Пекиннээҕи кыһыҥҥы Олимпиада
Бу күннэргэ болҕомто Пекиҥҥэ буола турар XXIV-с кыһыҥҥы Олимпийскай оонньууларга туһаайыллар.
Кыһыҥҥы Олимпиада Пекиҥҥэ 2008 сыллааҕы сайыҥҥы Олимпийскай оонньууларга ананан тутуллубут “Птичье гнездо” аарыма стадионугар саҕаланна. 95 дойдуттан 4 тыһыынчаттан тахса спортсмен спорт 7 көрүҥүн 15 дьиссипилиинэтигэр 109 комплект мэтээл иһин күрэхтэһэр. Сорох арҕааҥҥы дойдулар бэйэлэрин бэрэстэбиитэллэрин ыыппатах кэмнэригэр буола турар Оонньуулар “Бука бары – инники кэскил туһугар!” девизтэрэ бүгүҥҥү быһыыга-майгыга, билиҥҥи уустук кэм ирдэбилигэр олус сөп түбэһэр. Бэл, Олимпиаданы утарбыт дойдулар спортсменнара Олимпиадаҕа кэлэннэр күрэхтэһэ сылдьаллар.
Ковид хааччаҕа баарынан Олимпиада көрөөччүлэрэ суох буола турар. 20-н тахса дойду баһылыктара, о.и. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Олимпиада үөрүүлээх аһыллыытыгар кытыннылар. Кытай Народнай Өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Си Цзипинь, Аан дойдутааҕы Олимпийскай Кэмитиэт бэрэсидьиэнэ Томас Бах Олимпиада үөрүүлээхтик аһыллыытыгар эҕэрдэ тыллары эттилэр. Арассыыйа 80 киһилээх халыҥ хааманданан хаамта. Хаҥкынан сүүрүүгэ Сочитааҕы Олимпиада үрүҥ көмүс призера Ольга Фаткулина уонна Пхенчханнааҕы Олимпийскай оонньуу чөмпүйүөнэ, хоккеистар хамаандаларын хапытаана Вадим Шипачев Олимпиада былааҕын тутан киирдилэр.
Арассыыйа хамаандата нейтральнай статуһунан, Олимпийскай былаах аннынан кыттар. Дойдубут чиэһин 213 спортсмен көмүскүү сылдьар.
Утарыта турсуулар, интригалар туһунан эттэххэ, 1980 с. АХШ Лейк-Плэсид, 2002 с. Солт-Лейк-Сити куораттарыгар буолан ааспыт Олимпийскай оонньууларга Арассыыйа хамаандатын аһаҕастык туората сатааһын баара. Ону кытта тэҥнээтэххэ, Пекиннээҕи олимпиадаҕа Арассыыйа спотсменнарыгар сыһыан үчүгэй, кырдьыктаахтык ааһыа диэн политическай уонна спортивнай ырытааччылар эрэнэллэр. Билиҥҥи туругунан быһыы-майгы сымнаҕас, ордук-хоһу быһыыланыы таһаарыллыбат. Кытай тэрийээччилэрэ эйэҕэс, ытыктабыллаах сыһыаннара көстөр.
