22.07.2021 | 14:17

Покрышкин уулуссатыгар тырааныспар сырыытыгар хааччахтааһын киирэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Уокуруктааҕы дьаһалтата, 2021 сыл от ыйын 1 күнүнээҕи 1260р №-дээх «Покрышкин уулуссатыгар   суолга  быстах кэмҥэ тырааныспар сырыытын хааччахтыыр туһунан» Дьаһалга олоҕуран, суолга куттал суох буолуутун хааччыйар сыаллаах өрөмүөн үлэтинэн – Покрышкин уулуссатын 78/2 нүөмэрдээх дьиэ учаастагар хаа (футляр) уонна инженернэй тутуулар оҥоһуллалларынан сибээстээн, 2021 сыл от ыйын 23 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан 16 чааска диэри тырааныспар сырыытыгар хааччахтааһын киирэрин туһунан иһитиннэрэр.
2 №-дээх оптуобус "Санаторий" түмүктүүр тохтобула өрөмүөн кэмигэр быстах кэмҥэ "Белое озеро" тохтобулга көһөрүллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...