31.07.2021 | 14:10

Пиэнсийэ 244 солкуобайынан эбиллибит уонна атын сокуоннар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Хас биирдии үлэлиир киһи бу дьыл атырдьах ыйын 6 күнүттэн хамнас кэлиэ 15 күн инниттэн хамнас түһэр баанын (банк) уонна төлөбүр ааһар реквизиттэрин туһунан информацияны көрдүүр бырааптанар. Дуоһунастаах сирэй үлэһит бу быраабын күөмчүлээтэҕинэ, көрдөһүүтүгэр хоруй биэрбэтэҕинэ, 50 000 солк. тиийэ ыстарааптаныан сөп.

Самаан сайыммыт бүтэһик ыйа саҥа сокуоннары киллэрэр:

– Үлэһит уонна үлэни биэрээччи сыһыаннаһыылара;
– Пааспар;
– Омук сириттэн аһылык уонна сибэкки;
– Страховка;
– Пиэнсийэҕэ эбии төлөбүр;
– Медицинэ;
– Арыгыны харайыы уларыйар.

Үлэһит саҥа бырааба

Хас биирдии үлэлиир киһи бу дьыл атырдьах ыйын 6 күнүттэн хамнас кэлиэ 15 күн инниттэн хамнас түһэр баанын (банк) уонна төлөбүр ааһар реквизиттэрин туһунан информацияны көрдүүр бырааптанар. Дуоһунастаах сирэй үлэһит бу быраабын күөмчүлээтэҕинэ, көрдөһүүтүгэр хоруй биэрбэтэҕинэ, 50 000 солк. тиийэ ыстарааптаныан сөп.

Пааспарга уларыйыылар

Кэккэ докумуоннары ылар иһин түһээн сыаната ыараары турар. Ол курдук, атырдьах ыйыттан кыраныысса таһыгар тахсар пааспары ылар иһин төлөбүр сыаната 5 000 буолар, массыынаны ыытар быраап сыаната – 3 000. Тэҥнээн көрүүгэ: билигин кыраныысса таһыгар сылдьар пааспары оҥорторуу сыаната – 2000, суоппардыыр быраап – 2000.

Кэккэ уларыйыылар Арассыыйа пааспарыгар эмиэ киирэн тураллар. Ол курдук, мантан антах эр-ойох буолуу, гражданин оҕолооҕун, урут ыла сылдьыбыт пааспардааҕын, кыраныысса таһыгар тахсар пааспардааҕын, ИНН, хаан группатын, резус-фактор туһунан чахчылары пааспарга суруйар булгуччута суох буолла. Баҕарар буоллаххына – туруортар, суох буоллаҕына – суох.
Аныгы пааспарга олорор сир, учуокка туруу, сулууспа эрэ туһунан чахчылар хааллылар.

Сибэкки дьөрбөтө бобуллар

Атырдьах ыйын 19 күнүттэн омук сириттэн оҕуруот аһын, фрукта кэһиилэнэр кыаллыбат. Ол эбэтэр, биирдии физическэй сирэйгэ бородууктаны аҕаларга 5 кг нуорма олохтонор. Эмиэ итинник хаарчах сибэккигэ киирэр – биир киһи үстэн элбэх букеты аҕалара сокуонунан бобуллар. Оттон элбэҕи киллэриэн баҕарааччылар фитосертификат көрдөрөллөрө ирдэнэр. 

Страховка саҥа бырагыраамата

Атырдьах ыйын 4 күнүттэн Арассыыйа үрдүнэн хамсаабат баайы страховкалыыр бырагыраама үлэлиир. Саҥа бырагыраама нэһилиэнньэ баайын-дуолун техногеннай уонна айылҕа алдьархайдарыттан быыһыыр аналлаах. 
Ол эбэтэр мантан ыла дьиэни бас билээччилэр страховкаларын төлөбүрүн ыйынан оҥорор буолуохтара. Төлөбүр орто кээмэйэ 1 м2 иһин 3 солкуобайга тэҥнээх буолуохтаах. Биллэн турар, бу бырагыраамаҕа бастаан утаа баҕалаахтар киириэхтэрэ, көдьүүстээҕэ дакаастаннаҕына, булгуччулаах буолара күүтүллэр. 

Саҥа ыстараап

Ыстараап саҥа көрүҥэ киирээри турар. Ол курдук, медицинскэй көмөнү оҥорууга туорайдаһыы иһин 80 000 солкуобайтан саҕалаан күлүүс хаайыытыгар тиийэ кээмэйдээх ыстараап олохтонон эрэр. Бу сокуон медиктэр эппиэтинэстэрин үрдэтэр аналлаах үһү. 

