22.05.2020 | 13:26

Паром сырыыта саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥүттэн “Дьокуускай-Аллараа Бэстээх” хайысханан паром сырыыта саҕаланна. Билигин ООО «Лентранс», ООО «Первая паромная переправа» уонна «Вторая паромная переправа» 5 парома уу суолугар таҕыста. Паром ахсаана сыыйа-баайа 16-ҕа тиийэ эбиллиэҕэ.

Коронавирус дьаҥа тарҕамматын туһугар, Ил Дархан уурааҕар олоҕуран, паромҥа бэйэ массыынатынан айанныыр көҥүллэнэр. Чугас дьону, дьиэ кэргэни тиэйэ сылдьар бобуллубат.

Маны тэҥэ паромунан онкологическай диагнозтаахтар уонна гемодиализка кэлэр-барар, тимир суол ыстаансыйатыттан айанныыр дьон хааччаҕа суох туһаныахтарын сөп. Айанньыттар бэйэ-бэйэлэриттэн 2 м. тэйиччи туттуохтаахтар.

СӨ сыана бэлиитикэтигэр судаарыстыбаннай кэмитиэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх икки ардыгар пассажирдары уонна тырааныспары таһар паромнар тарыыптара быйыл үрдүө суоҕа.

Дьокуускай уонна Аллараа Бэстээх икки ардыгар паромунан сырыы сыаната: 10-тан аҕа саастаах оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо – 122 солк., биэстэриттэн 10-гар диэри саастаах оҕолорго — 62 солк.

Массыыналары таһыы сыаната:

— кыра массыыналар ыйааһыннарыттан көрөн — 340-1 275 солк.;

— 0,5 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах таһаҕас массыыналарыгар — 405 солкуобайтан саҕаланар;

— 30 тоннаҕа диэри ыйааһыннаах таһаҕас массыналарыгар — 1 660 солкуобайга диэри;

— пассажирскай автобустарга – 1 535-2 730 солк.;

— мотороллердарга уонна мотоцикларга – 170 солк.;

— контейнердарга – 320-3 085 солк.

Биир тонна таһаҕаһы таһыы ортотунан 340 солкуобай.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....