Паромҥа билиэттээх эрэ массыыналары киллэриэхтэрэ
Муус устар 21 күнүттэн Дьокуускай – Аллараа Бэстээх хайысханан норуокка «подушка» диэнинэн биллэр салгын олбохтоох уу аалларынан айан иһин төлөбүр сыаната төттөрү икки тыһыынчаҕа диэри түспүтэ.
Өлүөнэ мууһа хойуутук барар кэмигэр төлөбүр сыаната үс тыһыынчаҕа диэри үрдүү сылдьыбыта. Уу ааллара Дьокуускайтан 204-с түөлбэҕэ арыллыбыт саҥа «Намыв» ыстаансыйаттан күннэтэ сарсыарда 07:00 чаастан киэһэ 20:00 чааска диэри сылдьаллар.
Тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрэринэн, паром сырыыта бу нэдиэлэ бүтүүтэ саҕаланара сабаҕаланар. Сонуну киэҥник көрдөрөр-иһитиннэрэр тиһиктэр суруйалларынан, «Паромы Якутии» ХЭТ быйыл эмиэ тарыыптарын үрдэтэр былааннаах. Санатар буоллахха, паром сыаната былырыын эмиэ үрдээбитэ. Ол эрээри сыананы СӨ Сыана политикатыгар судаарыстыбаннай кэмитиэтэ СӨ «Тарыып агентствота» ГКУ кытта быһаллар. Бүгүҥҥү күҥҥэ быйылгы навигация сыаната бигэргэтиллэ илик.
Бэлиэтээн эттэххэ, «Паромы Якутии» ХЭТ быйылгыттан билиэти урукку курдук паромҥа киирэн буолбакка, биэрэккэ терминалтан атыылыыр ньыманы тобулбут. Ол эбэтэр паромҥа билиэттээх эрэ массыыналары киллэриэхтэрэ,