20.11.2020 | 08:11

“Подушка”, сатыы эбэтэр массыына?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Халлаан улаханнык тымныйа илик, билигин да ичигэс турар. Холобур, бу өрөбүллэргэ киин куоракка -5 кыраадыс этэ. Бүлүү бөлөххө үөн-көйүүр тиллибит, олохтоохтор кумаар, оннооҕор лыах көтө сылдьарын көрбүттэр.Онон хаайтарыы уһуура сабаҕаланар.

Күн-дьыл биһигиттэн ыйыппат

Тырааныспар уонна суол-иис хаһаайыстыбатын министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Хатас-Павловскай хайысханан өрүһү туоруур кыһыҥҥы суолу оҥорорго бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллар. Быйыл муус хас да хонук хойутаан турда.

“Фарватер үлэтэ күн-дьыл туругуттан тутулуктаах. -30 кыраадыс тымныы турдаҕына, үлэ түргэнник барыа, ол эрээри өссө да сылаас турара сабаҕаланар. Ол, биллэн турар, суол үлэһиттэригэр мэһэйдиир”, – диир СӨ айан суолларыгар управлениетын генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Семен Сметанин.

Суол үлэһиттэрэ Өлүөнэ эбэ киин өттүгэр киирэ иликтэр. Икки кытыл кытыытыгар сылдьаллар. Суол оҥоһуллуохтаах сиригэр мууһу ыраастыыллар. Хатас өттүгэр кумах кутуу, суолу кэҥэтии, шлагбаум, ыйааһыны бэрэбиэркэлиир пуун туруоруллара хаалбыт.

Урукку сылларга трассировка сэтинньи саҕаланыыта саҕаланар буолара. Билигин тымныйа илик. Хатас-Павловскай хайысханан өрүс суола эрдэлээбитэ сэтинньи бүтүүтэ, хойутаабыта ахсынньы саҕаланыыта аһыллара күүтүллэр.

Бу кэмҥэ салгын сыттыктаах суудуналар, норуокка биллэринэн, “подушкалар” сырыылара үксүүр, эбэҕэ аҥаардас кинилэр эрэ баһылыы-көһүлүү сылдьаллар. Ол курдук, Дьокуускай-Аллараа Бэстээх хайысханан айан сыаната улахан дьоҥҥо 1500 солк., 5-10 саастаах оҕолорго – 750 солк.

Олоҕунан оонньоомоҥ!

Сэтинньи 1 күнүттэн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уу эбийиэктэригэр куттала суох буолуу ыйа биллэрилиннэ. Бу кэмҥэ инспектордар уу эбийиэктэрин кэтээн көрөллөр, хонтуруоллууллар. Күннэтэ муус халыҥа кээмэйдэнэр, тырааныспар көҥүлэ суох сылдьар сирдэрэ быһаарыллар. ГИБДД, тырааныспар полициятын үлэһиттэрэ, бэйэни салайыныы уорганнара, административнай хамыыһыйалар, баһаарынайдар, быыһааччылар, уопсастыбаннай түмсүүлэр, волонтердар, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр бииргэ үлэлииллэр.

Бу күннэргэ биир биллэр форуму кэтээн көрдүм. Хас күн аайы эбэни ким туораабытын, ханан сылдьалларын сураһаллар. Суоппардар форумнарыгар эмиэ. Суолу ыйдарааччылар, “сүбэлээччилэр” элбэх буолан биэрдилэр.

Өрүһү ханан туоруулларый? Бараары гынным Вчера, 08:53     125 Рубрики: Кэпсээ    Дьоhун саас    Санаалар    Ответить  Нравится 0   Ответов 4 Написать ответ   Вчера, 09:39 –СатыыТабаҕанантуорууллар,Хаптаҕайгатиксэҕин. –Эбэтэр Жатайынан Төхтүргэ тиийэҕин, өссө чугас. –Эбэтэр Хатаһынан Павловскайга тахсаҕын. –Эбэтэр Хатаһынан тахсан баран улахан арыы кэнниттэн хаҥас өттүгэр бараҕын, вышканан сирдэтэн, оччоҕо Аллараа Бэстээххэ тахсаҕын.

Төһө эмэ суол аһыллыар диэри тимир көлөлөр эбэни туорууллара көҥүллэммэтин үрдүнэн, муус чараас сытарын билэ-билэ, суоппардар эбэни туоруу сатыыллар диэн СӨ быыһыыр сулууспата иһитиннэрэр. Туох да диэбит иһин, ыксаабыт дьону туох да тохтоппот. Маннык түгэҥҥэ биир ыйытыы үөскүүр: олох дуу, өлүү дуу?

Кыра уйуктаах массыына куттала суох сылдьарыгар муус халыҥа 30 см кыра буолуо суохтаах. Таһаҕас тиэйэр массыыналарга (массыына бэйэтин ыйааһыныттан тутулуктаах) – 30-тан 60 см диэри.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин кыра суудуналарга Судаарыстыбаннай инспекцията иһитиннэрэр: мууска көҥүлэ суох киирии иһин административнай эппиэтинэскэ тардыллыаххытын сөп. Ыстараап кээмэйэ: физическэй сирэйдэргэ – 3 тыһ. солк. 5 тыһ.солкуобайга диэри; дуоһунастаах дьоҥҥо – 20 000 – 50 000 солк.; юридическай сирэйдэргэ – 100 000 солк. 1 мөлүйүөҥҥэ диэри.

