Подъезкын сууйбаттар? Үҥүс!
СӨ Судаарыстыбаннай тутууга уонна дьиэни-уоту хонтуруоллааһыҥҥа управлениетын салайааччыта Павел Аргунов быһа эпииргэ салайар хампаанньалар элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр подъезтарын сууйбат-соппот эбэтэр графиктарын тутуспат түгэннэригэр киһи ханна, хайдах үҥсүөхтээҕин сиһилии кэпсээтэ.
«Бастаан салайар хампаанньаҕа этиллиэхтээх. Сайаапканы тылынан эбэтэр суругунан биэриэххэ сөп. Суругунан ордук диэн сүбэлиибин, оннук хонтуруоллуурга үчүгэй. Онно салайар хампаанньа уон күн устата суругунан хоруйдуохтаах. Өскөтүн оннук гымматаҕына, биһиэхэ үҥсэн, подъеһы сууйбаттарын, ону тэҥэ сурукка сокуонунан бигэргэтиллибит болдьоххо хоруйдаабатахтарын иһин эппиэккэ тардыаххытын сөп», – диэтэ кини.
Павел Аргунов подъезд кирдээҕин туһунан аакта толоруллуохтааҕын эттэ. Биллэн турар, салайар хампаанньа маннык аактаны толорбот уонна илии баттаабат буола сатыаҕа диэтэ. Кини этэринэн, аактаны икки интэриэһэ суох киһини кыттыһыннаран, бэйэҥ да толоруоххун сөп, оччоҕуна докумуон юридическай өттүнэн күүстээх буолар. Аактаҕа өҥө хаһааҥҥыттан хаачыстыбата суох оҥоһулларын (эбэтэр олох да оҥоһуллубатын) ыйыллыахтаах, оччоҕуна биирдэ салайар хампаанньаттан перерасчет ааҕылларын ситиһиэххэ сөп.
«Өскөтүн салайар хампаанньа онтон аккаастанар буоллаҕына, СӨ Судаарыстыбаннай тутууга уонна дьиэни-уоту хонтуруоллааһыҥҥа управлениетыгар үҥсүөххэ эбэтэр суукка биэриэххэ сөп», – диэн тоһоҕолоон эттэ Павел Аргунов.