29.11.2023 | 15:00

Племенной сүөһү иитиитин сайдар кэскилэ түстэннэ

Племенной сүөһү иитиитин сайдар кэскилэ түстэннэ
Ааптар: Айыына Донская
Бөлөххө киир

Сэтинньи ыйга «Сахаагроплем» СӨ СБТ баазатыгар кислороду оҥорон таһаарар тэриллээх саҥардыллыбыт азотнай станция уонна ынах-сүөһүнү искусственнай сиэмэлээһин судаарыстыбаннай баана үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһылынна уонна итиннэ сөп түбэһиннэрэн, Уһук Илиҥҥи Федеральнай уокурук племенной сүөһү иитиитигэр исписэлиистэрэ кыттыылаах мунньах буолла.

Тэрээһиҥҥэ ыраах сиртэн – Москва куораттан «Генофонд СХЖ» ассоциация, Санкт-Петербургтан «Плинор» регионнааҕы киин, итиэннэ Благовещенскайтан, Владивостоктан, Читаттан, Улан-Удэттэн, Саха сириттэн  М. Г. Сафронов аатынан Тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр института, «Саха сүөһүтэ» генофонднай хааһына тэрилтэтэ уонна племенной репродуктордар тэрилтэлэрин салайааччылара кытыннылар. Мунньах чэрчитинэн атын регионнар племенной сулууспаларын кытта бииргэ үлэлээһин туһунан сөбүлэҥнэр баттаннылар. Делегациялар «Племэксперт» лабораторияҕа, искусственнай сиэмэлээһин станциятыгар, Нам улууһун Өргөлөөх сэлиэнньэтигэр баар саха сүөһүтүн генофонднай хаһаайыстыбатыгар уонна Хаҥалас улууһугар «Покровскайдааҕы кыылы иитэр пиэрмэ» ХЭТ сылдьан үлэни-хамнаһы билистилэр.

Ыалдьыттар сэргээбит миэстэлэриттэн биирдэстэринэн «Сахаагроплем» СӨ СБТ музейа буолла.

«Музейбыт 1985 сыллаахха тэриллибитэ. Сүрүн сыала – техник-осеменатордары уонна устудьуоннары үөрэтии, селекционнай-племенной үлэни кытта билиһиннэрии. Музей тэриллиитигэр улахан өҥөнү оҥорбут киһинэн племенной сулууспа урукку салайааччыта Иван Иванович Афанасьев буолар. Кини өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх зоотехнига, үлэ бэтэрээнэ Мария Георгиевна Маппыроваҕа музейы тэрийэргэ сорудахтаабыта.  Мария Георгиевна 1951 сыллаахха племенной сулууспа тэриллиэҕиттэн үлэлээбитэ. Кэлэр сыл ыам ыйын 1 күнүгэр кини төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Оччолорго мин хомсомуол сэкирэтээрэ этим. Настаабынньыгым салалтатынан матырыйаал бөҕө хомуйсубутум. Үлэбитигэр Бүтүн Сойуустааҕы сүөһү иитиитин института наһаа көмөлөспүтэ, итиннэ профессор Ирина Ивановна Соколовскаяны уонна академик Виктор Константинович Миловановы чорботон ааттыахпын баҕарабын. Кинилэр бастакы улахан экспонаттарбытын биэрбиттэрэ. Ыалдьыттарбыт музейбытын мэлдьи сэргииллэр, бу да сырыыга олус биһирээтилэр. Маннык элбэх баай матырыйааллаах музей Уһук Илиҥҥэ ханна да суоҕа этилиннэ. Саҥа сүүрээни киллэрээри салайааччыбыт, ветеринарнай наука кандидата Алексей Дмитриевич Жирков матырыйааллары цифровой көрүҥҥэ көһөрөргө бэлэмниир. Салгыы үлэлээн, сайыннаран, музейбыт үүнэр көлүөнэни иитиигэ, тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр сыһыарыыга көмөлөһө туруоҕа диэн эрэнэбит», – диэн кэпсээтэ музей сэбиэдиссэйэ, СӨ үтүөлээх зоотехнига,  2002-2019 сылларга «Сахаплемобъединение» искусственнай сиэмэлээһиҥҥэ салаатын начаалынньыга Татьяна Андреевна Протопопова.

 Тэрээһин чэрчитинэн атын регион сулууспаларын кытта бииргэ үлэлээһин туһунан дуогабардары түһэристилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...