14.09.2020 | 07:47

Пандемиябыт бүгүҥҥү туруга хайдаҕый?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

     Саха сиригэр коронавируска оперативнай көрдөрүү (балаҕан ыйын 9 күнүнээҕи туругунан):

  Ыалдьыбыт киһи ахсаана  -  7797

  Үтүөрэн тахсыбыттар -  6204

  Өлүү түбэлтэтэ – 90

  Коронавируска тест  туттарбыт киһи ахсаана – 405 572

Дьэ, ыарахан сыыппаралар... Бу  кэннигэр төһөлөөх киһи олоҕун отуора  кэһиллибитэ, сүтүктээхтэр харахтарын уута тохтубута буолуой? Айманыы, хараастыы... Ордук ыарыылааҕа – кыра оҕолор ыалдьыылара.  Бүгүҥҥү туругунан күн аайы 50-тан тахса ыарыһах эбиллэ турар. Хаһан тохтуур ыарыы эбитэ буолла? Сыстыганнаах дьаҥтан дьон-сэргэ уйулҕа өттүнэн сылайда. Куттана-дьаархана сылдьар турукка киирдэ.

Туох кистэлэ кэлиэй? Кэнники кэмҥэ коронавирус дьаҥа намтыахтааҕар, өссө тэнийэн иһэрэ, ама, кими дьиксиннэрбэт буолуой? Улуустарынан, нэһилиэктэринэн тарҕанан эрэрэ мэлдьэх буолбатах. Дьиҥнээх баар көстүүнү, статистиканан намтатан көрдөрөр буолбуттарыттан киһи хараастар. Бу дьаҥ ханнык улуустарга, дэриэбинэлэргэ турбутун сиһилии билиһиннэрии суоҕун кэриэтэ.

Холобурдаан эттэххэ...

  Өймөкөөн улууһугар ааспыт нэдиэлэттэн “Коронавирус тарҕаммыт” диэн сурах-садьык социальнай ситими  толорбута.

Өймөкөөн үс нэһилиэнньэлээх пуунугар төһө киһи ыалдьыбытын билигин эһиги дьүүлгүтүгэр таһаарыам. Ол курдук, Хара Тумул, Өймөкөөн, Томтор нэһилиэктэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн чугас тураллар. Хара Тумул - Өймөкөөн - 3 км, Өймөкөөн – Биэрэк Үрдэ – 7 км, Өймөкөөн – Томтор – 40 км быысаһаллар. Бу үс нэһилиэккэ холбоон, 900-кэни кыайбат киһи олохсуйан олорор. Онтон Томтор нэһилиэгэр – балтараа тыһыынчаны кыайбат киһи. Атырдьах ыйыгар мин бу нэһилиэктэргэ айаным сыалынан баран кэлбитим. 

    Хара Тумул нэһилиэгэ – коронавируһунан 6 киһи ыалдьыбыт. Онтон 1 ыарахан туруктаах ыарыһаҕы санитарнай рейсинэн куорат инфекционнай балыыһатыгар аҕалбыттар. Кинилэри кытта  чугастык алтыспыт 44 киһини чинчийбиттэр.

    Өймөкөөн нэһилиэгэ – бу дьаҥынан 3 киһи сутуллубут. 1 киһи олохтоох балыыһаҕа эмтэнэ киирбит. Кинилэри кытта 20 киһи алтыспыт, балартан 10 киһитэ бииргэ үлэлиир дьонноро. Барыларыттан анаалыс ылбыттар.

    Томтор нэһилиэгэ – манна 5 киһи сыстыганнаах дьаҥҥа хаптарбыт. Ыалдьыбыт дьон бары олохтоох балыыһаҕа тустаах эмтэниини бараллар. Бу ыарыһахтары кытта 53 киһи алтыспыт. Онтон 22 киһитэ үлэлэринэн.

Вирусологическай чинчийиигэ, ол эбэтэр коронавируска 1401 киһи, ол иһигэр 70 оҕо анаалыс туттарбыттар. Хабыллыбыт дьон, оҕолуун-уруулуун бары эмчиттэр көрүүлэригэр кэтэбилгэ хапсыбыттар.

                                   Төрүт дорҕоон тыҥаны сайыннарар

Саргылаана Борисовна Николаева-Тупсаана, төрүт өбүгэ үөрэҕин тарҕатааччы, Дьокуускай куорат:

