Поеһынан айаннааччыларга билиэт атыыта саҕаланна
«Саха сирин тимир суоллара” АУо пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 27 күнүттэн билиэт каассаларыгар уонна «Арассыыйа тимир суоллара” ААУо официальнай саайтыгар Аллараа Бэстээх – Тыында хайысханан бэс ыйын 15 күнүгэр хоҥнуохтаах 327/328 №-дээх пассажирдары тиэйэр поезка, ону сэргэ Владивостокка, Благовещенскайга, Иркутскайга тиийэ барар вагоннарга билиэт атыыта саҕаланна.
Аллараа Бэстээх – Тыында хайысханан пассажирдары тиэйэр поезд күн аайы айанныыр уонна 23 чааһынан тиийэр. Бэс ыйын 15 күнүттэн атын поезка уларытан олордуута суох Владивосток хайысханан сырыы эмиэ саҕаланыа.
Пресс-сулууспаҕа этэллэринэн, саҥа расписание киирдэҕинэ, Хабаровскайга, Владивостокка, Благовещенскайга уонна Иркутскайга тиийэр бириэмэ кылгаан биэрэр. Холобур, Аллараа Бэстээхтэн Хабаровскайга диэри 2 суукканан тиийиэххэ сөп. Ити билиҥҥи расписаниеттан 9 чааһынан түргэн. Благовещенскайга диэри 1 суукка 17 чааһынан (айан 8 чааһынан кылгыыр), Иркутскайга диэри 2 суукка 23 чааһынан (5 чааһынан түргэнник), Владивостокка 2 суукка 13 чааһынан тиийиэххэ сөп буолар.
Бэс ыйын 3 күнүгэр диэри Иркутскайга, бэс ыйын 15 күнүгэр диэри Аллараа Бэстээх – Нерюнгри, Хабаровскай, Благовещенскай хайысханан пассажирдары тиэйэр поезтар сырыылара салҕанар.
Билсэр төл.: 8(4112) 31-80-81