Подъезкын дезинфекциялаабат буоллахтарына үҥсүөххүн сөп
Дьокуускай коммунальнай сулууспалара коронавирус утары ыытыллар дезинфекцияны быйыл кулун тутар 17 күнүттэн саҕалаабыттара.
Сэтинньи 22 күнүнээҕи туругунан, дьон сылдьар сирин дезинфекциялааһын 1063 элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ ыытылынна – бу былаан 43 бырыһыана. 100 бырыһыан ыраастааһыны Губинскай уокурукка, Пригороднай сэлиэнньэтигэр, Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр ыыттылар. Сайсары – 96 %, Октбярьскай – 93 %, Гагаринскай – 74 %, Строительнай – 18 % дезинфекцияны ыыттылар.
Уунан сууйуу былааннаммыт 56 дьиэҕэ ыытылынна. Уопсайа 2424 дьиэҕэ сууйуу ыытыллыахтаах.
Роспотрьенадзор ирдэбилигэр олоҕуран, подъезка күҥҥэ иккитэ дьон сааамй сылдьар сирдэрэ дезинфекцияланыахтаах, нэдиэлэҕэ иккитэ хлордаах уунан сууйуу ыытыллыахтаах.
Ыарыыны сэрэтэр тэрээһиннэри олохтоох дьаһалта кытаанахтык хонтуруоллуур. Салайар хампаанньаҕыт, ТСЖ-гыт кэмигэр сууйбат, дезинфекциялаабат буоллаҕына Биир кэлим диспетчерскай сулууспаҕа эрийэн үҥсүөххүтүн сөп: 8 (4112) 44-42-29, 44-42-51 (суукканы эргиччи). Киирбит үҥсүүлэр тута управаларга тиэрдиллэллэр.
Маны тэҥэ Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатыгар иһитиннэриэххитин сөп: 8 (4112) 44-61-28, үлэ күнүгэр 9-13 ч. уонна 14-17 ч.