Пекин — Кыһыҥҥы Олимпиада
Бары да күөх экраны кэтээн көрө олоробут. Хайыһардьыттарбыт уонна биатлонистарбыт түһэн биэрбэтилэр. Кыайыы хаһан баҕарар чаҕылхай уонна кыраһыабай буолар!
Юлия Ступак, Наталья Непряева, Татьяна Сорина уонна Вероника Степанова састааптаах хайыһарга хамаандабыт 4х5 эстафетаҕа кыһыл көмүс мэтээли аҕалла. Маҥнайгы этапка уопуттаах Юлия Ступак хара ааныттан сүүрүүнү баһылаата. Стаартаат, түөрт мүнүүтэ иһинэн утарсааччыларын хааллартаата. Күүстээх норвежка Тириль Венг баҕар тутуһан көрүө эбитэ буолуо да, бөлөхтөһөн сүүрүү ухханыгар латвийкалыын анньыһан охтоннор, сөкүүндэлэрин сүтэрдилэр. Финляндия уонна Швеция дьахталлара кутталлаахтар этэ да, сиппэтилэр. Ступак скиатлоҥҥа уонна сприҥҥэ “проваллаан” кыһыйа-абара сылдьар буолан, бу сырыыга, эстафетаҕа туох-баар күүһүн-кыаҕын түмүнэн иннин хоту элээрэ турда. Германия хайыһардьыта Катерина Зауэрбрай чугас этэ да, хаалла. Онон Юлия Ступак улаханнык утарсааччыларын хааллартаан, эстафетаны скиатлоҥҥа үрүҥ көмүс мэтээллээх Наталья Непряеваҕа бастакынан аҕалла. Охсуһуулаах, интригалаах түһүмэх буолла. Уонча сөкүүндэ хаалан иһэр биэс киһилээх бөлөҕү Олимпиада икки кыһыл көмүс медалиската уһулуччулаах норвежка Тереза Йохауг баһылаан, бастаан иһэр Непряеваны эккирэттилэр. Германия хайыһардьыта Катарина Хенниг Непряеваттан хаалбат, сыста сылдьар. Үһүс этаапка улахан көрдөрүүтэ суох уонна онно эбии санна ыалдьа сылдьар Татьяна Соринаттан тугу баҕарар кэтэһиэххэ, ситтэриэн да сөп этэ. Ол эрээри Сорина тулуста, өссө өрө дабайыыга тэтимин эбэн, чугаһыы сатыыр күүстээх утарсааччыларыттан тэйэн биэрдэ. Бүтэһик төрдүс этаапка 21 саастаах Вероника Степановаҕа эрэл кыра этэ гынан баран, эдэркээн Вероника Степанова барыларын уонна барыбытын соһутта. Тэтимин эптэр-эбэн, аатырар-сураҕырар утарсааччыларыттан аттар-атан, ырааҕынан хааллартаан, эстафетаны бастакынан түмүктээтэ! Кыайыы!!! Арассыыйа хайыһардьыт дьахталлара Юлия Ступак, Наталья Непряева, Татьяна Сорина уонна Виктория Степанова Олимпийскай чөмпүйүөҥкэлэр!!!
Бу ааспыт күһүн Алданнааҕы хайыһар базатын маҥнайгы хаарыгар Арассыыйа хайыһарга уонна биатлоҥҥа сүүмэрдэммит хамаандалара кэлэн дьарыктаммыттара. Сүрүн тренердэрэ хайыһарга Олег Перевозчиков, биатлоҥҥа Юрий Каминскай хамаандалары көрөн-истэн бэлэмнээбиттэрэ. Хас да сүүмэрдээһини ааһаннар, «алданнарбыт» Пекиҥҥэ, мүччүргэннээх түгэннэрдээх да буоллар, бэркэ күрэхтэһэ сылдьаллар. Олимпиада мэтээллэрин ылаттыыллар. Дойдубут олимпийскай хамаандата хайыһар киинигэр бу күһүн кэлэн эрчиллэн барбыттарын санаттахха, биһиэхэ, Саха сирин дьонугар, икки-үс бүк үөрүүлээх, киэн туттабыт! Михаил Гуляев Госкомспорка бэрэссэдээтэллии сылдьан бастакы хаар түһэр Алдан базатын сүүрэн-көтөн, эккирэтиһэн, үбүлээһинин туруорсан, тутуу ыыттаран, бэрт дөбөҥнүк астарбыта. Ырааҕы көрөр политик салайааччыттан ситиһиилэр кэлэллэрэ эмиэ тутулуктаах.
