03.11.2023 | 14:00

Петр Захаров: «Кинигэ суруйуу олус үчүгэй дьарык эбит...»

Ааспыт нэдиэлэҕэ «Айар» кинигэ кыһатын маҕаһыыныгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Арассыыйа доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна, Арассыыйа үтүөлээх бырааһа, медицина  наукатын доктора Петр Иванович Захаров «Сүрэх хирург хараҕынан» кинигэтин автограф-сиэссийэтэ буолан ааста.
Петр Захаров:  «Кинигэ суруйуу олус үчүгэй дьарык эбит...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

«Айар» кинигэ кыһатын киэҥ араҥаҕа туһуламмыт таһаарыылар эрэдээксийэтин сэбиэдиссэйэ Надежда Андросова иһитиннэрбитинэн, бу – Петр Иванович иккис кинигэтэ. 2017 сыллаахха  «Киһи соҕотох сүрэхтээх» диэн кинигэтэ бэрт аҕыйах ахсаанынан тахсыбыт уонна дьоҥҥо-сэргэҕэ киэҥник тарҕамматах, тиийбэтэх. Ааҕааччылар көрдөһүүлэрин ылынан, хампаанньа быйыл Саха сиригэр, бүтүн Уһук Илиҥҥэ, сүрэҕи көһөрөн олордуу аан бастаан оҥоһуллубута биэс сылыгар анаан, луохтуур иккис кинигэтин таһаарда.

«Маннык кинигэ медицина билимигэр өссө тахса илигэ буолуо. Петр Иванович сүрэх-тымыр ыарыыларын уу сахалыы, ааҕааччы ылынар судургу тылынан сэһэргиир», – диэтэ Надежда Петровна. Маны сэргэ,  сүрэх туһунан бэргэн этиилэр, сүрэххэ аналлаах аан дойдуга баар скульптуралар, быраас бэйэтин уруһуйдара, схемалара, тэттик сүбэлэрэ кинигэни баай ис хоһооннообуттарын, киэргэппиттэрин кэпсээтэ.

Сүрэх курдук уустук уорган туһунан сахалыы тылынан суруллубут кинигэ биһирэмэ алтынньы 5 күнүгэр буолбут. Биир ый иһигэр дьон-сэргэ сэҥээриитин хайыы үйэ ылан, аҥаара атыыланна –  ааҕааччытын булла.

«Кинигэ суруйуу олус үчүгэй дьарык эбит. Киһи өйүн-санаатын сааһылыыр, сайыннарар, билиигин-көрүүгүн дьоҥҥо тиэрдэргэ көмөлөһөр. Онон сөбүлээтим, инникитин да суруйар баҕа баар», – диэн хоруйдаата луохтуур «Киин куорат» хаһыат ыйытыытыгар. Түгэнинэн туһанан, «Айар» кинигэ кыһатыгар, үлэлэспит эрэдээктэрдэригэр дириҥ махталын тиэртэ. «Хаһаас матырыйаал өссө да баар, баҕар, кэлин кинигэ буолан тахсыан сөп», – диэн бар дьонун үөртэ. Онуоха: «Ыарыһахтар историяларын, эпэрээссийэлэммит дьон кэлин туох-хайдах буолбуттарын билиэхпитин баҕарабыт, ол туһунан суруйарыҥ буоллар», – диэн баҕа санаа иһилиннэ.

Луохтуур тугу сүбэлээтэ?

Бу киэһэ Петр Иванович ыйытыыларга хоруйдаата, соргулаах сүбэлэрин биэрдэ. Онтон бэрт аҕыйаҕы талан, хаһыаппытыгар таһаарабыт.

Мин 13 сааспар физкультура уруогуттан “сүрэҕиҥ куһаҕан” диэн үүрүллүбүтүм. Ол эрээри ытаан туран сылдьар этим. Оскуоланы, институту бүтэриэхпэр диэри сүүрүүнэн дьарыктаммытым, хайыһардаабытым. Итинник сүрэҕим ыарыытын билбэккэ кырдьыбытым. Онтон 65 сааспыттан сүрэҕим тэтимэ кэһиллэр (аритмия) буолбута, күн аайы кэриэтэ “суһал көмөнү” ыҥырарым. Дабылыанньам тахсан, геморрагическай инсультан сылтаан охтон түһэн сиспин тоһуппутум. Аны билигин аһаатым да, тута мөлтөөн хаалабын, сэниэм суох буолар, тугу да кыайбаппын, дабылыанньам 70-40 тиийэ түһэн сордуур. Күн аайы үстэ өлөөрү мөхсөбүн. Тоҕо оннук түһэн хааларый? Сүрэҕим тоҕо быһа туппатый, кымыстаабатый?