Мэтээллэри ылыыга Арассыыйа хайаһыаҕай диэн сабаҕалааһыҥҥа, спорду ырытааччылар “Комсомольская правда” хаһыаттан Сергей Дадыгин, Олимпийскай оонньуулар түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ, биатлон легендата Александр Тихонов, хайыһар спордугар Олимпиада үс төгүллээх призера Александр Завьялов, Арассыыйа норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, хаҥкынан сүүрүүгэ Олимпиада чөмпүйүөнэ Светлана Журова этэллэринэн, фигурнай хаҥкылааһын бары түөрт көрүҥэр бастакы нүөмэрдээх фигуристарбыт кытталлар. Онон эрэл баар. Пааранан хатааһылааһыҥҥа кытайдарга эрэ баһыйтаран, кылгас бырагыраамаҕа аан дойду чөмпүйүөннэрэ Анастасия Мишина уонна Александр Галлямов үрүҥ көмүс мэтээллэри аҕаллылар. Мууска хаҥкылаах үҥкүүлээһиҥҥэ аан дойду чөмпүйүөннэрэ Виктория Синицына уонна Никита Кацалапов көҥүл бырагыраамаҕа үрүҥ көмүс мэтээллэннилэр. Кацалапов алҕаһы оҥорботоҕо буоллар, бастыыллара хаалла. Салгыы күрэхтэһиилэргэ балаһыанньа тупсуон, көнүөн сөп. Биатлонистарбыт мэтээллэр иһин киирсэллэригэр эрэл баар диэн Олимпийскай оонньуулар түөрт төгүллээх чөмпүйүөнэ, биатлон легендата Александр Тихонов эрэнэр. Американецтар 1980, 1985 сыллардаахха төһө да мэһэйдэһэ сатаабыттарын үрдүнэн, оннооҕор Лейк-Плэсидкэ хаайыы усулуобуйатыгар олордо сылдьыбыттарыгар, олус ыарахан усулуобуйаҕа күрэхтэһэн ССРС спортсменнара “чаҕылхайдык кыттыбыппыт” диэн Александр Тихонов этэр. Төһө да улахан спорка прогноһу оҥорор табыгаһа суоҕун иһин, биатлонистарга эрэл баар диир. Бу Олимпиадаҕа биатлонистарбытын атын-атын рейстэринэн ыыталыы, спортсменнарбытын хааллара сатаан, орооһуу, мэһэйдэһии баарын үрдүнэн, үрдүк таһымҥа киирсэллэригэр саарбахтаабатын, кылаабынайа – хамаандаларын иһигэр түмсүүлээх, эйэлээх буолуохтарын наада, “миэхэ сүрүн утарсааччы – мин бэйэм этэ” диир аатырбыт биатлонист. Сүүмэрдэммит хамаандаҕа киллэриллибит спортсменнар бэйэлэрин кыахтарын аһара түһэннэр, дойдуларын туһугар бэйэлэрин көрдөрөр соруктаахтар, атын ханнык да мэһэй суох. Олимпиадаҕа кыайа эрэ кэлэллэр. Улуу Арассыыйа ыччаттара, дьоно онтон атын аналлара суох. Биатлон легендатын санаата итинник. Хоккеистарбыт тиэхиньикэ, маастарыстыба өттүнэн бу Олимпиадаҕа күүстээхтэр. Финляндия утарсыыны оҥоруон син. Үс иһигэр киириэхпитин сөп. Онтон бастыылларын туһунан быһаччы этэр табыгаһа суох. Хайыһардьыттарбыт түһэн биэриэхтэрэ суоҕа. Александр Завьялов – Олимпиада үс төгүллээх призера этэринэн: “Хайыһардьыттар бэлэмнэрэ куһаҕана суох, тренердэр кыһаллан үлэлээтилэр”. Устюгов үчүгэй форматыгар сылдьар. Тренер Елена Вяльбе бэлэмнээбит хамаандата күүстээх. Эрэниэххэ сөп. Кытай күнэ-дьыла, ковид, борщ, пельмен курдук үөрэммит астар суохтара кыра уустуктары үөскэтэр. Светлана Журова – Арассыыйа норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Олимпиада чөмпүйүөнэ этэринэн: “Араас-араас аһылык ордук буолааччы. Аһылык нуормаҕа эппиэттэһэр”. Шорт-треккэ, хаҥкы спордугар мэтээллэр иһин биһиэннэрэ охсуһуохтара. Уопсайынан, Арассыыйа спортсменнара 75 % бэйэлэрин көрдөрүөхтэрэ.
Бастакы мэтээллэр
Фигурнай хаҥкылааһын. Спорду билээччилэр сылыктааһыннара сөп курдук. Фигуристка 15 саастаах Камила Валиева кылгас бырагыраамаҕа кыһыл көмүс мэтээли аҕалла. Бу көрүҥҥэ хамаанданан түмүккэ Арассыыйа үһүс иһэр. Охсуһуу бастакы миэстэни ыларга барар.