Хайыһар уонна биатлон эстафеталара долгуйууну, кыайыыга кэтэһиини аҕалар дьикти көрүҥнэр. Күүрээнинэн, уйулҕаны уһугуннарарынан атын спорт көрүҥнэриттэн уһулуччу турар диэтэхпитинэ, улаханнык сыыстарбаппыт. Пекиннээҕи Олимпийскай оонньууларга эр дьон хайыһарга 4х10 эстафеталарын бастакы түһүмэҕэр Арассыыйа хамаандатыгар Алексей Червоткин стаартаата. Червоткин утарсааччыларын 28 сөкүүндэ куотан Александр Большуновка аҕалан биэрдэ. Уопуттаах уонна күүстээх хайыһардьыт Большунов тэтимин өссө эбэн, биир мүнүүтэ атыылаах Денис Спицовка эстафетаны эмиэ бастакынан аҕалла. Спицов 47 сөкүүндэ атыылаах бүтэһик этаапка кэтэһэн турар Сергей Устюговка аҕалла. Иннин диэки харса суох дайа турбут Устюговы Норвегия сулуһа Йоханнес Клебо эккирэттэ да, сорунан туран үрдүк тэтимнээхтик сүүрбүт Сергей Устюгов ситтэрбэтэ, атыытын өссө эбэн, биир мүнүүтэ атыылаах үрдүк күүрүүлээх, тыҥааһыннаах эстафетаны бастакынан түмүктээтэ! Арассыыйа хамаандатыгар төрдүс кыһыл көмүс мэтээл 42 сыл ааспытын кэннэ кэлбитэ – суолтата оччонон улахан. 1980 сыллаахха АХШ Лейк-Плэсид кыһыҥҥы Олимпиадатыгар Владимир Никитин, Александр Батюк, Юрий Бурлаков уонна Александр Завьялов састааптаах Сэбиэскэй Сойуус хайыһардьыттарын хамаандата кыһыл көмүс мэтээли аҕалбыта. Онон, Алексей Червоткин, Александр Большунов, Денис Спицов уонна Сергей Устюгов кыайыылара – историческай кыайыы!
Эккирэтиһиилээх 12,5 км биатлон күрэхтэһиитигэр Эдуард Латыпов боруонса мэтээл хаһаайынынан буолбута улахан ситиһии быһыытынан сыаналанна. Тоҕо диэтэххэ хаардаах, тыаллаах күн турбута. Араас буолуон сөп этэ. Ол эрээри Латыпов маҥнайгы үс түһүмэххэ биэстии ытыытыгар биирдэ да сыыспата, сыалларын барытын табыталаата. Бүтэһик эрэ түһүмэххэ биирдэ сыыһан ыстырааптыыр эргииргэ сүүрбэтэҕэ буоллар, кыһыл да көмүскэ сананыан сөп этэ диэн исписэлиистэр быһаараллар. Ити үлүгэр хаар түһэ турар, онно эбии тыаллаах күҥҥэ-дьылга туйгун көрдөрүү буолла! Биатлонистарбыт үһүс буолбуттарыгар араас сыһыан баар. Арассыыйа спорка миниистирэ Олег Матыцин этэринэн, биатлонистарбытын ытыктыахтаахпыт уонна билиниэх кэриҥнээхпит. Боруонса мэтээл инники өттүгэр кыайыыларга көҕүлээтин!
Эр дьон биатлоҥҥа 4х7,5 км эстафетатыгар бүтэһик төрдүс этаапка барбыт Эдуард Латыповка ыарахан буолла. Карим Халили, Александр Логинов, Максим Цветков эстафетаны Латыповка биир мүнүүтэ атыылаах маҥнайгынан аҕалан биэрдилэр. Кыһыл көмүс мэтээл кэлэригэр эрэл үөскүү сырытта. Ол эрээри Латыпов иккитэ сыыһан баран саппаас үс буулдьатын эмиэ кураанахха ытта. Ол гынан балтараа сүүстүү миэтэрэлээх икки ыстырааптыыр эргиири оҥорон, эстафетаны үсүһүнэн түмүктээтэ. Түмүккэ – хамаанда боруонса мэтээл хаһаайына! Бу да үчүгэй көрдөрүү. Эдуард Латыпов Пекиннээҕи Олимпиада үс боруонса мэтээлин хаһаайына буолла!
