18.12.2019 | 14:27

«Пиибет! Хая, хаи сидьаан? Ен щей баи кыскн бһылах ди!»

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сатарыйыы

«Пиибет !

Туох сонун? хдах сдьаан? Мин ямбос боо. Чоккайдык ерене сдьабн. Сана дьим дьиэл деки барм. Мбэтим баар эрдэ тием игн. Индинда, олатртан пибет. Бээ түүн зодига чокка сыльбпт. Имли да имли. Ништяк бо брта. Естех олу керсен кырбаээстм. Уна сытабн бо, сене сох, хаччы голяк, үлэ сох, тоска барта. Дыа, миэ бүүн хаччи ннада болла, срочняк, киэһэ “шоулуу” брабн! Барта зайбизон болла, атак голяк баи этэ. Ащагаа кэлм уна сытабн, тоскадрон буолла. Мамбеттары кта кэпсэппин ээ.

Куннэй, ччах! Ен щей баи кыскн. Я тя лю и не магу! Ен ере миин таптыыгын, ахтабн, саныбн, тоо суруйбкн бащщее? Таптабн ииндиэмэ! Еденди олбурас болма тииейдехпенэ серен нна! Сайм!!! Собялабпн кушааны. Акаа баи болума эрэ! эриер, буттэххэ! Сипплин же! Чпока, тафтыыбын индиинда...”

ТЫЛБААС

Бу сурук, арааһа, тылбааһа суох өйдөммөтө буолуо.

Хдх – хайдах

Бэтим – билбэтим

Игн – эҥин

Шоулуу – арыгылыы

Барта – барыта

Инди(и)нда – инник игин диигин да

Сдьаам – сылдьабын

Зоди – түүҥҥү кулууп аата

Собялабпн – сөбүлээбэппин

Брабын – барабын

Тииейдехпенэ – тиийдэхпинэ

Щей – үчүгэй

Бо – буоллаҕа

Олатртан – уолаттартан

Имли – имиллии

Естех – иэстээх

Уна – уонна

Идя – илдьэ

Ащагаа – уопсайга

Кэлм – кэллим

Ччах – чыычаах

Зайбизон – барыта үчүгэй (үөхсүү тыл)

 Тох – туох

Токо – только

Баи – баҕайы

Тотта – туох ааттаах

Ине – инньэ

Олбурас – ол-бу араас

Ака баи ди – акаары баҕайы дии

Эриер – эрийээр

Сипплин – сип билигин

Болляади – буоллаҕа дии

Сене – сэниэ

Кта – кытта

Эстм – кэбистим

Брабын – барабын

Чпока – чэ, пока

Голяк – соччото суох

Мамбет – дэриэбинэ ыччата

Бу ханнык да омук тыла буолбатах. Бэйэбит төрөөбүт төрүт тылбыт, сахабыт тыла. Чуолаан бассаапка ыччаттарбыт маннык суруйсаллар. Биллэн турар, сурук ис хоһооно өйтөн сурулунна, ол гынан баран хас биирдии тыла бассааптан ылылынна. Бу – дьиҥ хартыына, тугу да айан суруйбатыбыт, олохпут көстүүтэ. Саха тылын кэскиллэрэ, утумнааччылара маннык кэпсэтэллэр. Бу сатарыйыы буолбатах дуо?

Сахалыы сурук-бичик быраабылата, мантан көстөрүнэн, төрдүттэн уларыйбыт – аһаҕас дорҕоону олох да сотон, түһэрэн кэбиһэр буолбуттар, хастыы да тылы хайдах истэллэринэн холбууллар, дифтоннары нууччалыы “е”, “у” буукубаларынан солбуйаллар.

Бары билэрбит курдук, сахалыы шриби аныгы үйэҕэ ким баҕар төлөпүөнүгэр туруорар кыахтаах. Оччотугар маннык суруктаах-бичиктээх дьон эбэтэр сүрэҕэлдьээн хачайдаабаттар, эбэтэр наадалааҕынан аахпаттар. Этэргэ дылы: “Ол приложенияны турордахпа, памятьим голягырар буо, лушше нууччалыы клава да сырыттын», - буолан тахсар!

Эбэтэр, үсүһүнэн, тылы бэйэ сөбүлүүрүнэн уларытыы «муода» буолла? Олохсуйбут тылтан саҥа тылы айыы – “круто”, интэриэһинэй, бэһиэлэй. Итинник тылы айар, соруйан күлүүлээх гына суруйар, араастаан уларытар дьону ыччат батыһа сылдьан үтүктэр, холобур оҥостор.

КҮҮРКЭТИИ БУОЛБАТАХ

Баҕар, сорохтор, “туох ааттаах күүркэтэҕин?” диэххит. Эдэр дьон оонньуу түһэн баран умнуохтара, ол аайы саха тыла туох да буолуо суоҕа диэн. Хайдах эрэ саарбахтыыбын...

Бу оскуолаттан саҕаланар. Саха тылын үөрэтии сөптөөх таһымҥа турбатын туоһута.

«ВАЩЭЭ ЖЭСТЬ»

Бу ыччаттар биһиги хаһыаппытын, сахалыы таба суруйуу быраабылатын тутуһан суруйбут тиэкистэрбитин ааҕаллара, өйдүүллэрэ буолуо дуо? Арааһа, бэйэлэрин тылларынан эттэххэ, хаһыат, кинигэ тыла: “Ващээ жэсть, голяк”, - буолуохтаах .

