21.09.2021 | 12:00

Педиатр Елена ИВАНОВА: «Улаатар оҕоҕо — ураты болҕомто»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүн “Яннамед” медицинскэй клиника педиатр бырааһа Елена Владимировна Иванова ыалдьыттыыр. Кинини кытта оҕо доруобуйатын туһунан кэпсэтиибитин сэргээн ааҕыҥ.

Быраас анала

– Кыра оҕо туга ыалдьарын сатаан кэпсээбэт, уопсайынан, кырачаан дьону кытта үлэлиир ыарахан. Педиатрияны тоҕо талбыккыный? Үлэҥ уратытын туһунан кэпсиигин?

–  Мин оҕолору кытта үлэлиэм диэн эрдэттэн быһаарыммытым. Эдьиийим наһаа үчүгэй оҕо бырааһа этэ. Кини курдук быраас буолар баҕа санаалааҕым.

Ханнык баҕарар ийэ, аҕа оҕотун туһугар олус долгуйар. Кырдьык, кырачаан туга ыалдьарын сатаан эппэт, арай ытаан эрэ биллэрэр. Ол иһин педиатр оҕону кытта ураты сыһыаннаах буолуохтаах, төрөппүтү кытта биир тылы булуохтаах. Киниэхэ сөптөөх ыйытыылары биэрэн, кини кэтээн көрүүлэрин болҕойон истэн оҕо туга ыалдьарын быһаараҕын. Бастакы приемҥа төрөппүтү кытта кэпсэтиини үчүгэйдик ыытыахтааххын. Ол курдук диагноз 80%-нын туруораҕын. Онтон атына лабораторнай чинчийии (анаалыстар түмүктэринэн), рентген, УЗИ көмөлөрүнэн биллэр.

 

Ийэ үүтэ, сөптөөх аһылык

Оҕо күн сирин көрүөҕүттэн улаатыар диэри педиатр хараҕын далыгар сылдьар. Онон эһиги оҕону төрүөҕүттэн, этэргэ дылы, киинэ түһэ да илигиттэн көрөҕүт. Бу кэмҥэ кини сүрүн аһа – ийэтин үүтэ. Кырачаан хас сааһыгар диэри ийэтин эмиэхтээҕий, кытаанах аһылык хаһааҥҥыттан көҥүллэнэрий? Билигин ВОЗ (Доруобуйа аан дойдутааҕы тэрилтэтэ) туох диэн сүбэлиирий? Урукку кэмҥэ оҕону олус эрдэ аһаталлар этэ дии...

Ийэ үүтэ – оҕо айылҕаттан бэриллибит аһа. Кини бастакы омурдууттан иҥэмтэлээх битэмииннэри иҥэринэр. Ийэтин түөһүгэр бигэнэн улааппыт оҕо төрөппүтүгэр быдан чугас буолар. Билигин ийэ үүтэ туһалааҕын бары бэркэ билэллэр. Интэриниэккэ ол туһунан үгүстүк суруйаллар, араас сүбэлэр тахсаллар, ютубка олус үчүгэй видеолар бааллар. Ону эдэр төрөппүттэр ааҕаллар, көрөллөр, туһаналлар. Манна куйаар ситимин үчүгэй өрүтэ көстөр диэххэ сөп. 

ВОЗ сүбэлииринэн, оҕо икки сааһыгар диэри, кыралаан да буоллар, ийэтин үүтүнэн аһыахтаах. Ортотунан балтараа сааһыгар диэри эмэрэ үчүгэй.

Урут үс ыйдаах оҕоҕо миин иһэрдэллэрэ эбэтэр мааннай хааһыны сиэтэн бараллара. Дьиҥэр, 5,5-6 ыйыттан кыралаан аһатыллар. Чаайынай ньуоскаттан саҕалаан. Бастаан оҕуруот аһыттан оҥоһуллубут пюрены биэрэр ордук. Холобур, брокколины, өҥнөөх хаппыыстаны, кабачогу. Онтон аа-дьуо гречка, эбиэс, ириис хааһылары сиэтиэххэ сөп. Салгыы сыыйа-баайа миин убаҕаһын, үрүҥ астары амсатабыт. Оҕо 11-12 ыйыттан уопсай остуол аһын сиир буолар.

Мин кэтээн көрдөхпүнэ, бастакы сылларыгар ийэлэр олус кыһаллаллар, педиатр тугу этэрин быһа гыммакка толороллор. Онтон оҕолоро арыый улааттаҕына, ыһыктынан кэбиһэллэр. Ол курдук, ГМО астарын,  буортулаах фастфуду, чипсыны сиэтэллэр.  Дьиҥэр, оҕо күүстээх иммунитеттанарыгар төрөппүт улахан эппиэтинэһи сүгэр. Оҕо бэйэтэ минньигэс, ол-бу буортулаах аһы сатаан атыыласпат. Сөптөөх, туһалаах, битэмииннээх аһылык – оҕо доруобай буоларыгар бастакы хардыы.