Шорт-треккэ Константин Ивлиев, мууска хаҥкылаах үҥкүүлээһиҥҥэ Виктория Синицына уонна Никита Кацалапов үрүҥ көмүс, хаҥкы спордугар Ангелина Голикова боруонса мэтээллэри ылаттаатылар. Хаҥкыһыттар эккирэтиһиилээх куоталаһыыларыгар Даниил Алдошкин, Сергей Трофимов уонна Руслан Захаров үһүө буолан полуфиналга американецтары рекорднай көрдөрүүлээх кыайбыттара. Ол эрээри финалга Норвегия хамаандатыгар хотторон, үрүҥ көмүс мэтээлгэ тигистилэр. Хоккеистарбыт Дания хамаандатын 2:0 хотон, салгыы үчүгэйдик оонньоотохторуна, бириистээх миэстэҕэ тиксиэхтэрин сөп.
Буола турар Олимпиадаҕа өйдөммөт түгэннэр эмиэ бааллар. Олимпийскай оонньууларга кыттар спортсменнар бары күҥҥэ хастыыта да кытаанах допинг-хонтуруолу ааһаллар. Хас да омук дойдуларын спорсменнарын күрэхтэһиилэртэн туораттылар. Арассыыйа хамаандатыттан фигурнай хаҥкылааһыҥҥа түөрт рекорду олохтообут 15 саастаах Камила Валиева допины туттууга уорбаланан, бэрэбиэркэ бөҕөҕө түбэстэ. Өссө ааспыт нэдиэлэҕэ бастаабыт хамаанда фигурискаларыгар наҕараадаларын туттара иликтэр.
Олунньу 15 күнэ, киэһэ 11 чаас. Фигурнай хаҥкылааһын. Кылгас программаҕа биирдиилээн бастыыр иһин күрэхтэһии. Бүтэһик бөлөх. Түөрт Олимпийскай рекорду олохтоон аан дойду историятыгар саамай талааннаах фигурисканан ааттаммыт Камила Валиева күрэхтэһэрин көҥүллээбиттэр! Кыттарын кэтэһэбит. Тоҕо эрэ Валиеваҕа бары ыалдьабыт. Фигурнай хаҥкылааһыны маннык болҕомтолоохтук уонна сиһилии көрө да иликпит буолуоҕа. 15 саастаах кыысчаан ыарахан балаһыанньаҕа киирэ сылдьыбыта барыбытын түмтэ! Улахан суолталаах, барыбытын сэҥээрдэр түгэн. Долгутуулаах. Японка 39,53 бааллаах бастаан иһэр. Мууска американка таҕыста, оҕутта – 35 баалы ылла. Мууска – Камила Валиева. Таһыччы!!! Быһыыта-таһаата, көнөтө, чэпчэкитэ, имигэһэ. Кыраһыабайа да сүрдээх. Хамсаныыларын холкутук оҥортуур. Саппаастаах эргийтэлиир. Долгуйара биллэр. Биирдэ да мичээрдиирин көрдөрбөтө. Төһөлөөх тургутууну, ыгыыны аастаҕа, ол охсуута биллэр курдук. Бүтэн баран халыйан кэлбит хараҕын уутун соттон ылла. 44,51 баал! Бастаан иһэр японканы ааста! Уопсайа 82,16 бааллаах маҥнайгы миэстэҕэ таҕыста. Күрэхтэһии салҕанан барар. Мууска – кореянка – 43,55 = 70,34 (3м). Салгыы – Александра Трусова, охтон ылла – 40,11 (74,60). Мууска – Анна Щербакова, 42,88 (80,20). Мууска – японка – 43,06 (79,84). Онон кылгас бырагыраамаҕа Камила Валиева бастаата, иккис – Анна Щербакова, үһүс – Каори Сакамото (Япония). Кыргыттарбытын эҕэрдэлиибит!
Уон биир күн түмүгүнэн Арассыыйа хамаандата түөрт кыһыл көмүс, сэттэ үрүҥ көмүс уонна тоҕус боруонса мэтээллээх тохсус миэстэҕэ иһэр. Норвегия 12 кыһыл көмүс мэтээллээх бастаан иһэр, Германия тоҕус кыһыл көмүстээх – иккис, АХШ сэттэ кыһыл көмүстээх үһүс миэстэҕэ иһэллэр. Онтон мэтээллэр ахсааннарынан 20 мэтээллээх Арассыыйа иккис, 26 мэтээллээх Норвегия бастакы үчүгэй көрдөрүүлээхтэр.
Пекиннээҕи кыһыҥҥы Олимпийскай оонньуулар олунньу 20 күнүгэр түмүктэнэллэр.