25.04.2024 | 14:20

Пиону Сахабыт сиригэр үүннэрии

Пиону Сахабыт сиригэр үүннэрии
Ааптар: Галина Спиридонова
Бөлөххө киир

Куорат маҕаһыыннарыгар пион сибэкки атыыланар буолбута балайда ыраатта. Бастаан утаа атыылаһааччы аҕыйах буоллаҕына, кэлиҥҥи сылларга, этэргэ дылы, сэдэх мастан итэҕэһэ суох сыаналаах сибэкки силиһэ (сортовой от пиону сүрүннээн силиһин үллэрэн үүннэрэллэр) былдьаһык буолла.

Тоҕо диэтэххэ дьэрэкээн дьүһүннээх суорт пионнары сиэмэнэн үүннэрэр уопуттаах даҕаны оҕуруотчуттарга балайда уустук, үксүн саҥа суорт тахсарыгар селекционердар эрэ туттар ньымалара.

Соторутааҕыта «Саха» НКИХ оҕуруотчуттарга аналлаах «Кыыс сайын» биэриитигэр бу сибэкки силиһин атыылаһан баран, кыһын буоллаҕына, холодильникка тутуҥ, онтон саас баччаларга сибэкки иһитигэр олордуҥ диэн сүбэлээбиттэрэ. Маннык туран кини силис тардыбытын кэннэ бэс ыйын саҥатыгар, тымныылар аастахтарына, тэлгэһэҕэ таһааран анал миэстэтигэр олордор эбиттэр. Өскөтүн олордор сиригэр мунаахсыйар буоллахпытына, сайын устата сөптөөх иһиккэ үүннэрэн баран, күһүн аналлаах сиригэр көһөрүөххэ сөп эбит.

«Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар анаан Саха сиригэр пиону үүннэриинэн утумнаахтык дьарыктанар, биһиги тыйыс кыһыммытын пион курдук кэрэ сибэкки тулуйарын дакаастаабыт учуонай, биологическай наука хандьыдаата, ландшафт дизайнера Екатерина Афанасьеваны кытта кэпсэттибит:

– Ааспыт үйэ 70-80 сс. Биология институтун ботаническай саадыгар от пион суорда арааһа баара, чинчийии бөҕөтүн ыыталлара. Онтон уларыта тутуу сыллара кэлэннэр, наука быраҕыллан, ол баай кэллиэксийэттэн туох даҕаны хаалбатах эбит. Арай биир, ханныга биллибэт пиону тутан хаалбыттар. Эминньэҕинэн толору симиллибит хойуу, оросуобай өҥнөөх сибэккилээх, букекка даҕаны сатаан быһыллыбат намыһах уктаах. Мин аан бастаан көрбүт пионум ол этэ. 2013 сылтан бэйэм соҕурууттан пион силистэрин үлэһэн аҕалар буолбутум. Бүгүҥҥү күҥҥэ тус кэллиэксийэбэр 30-ча араас от пион суорда баар, сыл аайы саҥа матырыйаалынан хаҥатан иһэбин.

 

Пиону үүннэриигэ сүрүн алҕастар:

* сааскы уу тохтуур сиригэр олордуу;

* аһара дириҥник олордуу;

* силиһэ сытыйбыттааҕын аанньа ыраастаабакка сытытыы;

* Саха сирин кыһынын тулуйбат суорду талыы.

 

Саха сирин да тыйыс усулуобуйатыгар пион курдук мааны, кэрэ сибэкки үүнэрин ааһан, кыстыырын дакаастаатым. Ол курдук, бастатан туран, буорун уонна миэстэтин табыахха наада. Дьааматын 50-60 см дириҥ гына бэлэмниибит, дьааһыктаабакка эҥин күн үчүгэйдик көрөр миэстэтигэр сир кырсынан үүнэрин хааччыйабыт. Пион угун үрдүгэ 50-80 см тиийэр. Сибэккитин 2-3 сылыттан көрдөрөр. 4-5 сылыгар кыаҕын ылан, өлгөмнүк сибэккилиир. Сибэккитин диаметра 20 см тиийэр, биир сибэкки төһө өр турара эмиэ суордуттан тутулуктаах. Холобура, боростуой суортар, күн-дьыл мэһэйдээбэтэҕинэ, сибэккилэрэ 3-4 күн турар, хойуутук симиллибит эминньэхтээхтэр (махровай) – нэдиэлэҕэ тиийэ. Сааһын сиппит укка 30-40, эдэр (6-8 саастаах) укка 20-25 диэри сибэкки тахсыан сөп, онон ардыгар биир ыйга тиийэ сибэккилиир.

Маҥнайгы сылыгар тахсыбыт сибэккитин бутона бөлчүөх буолан биллээтин кытта, улаатыннарбакка, тонуур булгуччулаах. Сибэккилээн сэниэтин бараабатын диэн, итинник хааччахтыыбыт. Маҥнайгы сылыгар силиһэ төһөнөн сайдар даҕаны, соччонон түргэнник кыаҕын ылар, хойуутук сибэккилиир. Саас хас сэбирдэҕи сайыннарар да, ол курдук сайыны быһа турар. Биир сыллаах үүнээйи курдук санаатаҕын аайы сэбирдэх сайыннарбат, саҥа умнас үүннэрбэт.

Пион сайдыытын кэрчигэ саас аайы биллэр. Быйылгы көрүү хайдаҕый да, эһиилги үүнүү оннук буолар. Ол иһин пиону от ыйын бүтүүтэ – атырдьах ый саҥата азот-фосфор-калий састааптаах уоҕурдуунан аһатар табыгастаах.

Мин кэтээн көрүүбүнэн, пион олус тулуурдаах үүнээйи. Биричиинэтэ суох ылла да өлөн хаалбат, нэмин таптахха, киһи хараҕа халтарыйар кэрэчээн, ураты, – диэн кэпсиир Екатерина Александровна.

– Чинчийиини ааспыт, биһиги тыйыс тымныыбытын тулуйар суортары табыгастаах буоллун диэн өҥнөрүнэн наардаан биэриим:

Маҕан: Ширли Темпл, Дюшес де Немур, Фестива Максима, Мисс Америка;

Кораллыҥы: Пинк Гавайан Коралл;

Оруосабай: Шахтерский Огонек, Японские Мотивы, Сара Бернард, Мьсе Жюль Эли, Бушела, Леди Орхид;

Кыһыллыҥы: Маршал Мах Магон, Мисс Мари, Канзас, Ред Спайдер, Сворд Данс, Ред Меджик уо.д.а.

 

Саҥа саҕалааччыларга от пиону үүннэриигэ Екатерина Афанасьеваттан сүбэлэр:

– Олордуох иннинэ пиону Саха сиригэр үүннэрии туһунан сүбэлэри булан ааҕыы, кууруска эбэтэр маастар-кылааска үөрэнии;

– Биһиги кыһыммытын тулуйар, хаппырыыһа суох суортары талыы;

– Олорор миэстэтин сөптөөхтүк талыы;

– Олордуу быраабылатын ситиһиилээхтик толоруу.

– Сөптөөхтүк көрүү-харайыы (кыстыкка бэлэмнээн үллүйүү, кэмигэр аһатыы уонна уутун кыайа тутуу);

– Тулуурдаах буолуу. Тылларын кэтэһэ сатаан буорун хаһан, нарын үнүгэһин алдьаппыт киһи элбэх буолуо. Ыам ыйын бүтүүтэ, сорох суорт бэс ыйын саҥатыгар буортан быгар, күөҕүн көрдөрөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...