Антибиотиктарынан үлүһүйүмэҥ

– Оҕо иммунитета оһоҕоһун микрофлоратыттан тутулуктаах дииллэр...

– Билигин бэйэлэрэ дьиэлэригэр эмтэнэр дьон олус элбээтэ. Сорохтор истиһэ-истиһэ, интэриниэттэн көрө-көрө араас эми иһэллэр. “Ыалбыт дьахтар элбэх оҕолоох, кини ааспыкка бу эми иһэрдибит, оҕото үтүөрбүт” диэн буолар.  Сайдыылаах дойдуларга антибиотигы ырысыаба суох атыылаабаттар. Быраас ыарыһах эми хас күн иһиэхтээҕин, дозатын суруйар, аптекаҕа оччону эрэ биэрэллэр.   

Оҕо үксүн вируска хаптарар. Ону тута күүстээх антибиотиктарынан эмтээбэккэ,  аҕыйах күн тулуйуохха наада. Сорох төрөппүттэр оҕолоро сыҥсыйан, температурата тахсан, кыратык сөтөллөн барда да ыксыыллар. Муннун сууй да сууй, сот да сот буолаллар, субу-субу хааппыла куталлар. Бастакы күннэриттэн антибиотик иһэрдэргэ тиэтэйэллэр. Ол аайы оҕо оһоҕоһун микрофлората кэһиллэр, иммунитета мөлтүүр. Киһи оһоҕоһугар хас эмэ сүүһүнэн-тыһыынчанан туһалаах бактыарыйа баар. Антибиотик истэхпит аайы онтубут көҕүрээн иһэр. Оҕо микрофлората үс-түөрт ыйынан биирдэ чөлүгэр түһэр. Оттон биһиэхэ хайдаҕый? Уһуйааҥҥа сылдьар оҕо субу-субу ыалдьар, ол аайы сорох төрөппүттэр антибиотигынан эрэ эмтииллэр. Быраас анаабытын да үрдүнэн кыратык саарбахтыыр буоллаххытына, анаалыс эҥин туттаран баран биирдэ антибиотигы иһэрдиҥ диэхпин баҕарабын.

 

Оҕом субу-субу ыалдьар...

– Кырачаан иммунитетын хайдах бөҕөргөтөбүт?

—  Кыһын тымныы диэн үгүс төрөппүт оҕотун таһырдьа таһаарбат. Дьиҥэр, дьыл хайа да кэмигэр оҕо салгыҥҥа сылдьара туох да куһаҕана суох. Оҕоҕутун сибиэһэй салгыҥҥа сырытыннарыҥ, кыбартыыраҕыт салгынын ыраастааҥ (манна увлажнитель воздуха үчүгэй), элбэх ууну иһэрдиҥ. Иккиһинэн, биллэн турар, оҕо тус гигиенаны тутуһуохтаах. Илиитин сууна сылдьарга, уопсай иһиттэн аһаабат буоларга үөрэниэхтээх.

Үсүһүнэн, доруобуйа төрдө – сөптөөх аһылык. Бу туһунан кэпсээтим. Аны туран, оҕону балтараа сааһыттан уопсастыбаннай сирдэргэ кыра-кыралаан сырытыннарыахха наада. Дьиэтиттэн ханна да тахсыбат, төрөппүттэрин, чугас дьонун эрэ кытта алтыһар оҕо атын микрофлораҕа үөрэнэрэ уустук. Уһуйааҥҥа бардаҕына 30-ча оҕону кытта сылдьыа дии. Онно эрдэттэн бэлэм буолара ордук.

Уһуйааҥҥа саҥа барар оҕону толору күҥҥэ хаалларымаҥ. Бастаан икки чаас, онтон эбиэккэ диэри, итинник кыра-кыратык үөрэтиҥ. Оҕо вирустары кытта син биир көрсүһэр. Ол эрээри хас ыарыйдаҕын аайы антибиотигынан эмтээмэҥ. Антибиотик туһата суох диэбэппин, кырдьык, күүскэ ыарыйдахха онто суох кыаллыбат.

– Аны сорох төрөппүттэр оҕолорун хойукка диэри оргуйбут ууга эрэ сууйаллар, олус халыҥнык таҥыннараллар. Уопсайынан, сиэри таһынан ыарыыттан харыстыыллар. Бу туһунан санааҥ.

– Оҕону тулалыыр эйгэҕэ үөрэтэр ордук. Кырдьык, сорох төрөппүттэр оҕолорун марганцовкалаах ууга сууйаллар этэ. Дьиҥэр, көннөрү ыраас уу да үчүгэй. Кыратык улааппытын кэннэ эмиэ күн аайы мыылалаах уунан сууйар сыыһа. Оҕо тириитэ харыстанар араҥалаах буолар. Мыылата суох да сууйуохха сөп. Нэдиэлэҕэ иккитэ үчүгэйдик ванналыыр сөп. Кыыс оҕо төрүүр-ууһуур уорганын эмиэ сууй да сууй буолар сыыһа. Аны оҕону күнүттэн-дьылыттан көрөн таҥыннарыҥ диэхпин баҕарабын.