Пиэнсийэҕэ 244 солкуобай эбиллэр

Үлэлээх пиэнсийэлээхтэри үчүгэй сонун күүтэр – атырдьах ыйыттан пиэнсийэлэрэ 244 солкуобайынан эбиллээри турар. Төһө да кыра суума буоллар, бу – кэлиҥҥи сылларга бастакы үрдээһин.

Оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоох ыалга — 10 000 солк.

Дойду бэрэсидьиэнин ыйааҕынан атырдьах ыйын 16 күнүттэн оскуолаҕа үөрэнэр, ол эбэтэр алтатыттан 18-гар диэри саастаах оҕолоох ыалга биир кэмнээх харчынан көмө бэриллээри турар. 
Санатар буоллахха, сайабылыанньаны хомуйуу от ыйын 15 күнүттэн сэтинньи 1 күнүгэр диэри ыытыллар. Төлөбүргэ бүддьүөттэн 204 миллиард солкуобай көрүллүбүтэ биллэр. 
Маны таһынан аҕыһыттан 18-гар диэри саастаах оҕолоох соҕотох төрөппүттэргэ эмиэ көмө көрүллэр. Манна уопсайа 36 миллиард солкуобай былааннаммыт. 
Бу көмөнү ыларга сайабылыанньа “Госуслуги” портал нөҥүө эбэтэр Пиэнсийэ пуондатыгар баран бэриллэр. Оттон сайабылыанньа биэрбэтэхтэр 5 650 солк. кээмэйдээх көмөттөн көрбүтүнэн маталларыгар тиийэллэр. Хомойуох иһин, коронавирус хаарчахтааһыннарынан тэрилтэлэр толору кээмэйинэн үлэлээбэттэр, онон докумуону барытын интэриниэт нөҥүө тиксэрэргэ, эбиитин олус элбэх докумуону ирдэһэргэ, соҕотох төрөппүттэр (аҥаардас ийэлэр, аҥаардас аҕалар) элбэх уустуктары көрсөллөрө сабаҕаланар. 

ЫЙЫТ – ХОРУЙДУУБУТ

«Правабын» умуннахпына, массыынабын былдьыыллар дуо?

Ыйытыы: Өскөтүн массыына ыытар «правабын” умнубут буолуум? ДПС-ка тутулуннахпына, массыынабын туталлар дуо?

Хоруй: Массыына ыытар дастабырыанньа, норуокка биллэринэн «права», пааспар курдук суолталаах докумуон. РФ КоАП 12.3 ыст. 2 ч. массыына ыытар дастабырыанньата суох уруулга олорор бобуллар. Маннык суоппарга боротокуол толоруллар уонна 500 солк. кээмэйдээх ыстараап суруллар (ыстараабы 20 күн иһигэр төлөөтөххө, 50% чэпчэтиилээх). Ол кэнниттэн «праватын» аҕалтарыар эбэтэр бэйэтэ (сатыы, таксинан, дьонунан) аҕалыар диэри, уруулга олорбот. 
Маны сэргэ:
Суоппар, пааспара баар буоллаҕына, инспектор электроннай базанан бу киһи урукку ыстарааптарын уонна суол быраабылатын кэһиилэрин бэрэбиэркэлиир уонна салгыы массыына ыытар бырааптааҕын/бырааба суоҕун быһаарар.
Өскөтүн инспекторга тутуллар кэмҥэ суоппары кытта «правалаах» пассажир олорсо сылдьар буоллаҕына, боротокуол толоруллубутун уонна ыстараап төлөммүтүн кэннэ массыынаны салгыы «правалаах» пассажир ыытан барар кыахтаах. Эбэтэр, суоппар инники өттүгэр ыстарааба суох, суол быраабылатын кэһиини таһаарбатах буоллаҕына, быстах кэмҥэ, 1-2 чаас, массыына ыытарга көҥүл ылыан сөп.
Суоппар «праватын» кытта туох-баар докумуонун барытын умнубут буоллаҕына (страховой полис, пааспар), ыстараап икки бүк үрдүүр, массыына штрафбалаһааккаҕа илдьиллэр, оттон суоппар полиция учаастагар кимин-тугун быһаартара тиэрдиллэр. 
Массыынаны, суоппар инспекторы кытта мордьооттоһор, буруйун билиммэт буоллаҕына, эмиэ тутуохха сөп. Массыынаны штрафбалаһааккаттан ылыы 10 тыһ. солк. тиийэ ночооттоох.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...