19.05.2021 | 22:41

Патриоческай тыыҥҥа иитэр сыаллаах

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка  «Биһиги – патриоттарбыт» күрэх түмүктэннэ. Бу үөрэнээччилэргэ аналлаах күрэх Дьокуускайдааҕы бэтэрээннэр, ону сэргэ төрөппүттэр куораттааҕы Сэбиэттэрин тэрийиитинэн уонна куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын өйөбүлүнэн ыытылынна.
Күрэх сүрүн сыалынан оҕолору дойдубут историятыгар сыһыарыы, Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сэбиэскэй норуот хорсун быһыытын үйэтитии буолар. Манна оскуола кэлэктииптэрэ араас таһымнаах күрэхтэргэ, аахсыйаларга, патриотическай хайысхалаах научнай-сырдатар тэрээһиннэргэ кыттыбыттарын, бэтэрээннэргэ көмөлөспүттэрин туһунан презентация көмөтүнэн кэпсээбиттэр. 
«Күрэх сыала үөрэнээччилэри гражданскай, сиэр-майгы өттүнэн ситэрии-хоторуу уонна патриотическай тыыҥҥа иитии оруолун үрдэтии буолар», – диэн кэпсиир Дьокуускай куораттааҕы төрөппүттэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Туйаара Колесова.

«Биһиги – патриоттарбыт» күрэх кыайыылаахтара:
2-4 кылаастар
1 миэстэ – 4 «В» кылаас, Тулагы орто оскуолата, кылаас салайааччыта Зотова В.Б.
2 миэстэ –  4 «В» кылаас, куораттааҕы классическай гимназия, кылаас салайааччыта Вензель Н.И.
3 миэстэ – 4 «Д» кылаас, 7 №-дээх орто оскуола, кылаас салайааччыта Сафонова Л.В.
Номинация кыайыылаахтара:
«Патриотическай аахсыйалар эдэр актыбыыстара» – 2 «А» кылаас, 7 №-дээх Жатай орто оскуолата, кылаас салайааччыта Малкович Н.Д.
«Эдэр чинчийээччилэр» – 2 «А» кылаас, 34 №-дээх орто интэринээт-оскуола, кылаас салайааччыта Омукчанова Л.А.
5-7 кылаастар
1 миэстэ – 6 «А» кылаас, куораттааҕы классическай гимназия, кылаас салайааччыта Гомзякова А.О.
2 миэстэ – 7 «Б» кылаас, 23 №-дээх орто оскуола, кылаас салайааччыта Гаврильева В.С.
3 миэстэ – 6 «Б» кылаас, 29 №-дээх орто оскуола, кылаас салайааччыта Неустроева А.Д.
«Төрөөбүт кыраайдарын билээччилэр» номинация кыайыылааҕа –  5 «А» кылаас, 30 №-дээх орто оскуола, кылаас салайааччыта Степанова Н.Е.
8-11 кылаастар
1 миэстэ – 8-11 кылаастар, 26 №-дээх орто оскуола, музей сэбиэдиссэйэ Чусовская Х.И.
2 миэстэ – 10 «Г» кылаас, 7 №-дээх орто оскуола, кылаас салайааччыта Тарасова В.Н.
3 миэстэ – 10 «А» кылаас, 29 №-дээх орто оскуола, кылаас салайааччыта Антонова Э.И.
Күрэх тэрийээччилэрэ кыайыылаахтары уонна призердары эҕэрдэлииллэр уонна барыларыгар махталларын тиэрдэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...