15.12.2023 | 16:00

Патриотизм туһунан

Патриотизм туһунан
Ааптар: СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕин бочуоттаах бэтэрээнэ, Ньурба улууһун Бочуоттаах гражданина Сэмэн Акыымабыс Батаакап
Бөлөххө киир

Киһиэхэ төрөөбүт буора күндүттэн күндү, туохтааҕар да чугас.

Ол иһин олохпут ыарахан түгэннэригэр төрөөбүт дойдубутугар тардыһабыт, төрөөбүт түбэбит эрэ кута-сүрэ уоскутар, нус-хас оҥорор. Ийэ дойдуга Таптал (патриотизм), бар дьоҥҥо Махтал силистэрэ сириэдийэр, айылҕалыын быстыспат ситим үөскүүр. Киһи сиэрэ-майгыта бу сырдык өйдөбүллэргэ тирэҕирэн, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу өйө-санаата сайдар, чэчириир.

Патриотизм тыыныгар иитиигэ төрөөбүт ийэ тыл сүдү суолталаах. Төрөөбүт тыл – дууһа тыла. Киһи төрөөбүт төрүт тылынан айгыр-силик айылҕалыын ситимнэһэр дьоҕурдаах, тулалыыр эйгэлиин чугастык өйдөһөр, өйөһөр. Киһи төрөөбүт тылынан ааты ылыныыта (ааттаныыта) кини айылҕаттан бэриллибит харысхала, көмүскэлэ. Холобур, Өрөгөй Хоноһо диэн сахалыы ааттаах сэрии бэтэрээнэ: «Аатым араҥаччылаан, Аҕа дойду сэриититтэн тыыннаах эргиллибитим»,— диэн кэпсиир этэ. Бу – олус таба, сөптөөх быһаарыы. Төрөөбүт тыл аптааҕар, хомуһуннааҕар бигэтик итэҕэтэр.

Гражданскай сэрии кэнниттэн, 1920-30-с сылларга, Антон Семенович Макаренко салалтатынан тулаайах оҕолору хомуйан, саастарынан наардаан, анал оскуолаҕа үөрэтэллэрэ, үлэ үөрүйэхтэригэр уһуйаллара. Маннык оскуолаҕа иитиллибит ыччаттар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр төрөөбүт дойдуларын, биир сомоҕо буолан, хорсуннук көмүскээбиттэрэ, Ийэ дойдуларыгар бэриниилээхтэрин көрдөрбүттэрэ.

Билиҥҥи кэмҥэ идэҕэ хайысхалаан, үлэ үөрүйэхтэригэр иитэр-үөрэтэр агрооскуолаларга улахан болҕомто ууруллара булгуччулаах буолла. Маннык оскуола иитиллээччилэрэ дьиҥ олоххо чугастар, кинилэр төрөөбүт түбэлэригэр олохсуйаллар, олоххо туруоруммут сыалларын-соруктарын ситиһэргэ дьулуурдаах буолаллар, тулалыыр эйгэлэриниин өйдөһөр-өйөһөр дьоҕуру иҥэринэллэр. Ыччаты үлэҕэ хайысхалаан иитии, олох олорор сатабыллары иҥэрии көдьүүстээҕин олох бэйэтэ көрдөрдө.

Ийэ дойду көмүскээччилэрэ буолуохтаах ыччаты иитии-үөрэтии оскуола сүрүн сыала-соруга буолар. 20-с үйэ бүтэһик сылларыгар Ньурба улууһун Убайаан, Ньурба бастакы, Антоновка, Чуукаар орто оскуолаларыгар алын байыаннай үөрэхтээһиҥҥэ элбэх сыраларын биэрбит военруктар Алексеев Владимир Ильиһи, Федоров Владимир Семеновиһы, Афанасьев Анатолий Трофимовиһы, Кыппыгыров Валерий Николаевиһы ыччаттара олус истиҥник ахталлар. Военрук учууталлара иҥэрбит билиилэрэ, үөрүйэхтэрэ аармыйаҕа сулууспалыылларыгар улахан көмө, тирэх буолбутун умнубаттар, ис куттарыттан уһуйааччыларыгар махтаналлар.

Хас биирдии киһи Ийэ дойдутугар бэриниилээх буолуу үтүө сиэрин-майгытын дьиэ кэргэн эйгэтиттэн (холумтаныттан) ылар. Оҕо дьиэ кэргэн сылаас эйгэтигэр иитиллэр, олох олорор үөрүйэхтэри ис кутугар (дууһатыгар) иҥэринэр, киһи-хара буолар. Төрөөбүт дойдутугар бэриниилээх, дьонугар-сэргэтигэр махталлаах киһи киһитэ, киһилии киһи, “патриот киһи” иитиллэн, такайыллан тахсар.

Билиҥҥи бу тыҥааһыннаах кэмҥэ хас биирдии киһиттэн саҕалаан, салайааччытыгар тиийэ, кэлэр кэскил туһугар биир ньыгыл сомоҕо күүс буолуу ирдэнэр. Холобур, Ньурба улууһун баһылыга Алексей Михайлович Иннокентьев анал байыаннай дьайыыга ытык иэстэрин толоро сылдьар биир дойдулаахтарыгар кэһии, ас-таҥас илдьэн, тус бэйэтинэн илиилэригэр туттарара, дьоннорун-сэргэлэрин алгыстарын, илдьиттэрин тиэрдэрэ үтүө сиэр-майгы буолар.

Кэлэр кэскил туһугар биир сомоҕо буолуоҕуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Таптал уйаламмыт ыала
Дьон | 12.09.2024 | 18:00
Таптал уйаламмыт ыала
Уопсастыба тутулун дьиэ кэргэн оҥорор. Бигэ олохтоох ыал олохпут уйгутун, үгэһин тутан олорор. Хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр талыы-талба Таатта ыала Татьяна, Егор Неустроевтары кытта ирэ-хоро кэпсэттибит.   – Татьяна Дмитриевна, ыал буолуу ийэ-аҕа алгыһыттан саҕаланар. Икки киһи сүрэх сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харах харахтарынан хайҕаһан олохторун холбууллар. Эһиэхэ хайдах этэй? Сэһэргэһиибитин онтон саҕалыах. –...
Кыыдаана Игнатьева:  «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Дьон | 06.09.2024 | 12:00
Кыыдаана Игнатьева: «Худуоһунньук бэйэтин көрүүтүнэн салайтарыахтаах...»
Куорат устун хааман иһэн эбэтэр массыынаҕа, оптуобуска олорон элбэх мэндиэмэннээх таас дьиэлэр тас эркиннэригэр уруһуйдаммыт хартыыналарга хараххыт хатанар дуо? Аҕыйах сыллааҕыта Киров уулуссатыгар турар икки уопсай дьиэ оннук тупсан хаалбытын соһуйа, эмиэ да сонургуу көрбүппүт. Онтон ыла сыл аайы Дьокуускайга арт-эбийиэк элбии турар. Бүгүн киин куоракка МУРАЛ диэн куорат тас...
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Сонуннар | 08.09.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата балаҕан ыйын 9-15 күннэригэр
Понедельник, 9 сентября 6:00 Тиэргэн 6+ 6:30 Мы вам покажем 12+ 7:00 Сана кун 6+ 8:00 Утро Якутии 6+ 9:00 Сана кун 6+ 10:00 Утро Якутии 6+ 11:00 Тиэргэн 6+ 11:30 Проавто 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Сайдыс 6+ 12:45 Асчыттар 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+...