Оҕо үс сааһыгар диэри иммунитета уйан. Бу кэмҥэ төрөппүттэр оҕолоругар улахан болҕомтону уураллар, элбэхтик балыыһаҕа сылдьан көрдөрөллөр. Үһүттэн сэттэтигэр диэри ыалдьара аҕыйыыр, арыый бороохтуйар. Бу кэмҥэ төрөппүттэр үксүн кырачааннаналлар. Онон улаханнарыгар болҕомто уурбат буолан хаалаллар. Ол иһин оҕо саамай сайдар, үөрэҕи, билиини ылынар сааһыгар гаджекка сыстар. Сорох оҕолор приемҥа олорон кытта төлөпүөннэрин илиилэриттэн араарбаттар. Маннык гаджекка олус убаннахтарына үчүгэйдик саҥарбаттар, судургу ыйытыыга толору хоруйдаабаттар. Бу баар көстүү. Улаатан эрэр оҕону саатар сылга биирдэ көрдөрүөххэ наада. Харах бырааһыгар хайаан да сырытыннарыҥ. Ол иһин төрөппүттэргэ улахан оҕолоргутугар болҕомто уураргытын умнумаҥ диэхпин баҕарабын.

  

Оҕо уойуута – сытыы кыһалҕа

– Төрөппүттэр оҕо кыра сааһыгар аһын-үөлүн үчүгэйдик көрөллөр. Онтон, эппитим курдук, ыһыктынан кэбиһэллэр. Ол иһин оҕо тута сылдьан туһата суох астары сиирэ элбиир. Бу үөрүйэххэ кубулуйар. Улааттаҕына да оннук аһыыр буолар.

Сорох төрөппүттэр оҕо уойан бардаҕына куттаналлар эбэтэр: “Аймахтарбытыгар толору эттээх-сииннээх дьон элбэх”, – диэн куотуналлар. “Чэ, бэйэтэ ырар ини” диэхтэрин сөп.  Кырдьык, утумнааһын диэн баар. Ол эрээри уойуу үксүн дьиэ кэргэн үөрүйэҕиттэн (хайдах аһыырыттан) тутулуктаах. Онон аскытын-үөлгүтүн көрүнүҥ, оҕо уойар буоллаҕына куттаммакка, тута медицинскэй чинчийиини ааһыҥ.

Оҕо хайаан да хамсаныахтаах, эти-хааны сайыннарар дьарыкка сылдьыахтаах. Куораппытыгар үс бассейн баар,  араас спорт оскуолалара үлэлииллэр, босхо секция элбэх. “Оҕолору сүүмэрдиибит” диэн биллэрии бөҕө кэлэр. Онон оҕолоргутун сайыннарыҥ.

 

Прививка ыарыыттан 100% харыстаабат

– Күһүн – ОРВИ, грипп кэмэ. Грипп утары быһыыттан аккаастанар төрөппүт сыл аайы элбээн иһэр.

– Ханнык баҕарар киһи организма дьыл кэмэ уларыйарыгар стресс ылар. Эбиитин күһүн оскуола, уһуйаан аһыллар. Биллэн турар, ыарыы тарҕанар. Ол эрээри сайын күҥҥэ сыламнаабыт, сибиэһэй салгыҥҥа оонньообут-көрүлээбит оҕо иммунитета тулуйар, ыарыыга улаханнык бэриммэт. Оттон сайыны быһа дьиэҕэ төлөпүөн тутан олорбут оҕону тумуу тумнубата чахчы.

Сорохтор сылын аайы бэриллэр грипп утары быһыыны атын вирустартан эмиэ харыстыахтааҕын курдук өйдүүллэр.  “Оҕо сыл аайы ылар уонна син биир ыалдьар” дии саныыллар. Дьиҥэр, вирус эрэ элбэх. Бу быһыы грипптэн 100% харыстаабат, ол эрээри оҕо ыарыйдаҕына даҕаны түргэнник аһарынар диэн өйдүөхтээхпит.

Билигин интэриниэтинэн араас битэмиини сакаастыыр муодаҕа кубулуйда, бу кистэлэҥ буолбатах. Быраас анаабатаҕын үрдүнэн, цинк, тимир, кальций, магний, о.д.а. иһэрдэллэр. Дьиҥэр, үчүгэйдик, иҥэмтэлээхтик аһыыр оҕоҕо Д битэмиинтэн, дьуоттан атын туох да наадата суох. С битэмиин ыарыы кэмигэр иммунитеты күүһүрдэргэ эбэтэр күһүн, саас иһэрдэр үчүгэй. 

Сорох төрөппүттэр: “Оҕом сөтөллүбүтэ ыраатта, ааспат”, – диэн кэлэллэр. Инньэ гынан олус баалатан кэбиһиэхтэрин сөп. Оҕо үтүөрэн испэт, туруга тупсубат буоллаҕына, тута бырааска көрдөрүҥ диэн сүбэлиибин. Үлэни инники күөҥҥэ тутумаҥ, оҕоҕут доруобуйата — эһиги илиигитигэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...