Физкультураҕа күүскүнэн сылдьыбытыҥ саамай сөп. Сүрэх хамсаныыга олус наадыйар. Киһи кыаҕын иһинэн хамсаныахтаах.

Сүрэх тымырын ыарыыта араастык киирэр. Аһаатаххына хааныҥ эргиирэ куртаххар күүскэ барар, ол кэмҥэ дабылыанньаҥ түһүөн, сүрэҕиҥ аһыйан ыалдьыан сөп. Сүрэх-тымыр киинигэр киирэн, үчүгэйдик көрдөрүнүөххүн наада. Сүрэх тэбиитин, хаан баттааһынын мээрэйдиир анал аппарааттар бааллар, чинчийии, кэтээн көрүү түмүгүнэн эрэ чопчу диагноз быһаарыллар.

Петр Иванович – биһиги иккис таҥарабыт. Оҕобут сэттэ ыйыгар (болдьоҕун иннинэ) сүрэҕэр олус улахан аһаҕастаах төрөөбүтэ. Икки ыйдааҕар эпэрээссийэлээбиттэрэ. Этэҥҥэ 18-һын туолбута, билигин устудьуон. Салгыы хайдах харыстаныахтааҕый?

– Эпэрээссийэлээбит дьоммут этэҥҥэ сылдьалларын үөрэ истэбит,  махтана саныыбыт. Саамай сүрүнэ, чөл олоҕу тутуһуон, кыаҕын иһинэн хамсаныан наада.

Медицина сайдан иһэр. Санкт-Петербурга робот киһи сүрэҕэр эпэрээссийэ оҥордо. Инникитин бу өттүгэр хайдах буолуохпутуй?

– Робот-хирург баар буолбута ыраатта, ол иһигэр Арассыыйа улахан клиникаларыгар. Анал аппараат хирург илиитэ кыайан киирбэт сирдэригэр тиийэр, ону син биир киһи салайар. Ити роботохирургия диэн ааттанар. Инникитин биһиэхэ да кэлиэҕэ, Саха сиригэр сайдыаҕа дии саныыбын. 

Бастакы сиэним сүрэҕэр түөрт моһуогуруулаах (порок) төрөөбүтэ, тута эпэрээссийэ анаабыттара. Петр Ивановиһы анаан-минээн көрсө кэлэ сылдьыбытым. «Быраастар үчүгэйдик оҥоруохтара, этэҥҥэ буолуоҕа», – диэн уоскуппута. Сиэним тоҕус ыйдааҕар сүрэҕэр спираль туруорбуттара. Билигин 15-гэр сылдьар. Спордунан дьарыктаныан, секцияҕа суруйтарыан сөп дуо?

– Ханан турарый? Аһаҕас умнас диэн баар, оннук оҥоһуллубут буоллаҕына, спордунан дьарыктаныан сөп. Диагноһын чуолкай билиэххэ наада. Кардиологка тиийэн сүбэлэттэрэргит ордук.

Атеросклероз “бляшкатын” суох оҥоруохха сөп дуо? Ютубка К2 битэмиин туһалыыр диэн кэпсииллэр.

– Ол үксүн ыарыыны эрдэттэн сэрэтиигэ аналлаах. Үөскээн хаалбыты суурайар ыарахан соҕус. Ол гынан баран аҕыйах түбэлтэ баар. Киһи организма тус-туспа, ураты. Холобур, биир тымыра бүөлэммит ыарыһаҕы биир өттүн оҥорбутум, иккис өттүн аны күһүн көрүөхпүт диэн ыыппытым. Кэлбитэ, биир өттө эмиэ үчүгэй буолан хаалбыт этэ.

Коронарографияны төһө өр буола-буола ааһыахха сөбүй?

– Көрдөрөр кэмҥэр уларыйыы баар буоларыттан тутулуктаах. Быраас үксүн хаһан кэлэргин этэр, холобур, биир сылынан, икки сылынан диэн сөп. 

Саха сиригэр телемедицина төһө сайынна? Ханнык улуустарга сеанстар баралларый?

