20.10.2023 | 12:00

Павел Гоголев: «Эдэр исписэлиис үлэтин төрөөбүт дойдутуттан саҕалыыра ордук...»

Павел Гоголев:  «Эдэр исписэлиис үлэтин төрөөбүт дойдутуттан саҕалыыра ордук...»
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл учуутала» күрэх кыайыылааҕынан Куораттааҕы классическай гимназия историяҕа уонна обществознаниеҕа учуутала Павел Гоголев буолла. Тэрээһиҥҥэ Саха сирин оскуолаларыттан барыта 30 педагог кытынна. Сэттэ күн устата кинилэр бэйэлэрин билиилэрин, үөрэнээччилэри кытта үлэлиир сатабылларын көрдөрдүлэр. Финалга биэс педагог таҕыста. Кыайыылаахха «Сыл учуутала» бочуоттаах бэлиэни уонна көмпүүтэри атыылаһарга уонна үөрэнэргэ сертификат туттарылынна. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар күрэх кыайыылааҕын билиһиннэрэбит.

— Павел Николаевич, бастатан туран, хаһыаппыт уонна ааҕааччыларбыт ааттарыттан сыл бастыҥ учуутала буолбуккунан эҕэрдэлиибит. Бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо? Ханна үөрэммиккиний, учууталлаабытыҥ төһө өр буолла? Тоҕо учуутал буоларга быһаарыммыккыный? Дьиэ кэргэҥҥитигэр учууталлар бааллар дуо?

— Мин 2015 сыллаахха М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет историческай факультетын үөрэнэн бүтэрбитим. Итиэннэ төрөөбүт дойдубар, Чурапчы улууһугар үлэлээн саҕалаабытым. Эдэр исписэлиис үлэтин төрөөбүт дойдутуттан саҕалыыра ордук диэн санаанан салайтаран, үөрэҕи бүтэрэрим саҕана итиннэ үлэ миэстэтэ баар диэбиттэригэр тута тиийбитим. Учууталларым барахсаттар, сороҕор төһө даҕаны оҕо курдук санаан ыллаллар, наһаа элбэххэ үөрэппиттэрэ, такайбыттара. Кинилэргэ махталым улахан. Икки сылынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин Ф. Г. Охлопков аатынан орто оскуолатыгар көспүтүм. 2019 сылтан Дьокуускай куораттааҕы классическай гимназияҕа үлэлиибин.

Дьиҥэр, учуутал идэтин таларым оскуола саҕаттан биллибитэ. Чурапчы улууһун Гавриил Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан,  күнү супту оскуолаттан тахсыбатым, дьиэбэр хонукпар эрэ тиийэрим: араас дьарыктарга сылдьарым, олимпиадаларга, конференцияларга бэлэмнэнэрим, култуурунай тэрээһиннэргэ ыытааччы быһыытынан кыттарым уо.д.а. Итинник сылдьарбыттан бэйэм астынарым, оскуола миэхэ мэлдьи олус ураты, дьикти эйгэ буолааччы. Историянан 8-9 кылааска үөрэнэ сылдьан үлүһүйбүтүм, ордук Аҕа дойду историятын сөбүлээбитим. Оскуолатааҕы учебниктары барытын, онно эбии энциклопедиялары ааҕан, үөрэтиэхтээх бырагыраамабытын эрдэттэн үөрэтэн билэр этим.

Биллэн турар, оҕотук санаабар, атын хайысхалаах үөрэхтэри эмиэ толкуйдаан, сыымайдаан көрбүтүм, ол эрэн, этэргэ дылы, сүрэхпинэн-быарбынан син биир историяҕа тардыһарым. Университекка научнай салайааччым Наталья Николаевна Радченко этэ, кинини  кытта билигин даҕаны билсэ турабыт.

