Пандемиянан ипотекага эмиэ сынньалаҥ биллэрилиннэ
Ессө ааспыт нэдиэлэҕэ сорох тэрилтэлэр дьоннорун төлөммөт уоппускаҕа ыыталаабыттара. Оттон бу кэлэр нэдиэлэ өрөбүллүүр буолан хааллыбыт. Гонорарга үлэлиир, оҥорбут үлэлэрин иһин утары харчынан ылар дьоҥҥо улахан охсуулаах балаһыанньа үөскээтэ. Дьон дохуота кыччыыр, оттон ороскуота уларыйбат – куортамы, ипотеканы, коммунальнай өҥөлөрү, нолуоктары син биир төлүөххэ наада. Дьиэ ылбыт дьоҥҥо ипотекаларын кирэдьиитэ ыгар. Тэрилтэлэргэ температуралаах, ыарыы сибикитэ биллэр дьону үлэлэриттэн туоратан иһиҥ диэтилэр. Үгүс тэрилтэлэр ыраахтан үлэлээһин ньыматыгар көстүлэр. Маныаха предпринимателлэри былаас өйүөхпүт диэтэ. Оттон көннөрү үлэһит дьон тугунан быыһаныан сөбүй? “Ипотека каникула” диэн өйдөбүл былырыын киирбитэ. Дохуоттара 30 бырыһыан түспүт дьон “каникулга” барыахтарын сөп.
Ону таһынан Центробанк коронавирустаабыт дьон кирэдьииттэрин төлөбүрүн хойутаттахтарына бырыһыаны, ыстыраабы эбимэҥ диэтэ. Ипотекалаах киһи ыалдьыбыт буоллаҕына, кирэдьиитин сатаан биэрбэтэҕинэ, солуок уурбут соҕотох дьиэтин 2020 сыл балаҕан ыйыгар диэри тутан ылыллыбат диэн буолла. Холобур, ВТБ заемщикатарын өйүүр миэрэлэри ылынан эрэр. 3 ыйга диэри төлөбүрү пени аахпакка эрэ кэтэһэрин уонна пандемия кэмигэр бүлүтүөҥҥэ олорбут, дохуота кыччаабыт дьону “кирэдьиит сынньалаҥар” ыытарга бэлэмин туһунан иһитиннэрдэ. Сбербанк пандемия кэмигэр ыалдьыбыт дьоҥҥэ эрэ буолбакка, хамнастара кыччаабыт дьоҥҥо кытта чэпчэтиилэри оҥоруон сөп эбит. Бааҥҥа коронавирус кэмигэр үлэлээбэтэххитин, ыалдьан олорбуккутун, дохуоккут түспүтүн докумуонунан дакаастыахтааххыт. Онлайн-сайаапка биэриэххэ сөп.