Якутдорстрой» ыксаллаах быһыы-майгы үөскүүр түгэнигэр Птицефабрика оройуонугар быстах кэмнээх полигону бэлэмниир.
«Жилкомсервис» МУП 400 куб/м курдук мууһу уонна 2 тыһ. куб/м тоҥ бөҕү тиэйбит.
Уокуруктар, нэһилиэктэр, туһааннаах структуралар салайааччыларынан хаары уонна мууһу тиэйии үлэтэ салҕанар, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс сулууспата.