Паромнар сырыылара көһөрүлүннэ
Өлүөнэ эбэни туоруур паромнар быһа холоон ыам ыйын 25 күнүттэн сырыыларын саҕалыахтара диэн бу иннинэ суруйбуппут. Өрөспүүбүлүкэтээҕи тырааныспар Министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар биллэрбиттэринэн, Өлүөнэ эбэҕэ быһыы-майгы паром сырыытыгар табыгаһа суох буолан, кэнники болдьоххо көстө.
«Суудуна сылдьар балаһыанньата мөлтөөн, ол эбэтэр муус барыыта хойдон, Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан паром туоруура ыам ыйын 25 күнүттэн эбэҕэ балаһыанньа көнүөр диэри тохтотулунна», — диэн этиллэр пресс-сулууспата иһитиннэриитигэр.
Дьиҥэр, эбэ мууһа ырааһырбыта буоллар, күн бастакы аҥаарыгар бастакы быһаҕас рейсэни туоратар былаан табыллыбатах.
Паром сырыыта саҕаланарын күүтэн, икки кытылга массыыналар мустан турбуттара бэлиэтэнэр.
Эбэҕэ муус барыыта хайдаҕыттан көрөн, паром сырыыта ханнык күнтэн саҕаланара билиннэ да, ааҕааччыларбытыгар биллэриэхпит.