24.05.2020 | 18:12 | Просмотров: 745

Подъезкын сууйаллар дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Коронавируһу уодьуганнааһыҥҥа куорат Салайар хампаанньалара, ТСЖ-лар, ону тэҥэ Куорат хаһаайыстыбатын эксплуатациялыыр сулууспа үлэлэрэ быыстала суох бара турар. Бэҕэһээҥҥи күн туругунан, 2424 элбэх кыбартыыралаах дьиэттэн 1356-тыгар дезинфекция оҥоһулунна.

Маҕаҥҥа, Мархаҕа уонна Хатаска дезинфекция былаанын 100 бырыһыан толордулар. Дьокуускайга дезинфекция тэтиминэн Губинскай уокурук инникилээн иһэр (80 %), Киин уонна Октябрьскай уокурук былааннарын ситиһэн эрэллэр.

Уунан сууйуу-сотуу олорор дьиэ 82 бырыһыаныгар оҥоһулунна.

Роспотребнадзор ирдэбилинэн, күҥҥэ иккитэ дьон саамай сылдьар сирэ анал суурадаһынынан дезинфекцияланыахтаах, подъезд нэдиэлэҕэ иккитэ хлордаах уунан сууллуохтаах.

Салайар хампаанньаҕыт эбэтэр ТСЖ дезинфекцияны ыыппат буоллаҕына үҥсүөххүтүн сөп:

ЕДДС -  (4112) 44-42-29, 44-42-51

Гостройжилнадзор -  (4112) 34-50-53, 34-26-44, төл./факс (4112) 34-22-49, эл. почта: ugszhn@sakha.gov.ru.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.