Мин санаабар, киһи инники идэтин таларыгар, таба тайанарыгар төрөппүттэр, аймахтар улахан сабыдыаллаахтар. Ол курдук, ийэм – педагог, 30-тан тахса сыл оҕо уһуйааныгар үлэлээбитэ, оттон абаҕам – математика учуутала. Итиэннэ аҕам оруола улахан, кини үйэтин тухары наһаа  элбэхтик ааҕар, барыны бары билэр. Аҕабын кытта ханнык баҕар тиэмэҕэ сэһэргэһиэххэ, мөккүһүөххэ да сөп. Убайым оруолун эмиэ этэн аһарыахха наада, биирдэ саҥа дьыл саҕана, мин историяны интэриэһиргиирбин билэн, ойуулаах-бичиктээх «Курс русской истории» диэн В. О. Ключевскай научнай үлэтин бэлэхтээбитэ.

Историяҕа үөрэппит учууталым Анна Владимировна Таппырова сабыдыала ордук улахан диэхпин баҕарабын. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, «Инникигэ хардыы» конференцияны интэриэһиргээммин, 9-с кылааска историяҕа бырайыак суруйуохпун баҕарарым туһунан учууталбар эппитим. Ону кини тута сөбүлэспитэ уонна саамай сүрүнэ киһи бэйэтин баҕата диэн эппитэ.

Эн «Сыл учуутала» күрэх кыайыылааҕа буоллуҥ, итиннэ ситиһииҥ төрдө туохханый, туох кистэлэҥнээххиний? Бэйэҥ санааҕар, күрэх ханнык түһүмэҕэ саамай уустук этэй? Үөрэнээччилэриҥ, кэллиэгэлэриҥ, чугас дьонуҥ хайдах өйөөтүлэр?

— Биллэн турар, идэтийбит педагогическай күрэхтэргэ кыайыы – ити соҕотох учуутал эрэ буолбакка, оскуола кэлэктиибин бүттүүнүн үлэтин түмүгэ.  Куораттааҕы классическай гимназияҕа дириэктэрбит уонна уһуйааччыбыт Клара Егоровна Андреева салалтатынан педагогтар таһымнарын үрдэтиигэ, маастарыстыбаларын чочуйууга былааннаммыт, киэҥ хабааннаах үлэ ыытыллар.

Куонкурус алта түһүмэҕинэн ыытылынна: педагогическай дьыктаан, аһаҕас уруок, кылаас чааһа, методическай мастарыскыай, пресс-конференция уонна публичнай лекция. Түһүмэхтэр бары уратылара уонна кэрэхсэбиллээхтэрэ, хайата саамай уустугун ылбычча быһаарбаккын. Ол эрэн саамай суолталаахтарынан уруок уонна кылаас чааһа этилэр. Ити икки түһүмэххэ учуутал бэйэтин маастарыстыбатын толору арыйар, үөрэнээччилэри кытта хайдах кэпсэтэрин, үлэлиирин чаҕылхайдык көрдөрөр кыахтааҕа.

Чугас дьонум, кэллиэгэлэрим, үөрэнээччилэрим уонна төрөппүттэр кыахтара тиийэринэн сүрдээҕин өйөөтүлэр. Күн аайы кинилэр аттыбар баалларын, өйүүллэрин көрөр-билэр этим. Кинилэргэ барыларыгар махталым муҥура суох.

— Эн санааҕар, билиҥҥи үйэҕэ учуутал идэтэ төһө наадалааҕый, төһө сыаналанарый? Каадыр тиийбэт диэн эмиэ баар, ыччат учууталлыы барыан баҕарбат, итиннэ туох толкуйдааххыный?

— Мин санаабар, билиҥҥи кэмҥэ учуутал идэтэ хаһааҥҥытааҕар даҕаны ирдэнэр. Итиннэ төрүөт элбэх: аҕа саастаах, сэбиэскэй кэмтэн үлэлээн кэлбит уопуттаах кэллиэгэлэрбит бочуоттаах сынньалаҥҥа барыталаан эрэллэр; педагогическай бакалавриаты бүтэрбиттэр магистратураҕа атын, педагогикаҕа сыһыана суох хайысханан үөрэнэ киирэллэр уо.д.а. Ол эрэн эрэл баар, ити кыһалҕаны туоратарга сөптөөх хардыылары оҥороллор: холобур, «Земский учитель» бырагыраама үлэлиир, эдэр исписэлиистэри материальнай өттүнэн өйүүллэр, оскуолаларга педагогическай кылаастары арыйаллар, Учуутал уонна уһуйааччы сылынан учуутал идэтин киэҥник пропагандалыыллар уо.д.а.