– Кэнники сылларга сүрдээҕин сайынна. Телемедицина көмөтүнэн элбэх киһи быыһанар. Сүрэх-тымыр киинигэр анал киин баар. Тыа сирин исписэлиистэрэ ыарыһах выпискатын ыытан, ыйытыыларыгар суһал хоруйу, сүбэ-ама ылаллар.

Инникитин Сүрэх-тымыр киинигэр бөртөлүөт түһэр балаһатын туруорсан эрэллэр. Маҕан пордунан эргиппэккэ, ыарыһаҕы санрейсинэн тута кииҥҥэ аҕалар курдук. Ити бырабыыталыстыба, Арассыыйа таһымыгар быһаарыллар боппуруос.  

Биир эмит оҕоҥ эн суолгун батыста дуо?

– Кыыһым быраас буолуон баҕарар этэ, Дьоҕус академияҕа дьарыктаммыта. Ол эрээри омук тылыгар киирэргэ быһаарыммыта, ону мин утарсыбатаҕым. Уолум ийэтин суолунан барбыта, математик-программист идэлээх, сибээс киирэригэр улахан өҥөлөөх, кининэн киэн туттабын. Москваҕа, Ближнэй Востокка үлэлээбитэ, билигин Ирландияҕа олорор.   

 

«Сирдээҕи таҥара»

Ааҕааччылар элбэх дьону өлөр өлүүттэн өрүһүйбүт Петр Ивановиһы «иккис таҥарабыт», «сирдээҕи таҥарабыт» диэн ааттаан-суоллаан, анаан-минээн махтана кэлбиттэрин истэр ордук долгутуулаах буолла:

– Петр Иванович – биһиги дьиэ кэргэҥҥэ, чахчы, иккис таҥарабыт, үҥэр-сүктэр киһибит. Кэргэним 2014 сыллаахха эпэрээссийэлэммитэ, билигин өлүөр, этэҥҥэ сылдьарыгар, биһиги олохпутун, дьолбутун уһаппыт киһибитигэр махталбыт муҥура суох.

Бу үтүө күн луохтуурга баҕа санаа бастыҥа этилиннэ:

– Петр Иванович сахатын дьонугар-сэргэтигэр сүрдээх үчүгэй кинигэни суруйан бэлэхтээтэ. Матырыйаала элбэх буоллаҕына, өссө да кинигэ таһаарыа диэн күүтэбит. Доруобуйата уйарын, сүрэҕэ тэбэрин тухары үлэлии, норуотугар көмөлөһө турдун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.

Кэрэхсэбиллээх тэрээһиҥҥэ кэлбит дьон сүрэх туһунан элбэҕи биллилэр-көрдүлэр, биктэриинэҕэ кыттан сэргэхсийдилэр, луохтууртан сүрэх быһыылаах минньигэс бирээнньиктэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр.  Кыһалҕалаах дьон луохтуур санаатын истэн, атыыласпыт кинигэлэригэр илии баттатан, алгыһын ылан, бэл диэтэр, сирэйдиин-харахтыын сырдаан, астынан бардылар.

«Биһиги сүрэхпит – дьикти уорган. Сүрэх аҥаардас хааны эрэ хачайдыыр буолбатах, үөрүүтүттэн өрө көтүөн, хомолтотуттан самнан түһүөн, кутталыттан иһийэн хаалыан, ыар аһыыттан тохтоон да хаалыан сөп... Сүрэх үлэтэ киһи ис туругуттан, өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах. Олоххо буолар араас долгуйуулар, быһылааннар, хомолтолоох түгэннэр, үөрүү-көтүү, ытааһын-соҥооһун – барыта сүрэх иһинэн ааһаллар. Ким да мантан куотар кыаҕа суох. Арыый эрдэлээн эбэтэр арыый хойутаан сүрэх барахсан тохтуур түгэнэ тиийэн кэлэр, оччоҕо киһи олоҕо онон бүтэр. Хомойуох иһин, аан дойдуга киһи аймах өлүүтүн төрүөтүнэн 46% сүрэх-тымыр ыарыылара буолаллар. Ол хомолтолоох түгэни киһи бэйэтэ уонна эмчиттэр күүстэрин, өйдөрүн-санааларын түмтэхтэринэ, балайда сыҕарытыахтарын сөп. Сүрэххитигэр махтаныҥ, сүрэххитин таптааҥ!» 

Петр Захаров «Сүрэх хирург хараҕынан» кинигэтиттэн

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...