ЫЧЧАТ ДИЭН КИМИЙ?

Маннык суруктаах-бичиктээх ыччат, биллэн турар, саҥата, толкуйа эмиэ итинтэн ордуга суох. Эһиги дьүүлгүтүгэр аныгы ыччат тылынан кини олоҕун, киһи быһыытынан хаачыстыбаларын, күннээҕи дьарыгын ойуулаан көрдөрүүм.

АНЫГЫ ЧОККАЙ УОЛ МЭТИРИЭТЭ

Үлэтэ: Төрөөбүт дойдутугар типа патриот буоллаҕа дии. Ииндинда. Биир сиргэ олорон хаалбат, постоянно в теме сылдьар. Биир эмэ кыахтаах тэрилтэ крутой менеджера эбэтэр начальнига. Постоянно себя развивает, весь такой воспитанный... Аны качога диибин диэн, мочемен ииндинда.

Майгыта-сигилитэ: Оттон как всегда киһи-киһи курдук буоллаҕа дии. Туох уратылаах буолуохтааҕый? Общительный, смешной, күллэрэри сатыыр, кароче перспективный парень, надо за него держатсья... Дьээбэни өйдүүр, сынньанары сатыыр. Хайаан даҕаны илии тутуһар. У него много друзей, поэтому тусоваться с ним классно!

Тас дьүһүнэ: Бащщее норма курдук дьүһүннээх уол дии… Жооска бэйэтин көрүнэр, постоянно салон, массаж игин. Таҥаһа барыта фирмач... в инете заказывает буо. Стильный, модный. Харчыта суох уолаттар бащщээ голяктар буоллаҕа ди, даже не могу сказать инда.

Спорт: Эт-хаан өттүнэн дикайдык сайдыбыт буоллаҕа дии... ЗОЖ игин диэбит курдук да...ха-ха-ха. Стадиоҥҥа кыргыттардыын шанстаһар. На самом-то деле по пятницам игин күүлэйдээччи батта!

Тиэхиньикэтэ: Хайаан да массыыналаах буоллаҕа дии. Аччаабыта “Аллион” или “Премио”. Голяк массыыналаахтары көрбөппүт ээ... Обожает новые смартфоны. Типа любит себя фотографировать игин да?... Iphone 11-аах игн буолааччык. Короче, мажор, при деньгах... ол иһин кинилиин сылдьар астык каи.

Сынньалаҥа: ну…конечно…клуб или бар. Не пропускает тусню. Акаары буолбатах, күүлэйи баҕас сатыыр.

АНЫГЫ ЧОККАЙ КЫЫС МЭТИРИЭТЭ

Үлэтэ: Ну не дура же! На худой конец, министерствоҕа үлэлиир. Сорохтор бэйэлэригэр үлэлииллэр, инставуменнар, блогердаан аһаан-сиэн олороллор. Үлэтэ хобби курдук үһү.

Майгыта-сигилитэ: Сейчас все СТЕРВЫ... Оттон тас көрүҥүттэн, таҥаһыттан игин буоллаҕа ди. Мамбеттары сэҥээрбэт. Кыыс майгыта эрэһиинэ курдук. Билиҥҥи кыыс кыраттан кыыһырар, ыарахыны сөбүлээбэт ииндинда.

Тас дьүһүнэ: Инстачика (Инстаграм «звездатын» этэллэр-аапт.) буолар, фигурия да фигурия. Сарсыардаттан хара киэһээҥҥи диэри хаартыскаҕа түһэртэн соло булбат. Баттаҕын нэдиэлэ аайы оҥорторор, кыламана бащщээ жоска уһун, уоһа эп-эмис. Кожата гладкай буолар... типа инник курдук. Оттон билигин бары биир сирэйдэр бтааа!

Спорт: Куорат баай киһитин көрсүүтэ эбэтэр подругата буоллаҕына, спорду олох уважает. Тойоннуун сылдьар буоллаҕына, соответствуйдуон наада буо ди.

Тиэхиньикэтэ: Массыыналаах эбэтэр кинини таһар анал массыына да баар буолуон сөп. Крузактары уонна улахан массыыналары эрэ сэҥээрэр. Телефона, конечно, айфон буо, что еще надо?!

Сынньалаҥа: С подружками, конечно, гуляем, как же без этого... Айылҕаҕа сылдьааччы игин диигин да... Лучше возьмет отпуск уонна на море барыаҕа. По пятницам эрэ күлэйдээччи, министерство үлэһитэ күүлэйдиирэ не оченьски ээ...

«ГРАМОТЕЙДАР ТОБУКТУУЛЛАР»

Аҕыйах сыллааҕыта маннык суруйуу, кэпсэтии оонньуу, көр-күлүү курдук этэ. Бүгүн бүтүн норуот кыһалҕата буолла. Мин санаабар, бастатан туран, оскуолаҕа сөптөөх үлэ ыытыллыахтаах. Оҕону саха тылын уруогар арыый судургутук, ол эрээри тылы таптыырын, санаатын сатаан этэрин, сөпкө суруйарын, элбэхтик ааҕарын ситиһэр курдук үөрэтиэххэ.

Бу кыһалҕаны бүгүҥҥүттэн ылсыбатахпытына, аҕыйах сылынан, төрөөбүт тылбытынан буолуохтааҕар, нууччалыы да сатаан суруйбат норуот буолабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...