Скиатлон. Дьахталлар 10 км классическай, онтон хайыһардарын уларытан баран 10 км көҥүл ньыманан сүүрүүгэ күрэхтэһиилэригэр Наталья Непряева үрүҥ көмүс мэтээли ылары ситистэ. Тренерэ Юрий Бородавко иитиллээччитэ салгыы көрдөрүүтүн өссө эбэн сүүрүө диэн эрэлин биллэрэр. Күн-дьыл тымныыта, сытыы тыал, хайыһары халтарытан испэт хаар мэһэйдииллэр диэххэ табыллыбат, Кытайга баар тымныытааҕар Италияҕа өссө тымныыга бэлэмнэммиттэрэ, былчыҥнар үчүгэйдик үлэлииллэр, хамаанданы истэллэр. Хайа да күҥҥэ-дьылга эппиэттэһэр спортивнай форма, таҥас-сап баар. Дистанцияҕа күүрээннээх охсуһуу, Тереза Йохаут харааныттан түргэн тэтими биэрэн куотуута, Карлсон уонна Андерсон куоппут норвежканы батыһан баран хаалыылара, “ама мэтээлтэн матыам дуо” диэн санааттан, күүрээннээх охсуһуу үгэнигэр харах уута, эмоция, адреналин эти-хааны сылытан эмиэ көмөлөһөллөр. 20 км былаһын тухары биир тэтиминэн, күүһүн харыстаан, биэтэккэ тэтимин эбэн, күүстээх утарсааччыларын сититэлээн, иккис буолла! Санаатын күүһүнэн мэтээли ылла. Маладьыас! Эр дьон скиатлоҥҥа куоталаһыыларыгар Александр Большунов кыһыл көмүс, Денис Спицов үрүҥ көмүс мэтээллэри ылаттааннар, үөрүү улахана буолла! Үһүс – фин хайыһардьыта Йиво Нисканен. Аатырар Клебо 40-с миэстэҕэ тэбилиннэ. Большунов кыайыытын фантастикаҕа тэҥнээтилэр! Биатлон буккаас эстафетатыгар Ульяна Нигматуллина, Кристина Резцова, Александр Логинов, Эдуард Латыпов састааптаах хамаандабыт боруонса мэтээллэннэ! Норвегия – иккис, Франция үһүс буоллулар. Могул көрүҥэр – элбэх трамплиннардаах хайаттан салгыҥҥа эргийэ-эргийэ хайыһар курдук эрээри кылгас, кэтит соҕотох хаптаһыҥҥа туран, тобуктар имиллэҥнээн олорор түргэн түһүүгэ Анастасия Смирнова боруонса мэтээллэннэ. Фигурнай хаҥкылааһыҥҥа Камила Валиева, Марк Кондратюк, Анастасия Мишина, Александр Галлямов, Виктория Синицына, Никита Кацалапов састааптаах хамаанда кыһыл көмүс мэтээли ылары ситистэ! Хайыһардаах трамплинтан түһүүгэ Ирма Махиня, Данил Садреев, Ирина Аввакумова, Евгений Климов састааптаах хамаандабыт үрүҥ көмүс мэтээллэннилэр.
Күн аайы хайа дойду бастаан иһэрэ уларыйа турара Оонньуулар тыҥааһыннарын көрдөрөр. Швеция үс кыһыл көмүстээх бастаан иһэр. Арассыыйа икки кыһыл көмүстээх, үс үрүҥ көмүстээх, икки боруонса мэтээллэрдээх иккис иһэр. Икки кыһыл көмүстээх, икки үрүҥ көмүстээх, биир боруонсалаах Голландия – үһүс, Кытай – төрдүс, Германия – бэһис, Норвегия – алтыс, Словения, Италия, Канада, Япония уон иһигэр бааллар.
Леонид Спиридонов — спорт миниистирэ
Спорт миниистирэ Иннокентий Григорьев бэйэтин баҕатынан үлэтиттэн тохтообутунан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Аҕа Баһылыгын ыйааҕынан Леонид Спиридонов өрөспүүбүлүкэ физическэй култуураҕа уонна спорка миниистиринэн ананна.
Леонид Спиридонов Хаҥалас Көрдөмүттэн төрүттээх-уустаах, сааһа 41, СГУ үп-экономика институтун бүтэрбитэ, көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, икки Олимпийскай оонньуу кыттыылааҕа, Азиатскай оонньуу призера, аан дойду боруонса призера. Бу иннинэ Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччынан, Өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир киин дириэктэринэн, 2021 сыл муус устар ыйыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтин спорка миниистирин I солбуйааччынан үлэлээбитэ. Арассыыйа спортивнай тустууга Федерациятын вице-бэрэсидьиэнэ. Кэргэннээх, икки уол, биир кыыс оҕолордоох.