— Саҥа үөрэх дьылыттан тугу күүтэҕин, туох соруктары туруоруннуҥ?

— Үтүөнү-сырдыгы эрэ күүтэбин, быйыл социальнай-экономическай хайысхалаах 10-с кылаас салайааччытабын. Мин, эмиэ хас биирдии учуутал курдук, саҥа үөрэх дьылыгар кэккэ соруктары туруоруннум: бэйэм предмеппэр хаачыстыбалаах билиини биэрэргэ дьулуһуохтаахпын, кылаас салайааччытын быһыытынан иитэр үлэни эмиэ хаачыстыбалаахтык сүрүннүөхтээхпин, үөрэнээччилэри олимпиадаларга, куонкурустарга, судаарыстыбаннай түмүк аттестацияҕа уо.д.а. олус үчүгэйдик бэлэмниэхтээхпин. Бэлиэтээн эттэххэ, бу үөрэх дьыла уһулуччу суолталанна, миэхэ уонна гимназиябытыгар сүҥкэн эппиэтинэс сүктэрилиннэ – аны «Сыл учуутала-2024» Бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруска бэлэмнэнэбит. Ити кэлэр сыл балаҕан уонна алтынньы ыйдарыгар Саратов уобалаһыгар ыытыллыаҕа.

— Учуутал киһи хараҕынан тэҥнээн көрдөххө, аныгы уонна урукку оҕолор үөрэххэ сыһыаннара хайдаҕый, туох уратылааҕый?

— Көлүөнэлэр икки ардыларыгар тустаах ураты баар бөҕө буоллаҕа. Ол эрэн аныгы үөрэнээччилэр информационнай технологиялар, нейросеть уонна искусственнай интеллект оҕолоро буолалларын умнуо суохтаахпыт. Биир өттүнэн, итинтэн долгуйуохпутун сөп, ол эрэн үтүө өрүт эмиэ баар – саҥа кыаҕы арыйыы. Дьиҥэр, педагог киһиэхэ оҕо аата оҕо, элбэх көлүөнэ учуутал «Мин өйдүүрбүнэн, маннык кылаас өссө хаһан да суоҕа!» дииллэрин сөбүлүүллэр да буоллар.

— Билиҥҥи оҕолорго аныгылыы сыһыан ирдэнэрэ чуолкай. Үөрэтэргэр хайдах итинник сыһыаны дьүөрэлээн үлэлиигин? Чопчу туох ньыманы уонна технологиялары туһанаҕын?

— Саамай сүрүнэ, өйдүөх тустаахпыт, билиҥҥи кэмҥэ оҕолор эрэ буолбакка, төрөппүттэр, учууталлар эмиэ уларыйаллар. Ол иһин дойдубутугар үөрэҕирии стандартара эмиэ тиһиктээхтик уларыйа тураллар, үүнэр көлүөнэни бары өттүнэн сайыннарарга саҥа хайысхалар баар буоллулар. Чопчу ханнык даҕаны технологияны эбэтэр ньыманы бэлиэтээн эппэппин, тоҕо диэтэххэ учуутал –иитии уонна үөрэтии саҥа ньымаларын мэлдьи көрдүүр, тобулар киһи.  Ол эрэн, холобур быһыытынан эттэхпинэ, куонкурус бары түһүмэхтэригэр мин критическэй толкуйу сайыннарар технологиялар ньымаларын туттубутум.

Түгэнинэн туһанан, куонкурус тэрийээччитигэр – С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр институт уонна гимназиям кэлэктииптэригэр, уһуйааччыбытыгар, дириэктэрбитигэр Клара Егоровна Андрееваҕа, Чурапчы улууһун Гавриил Протодьяконов аатынан Алаҕар орто оскуолатын учууталларыгар, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет историческай факультетын преподавателлэригэр, уонна, биллэн турар, үөрэнээччилэрбэр уонна кинилэр төрөппүттэригэр барҕа махталбын тиэрдэбин.

— Павел Николаевич, кыайыыгынан өссө төгүл эҕэрдэлээн туран, эһиилги Бүтүн Арассыыйатааҕы «Сыл учуутала-2024» куонкуруска ситиһиилэри баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...