Хата, этэҥҥэ быыһаммыттар

Сэтинньи 15 күнүгэр сарсыарда Кангалаас-Суотту хайысханан эбэни туораан испит Toyota Ipsum ууга тимирбит. Айаннаан испит суоппар уонна үс киһи, хата, быыһаммыттар.

“Бары тыыннаахтар. Бары тахсыбыттар. Муус халыҥа – 15 см”, – диэн ЫБММ Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ким буруйдааҕый? Суоппар? Харчыга хараҥаран? Төһөнү барыһыраары? Айанньыттар? Бу дьон хаайтарыы кэмигэр куоракка күүлэйдии, дьаарбайа кэлэн испэтэхтэрэ чахчы.

Оттон аҕыйах хонуктааҕыта Мэҥэ Хаҥаласка эмиэ биир быһылаан таҕыста. Ол курдук, Майаттан чугас күөлгэ массыына ууга түспүт.

“Олохтоохтор муус ыла сылдьыбыттар. Ол кэмҥэ УАЗ ууга түспүт. Ким да эмсэҕэлээбэтэ, суорума суолламмата”, – диэн биир кэлим сулууспа диспетчерскэйигэр иһитиннэрдилэр.

Эмиэ соторутааҕыта Чурапчы Болтоҥотугар ынахтар ууга түспүттэрин ааһан испит дьон быыһаабыттарын туһунан эмиэ истибит, көрбүт буолуохтааххыт.

Кыра кыһалҕалаахтар сылдьыбаттар

Любовь, куорат олохтооҕо:

–Соторутааҕыта таайбыт барахсан суох буолаахтаата. Тиһэх суолугар атаараары, дойдубутугар баран кэллибит. Эбэни “подушканан” туораабыппыт. Биир киһиттэн 1500 солк. Бырайыаспытыгар ороскуотурбатыбыт. Анараа биэрэккэ убайым аах кэлэн көрсүбүттэрэ. Онтон Аллараа Бэстээххэ бородуукталаан ааспыппыт.

Мин санаабар, биһиги курдук кыһалҕалаахтар эрэ кэлэллэр-бараллар. Сатыы дьону көрбөтөхпүт, баҕар, атын сиринэн сылдьаллара дуу, билбэтим. Массыына тимирбитин истибитим, аньыы, туох буолбут илэ өйдөөх дьон итинник өлөр өлүүгэ бэйэлэринэн киирэн биэрэллэрин өйдөөбөппүн. Олоҕу оонньуур оҥостоллор дии саныыбын.

Бүөтүр, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх:

–Соторутааҕыта идэһэ өлөрө диэн дойдубар баран кэллим. Аҕам бэйэтэ кыаммат, онон сыл аайы бэйэм тахсабын. “Подушканан” бөҕө буоллаҕа.Билэр уолум нөҥүө кытылга көрсүбүтэ. “Индрайвер” эмиэ сылдьар дииллэр.

Эппин суол турдаҕына тахсан ылабын. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да сылаас турар, онон өр күүтэрбит буолуо.

Галина, Чурапчы:

–Аҕыс сыллааҕыта эдьиийбит үбүлүөйүгэр куоракка киирээри, алтынньы 31 күнүгэр эбэни сатыы туораабыппыт. Сылгыбыт иһин, сүөгэйбитин үрүксээкпитигэр сүкпүтүнэн. Чурапчыттан Аллараа Бэстээххэ диэри таксинан кэлбиппит. Тоҕо эбитэ буолла, арааһа, “подушкалар” сылдьа илик кэмнэрэ буолуо. Баар-суох тапталлаах эдьиийбит, киһи-хара гыммыт күндү киһибит 50 сааһын бэлиэтиир дьоро күнүн көтүтэр санаабыт суоҕа. Онон сатыы түһүнэ турбуппут. Кэпсэтэ-кэпсэтэ кэлбиппит, бириэмэни билбэккэ да хаалбыппыт. Күтүөппүт көрсүбүтэ. 

Дьээбэ-хообо оҥостон

Соторутааҕыта маннык дьээбэ-хообо ис хоһоонноох биллэрии социальнай ситимнэргэ тарҕаммыта. Киһи итэҕэйиэн курдук, төлөпүөнэ барыта ыйылла сылдьар. Ону баара, бу киһи быраата дуу, убайа дуу дьээбэлэммит эбит.

“Хаартыскаҕа, кырдьык, мин турабын. Муҥхаттан төннөн испиппит. Кини төлөпүөнүгэр түспүппүн. Элбэх киһи эрийэр, бассаапка суруйар. Дьон итэҕэйбиттэр, оннооҕор ыйааһыннарын суруйан ыыталлар. Хоруйдуу сатаан сылайдым”, – диэн News.Ykt.Ru редакциятыгар кэпсээбит.

Көр-күлүү курдук эрээри, сорохтор эбэни салаасканан да соһуллан туоруурга бэлэмнэр эбит. Хаайтарыы – илин эҥээрдэргэ сылга иккитэ хатыланар хартыына. Арай бу кыһалҕа күүтүүлээх муостабыт тутулуннаҕына эрэ быһаарыллара чуолкай. Онуоха диэри дьон олоҕор куттал суоһуура тохтообот... 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...