31.07.2024 | 11:34

Паромунан айаҥҥа терминаллар үлэлээтилэр

Паромунан айаҥҥа терминаллар үлэлээтилэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥүттэн, атырдьах ыйын 1 күнүттэн, Дьокуускай – Аллараа Бэстээх – Дьокуускай хайысханан сылдьар паромҥа киирэр төлөбүр биэрэккэ туруоруллубут терминаллар көмөлөрүнэн оҥоһуллар.
Терминаллар икки биэрэккэ иккиэннэригэр тураллар. «Паромы Якутии» ХЭУо уонна «ЯПК «Платежи» АУо маныаха анаан төлөбүрү оҥорууну ыйар-кэрдэр эппиэттээх үлэһиттэри бэлэмнээбиттэр.
Манна даҕатан этттэххэ, кэлиҥҥи сылларга паромнар причалларыгар инфраструктураны тупсарыыга улахан үлэ ыытылынна – накопителлэр, шлагбаумнар, светофордар, таблолар, видеонан кэтээн көрүү оҥоһулуннулар.
СӨ инфокоммуникационнай технологияларга киинэ инновация министиэристибэтин өйөбүлүнэн оҥорбут «Паромы Якутии» төлөпүөн сыһыарыытын көмөтүнэн паромнар сырыыларын, сылдьар бириэмэлэрин, өҥө сыанатын туһунан бары информацияны ылыахха сөп.
Маны сэргэ «Первая паромная переправа» ХЭУо толору хааччыллыылаах туалет оҥорбута, тырааныспар министиэристибэтин, «Cаха сирин тимир суоллара» хампаанньа уонна Мэҥэ Хаҥалас оройуонун дьаһалтатын күүстэринэн Аллараа Бэстээххэ күүтэр пуун тэриллибитэ кэлиҥҥи сылларга паром өҥөтүнэн туһанар нэһилиэнньэҕэ болҕомто күүһүрбүтүн бэлиэтэ, диэн иһитиннэрэр t.me/mintrans_sakha🔹 телеграм-ханаал.

Хаартыска: Мария Васильева, СИА

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...