- Билигин быыһык кэм кэлэн турар. Пандемиянан сибээстээн киһи бэйэтэ-бэйэтигэр бүгэн хаалла. Аан дойду дьонугар барытыгар бу ыарыыттан  хайдах бэйэбитин дьаһанабытый диэн толкуй кэлэр. Норуот барыта, омугуттан тутулуга суох, бу дьаҥы этинэн-сааһынан, өйүнэн  чугастык ылынна. Ол мээнэҕэ буолбатах, икки өрүттээх. Холобурдаан эттэххэ, үчүгэй да буолуон сөп, куһаҕан да буолуон сөп. Бу киһи толкуйдаан таһаарбыт ыарыыта, айылҕа киэнэ буолбатах. Мин үс сыллааҕыта, бу тыын кэлэн иһэрин сэрэйбитим. Оччолорго эйгэбит чуумпуруу, ол эбэтэр кэтэнии, мананыы туругар киирбит кэмэ этэ. Биһиги, сахалар, үрүҥ уонна хара тыын диэҥҥэ араарабыт дии. Мин айылҕабынан маннык этиэхпин сөп. Киһи сайдыыта мээнэ барбыт. Ону бу ыарыы тохтотто, толкуйданыҥ диир. Ол аата быыһык кэм кэлбит. Дьол уонна сор билигин утарыта турдулар. Ол төрүөтүнэн бары мааска иһигэр киирэн хааллыбыт. Билигин өй-сүрэх мөккүөрүн былдьаһыктаах кэмигэр олоробут. Пандемия кэмигэр экология уонна экономика биир буолар кэмнэрэ кэллэ. Тоҕо диэтэххэ, билиги геокултуура кэллэ. Ол аата норуот бэйэтин төрүт култууратыгар, кини сыаннаһыгар тирэҕирэр кэмэ. Норуот бэйэтэ историялаах, итэҕэллээх, иитэр-сааһылыыр төрүт идэлэрдээх буолуохтаах. Итини мүччү туппатаҕына, 21-с үйэҕэ чиҥник киириэхпит диэн бигэтик эрэнэбин. Коронавирус кэмигэр дьон-сэргэ таас дьиэҕэ олорон тыыннара хаайтарда. Мантан сэдиптээн тыа сирин олоҕун, айылҕаҕа чугас буолуохтаахтарын дьэ билиэхтэрэ. Онно бу дьаҥ төрүөт буолла. Сахабыт төрүт дорҕоонноро тыҥаны сайыннарар. Онон саха куттаах киһи маны билиэхтээх.

1007 киһи гирииби утары быһыы ылла

    Ааспыт нэдиэлэҕэ куораппыт килбэйэр киинигэр, Ленин болуоссатыгар дьон-сэргэ  тоҕуоруһа мустубутун көрөммүн, туох тэрээһинэ буоллаҕай диэн интэриэһиргээммин онно тиийбитим. “Кылаабынайа – доруобуйа” диэн суруктаах плакаты көрө түспүтүм. “Вакцинация против гриппа” диэн ыарыыны сэрэтэр медицинскэй көрүү буола турар эбит.

1-кы №-дээх поликлиника үлэһиттэрэ гирииби утары быһыыны куорат олохтоохторугар биэрэ олороллорун түбэһэ көрөбүн. Уочарат уһун, дьон быыстала суох кэлэ турар. Сорохтор ааһан иһэн, тохтоон, быһыы ылан бараллар. Эмчиттэртэн быыс булан ыйыппыппар, элбэх киһи гирииби утары быһыыны ыллылар. Күҥҥэ 100-200 киһиэхэ быһыы биэрэ олоробут диэн үлэлэрин хаамыытын сэгэттилэр.  Тэрээһин ыытыллыахтаах сонуна эрдэ барбыт буолан эбитэ дуу, хас күн аайы уһун уочарат буолбут эбит. Онон билиҥҥи пандемия кэмигэр дьон-сэргэ доруобуйатыгар өссө күүскэ болҕомтотун уурар буолбутун бу ыытыллыбыт тэрээһин көрдөрдө. Сэттэ күн ыытыллыбыт медицинскэй көрүүгэ, гирииби утары быһыыны 1007 куорат олохтоохторо кэлэн ылбыттар.

Аттыларыгар турар массыынаҕа тиийэбин. Манна “Центр Спид” медицинскэй тэрилтэ ВИЧ инфекцияҕа, вируснай гепатит В, С көрүҥнэригэр анаалыс ылар, экспресс-тестирование оҥорор эбит. Манна тута бу этиллибит тиэстэргэ тарбаххыттан хаан ылаллар, анаалыһыҥ түмүгэ 15 мүнүүтэнэн биллэр эбит. Докумуоҥҥун ирдээбэттэр. Ол түмүгэр элбэх киһи анаалыс туттарбыт. Доруобуйатын туругун билиэн баҕалаах киһи, бу тэрилтэҕэ кэлэн босхо экспресс тургутууну ааһыан сөбүн туһунан анал үлэһит быһааран биэрдэ. Бу ыытыллыбыт тэрээһин тухары, күҥҥэ төһө киһи кэлэн, тургутууну аспыттарын ыйыппыппар, тустаах тэрилтэ үлэһитэ биир күҥҥэ 100-тэн тахса киһи кэлэн, бу ыытыллыбыт тэрээһиҥҥэ кытыннылар диэтэ.

Үтүө түмүктээх буоларыгар эрэнэбин

Ефросинья Дьячковская, 1-кы №-дээх поликлиника ыарыыны сэрэтэр отдел сэбиэдиссэйэ:

- Дьокуускай куорат киин болуоссатыгар, куорат олохтоохторугар анаан атырдьах ыйын 31 күнүттэн балаҕан ыйын 6 күнүгэр диэри 1-кы №-дээх поликлиника тэрийиитинэн гирииби утары быһыы бэрилиннэ. Куорат олохтоохторо олус көхтөөхтүк кыттыбыттарын тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕарабын. Ол курдук, сэттэ күн ыытыллыбыт ыарыыны сэрэтэр тэрээһин түмүгүнэн уопсайа гирииби утары быһыыны 1007 киһи ылла. Бу үчүгэй көрдөрүү дии саныыбын. Элбэх киһи кэлэн махтал тылларын эттэ. Туох кистэлэ кэлиэй, сорох дьон бу дьаҥ турбутунан сибээстээн, поликлиникаҕа кэлэн көрдөрүнэллэрин куттаналлар эбит. Онон маннык аһаҕас халлаан анныгар профилактическай көрүүнү ыыппыппытын биһирээтилэр. Аны халлааммыт туран биэрэн, элбэх киһи кэлэн гирииби утары быһыы ылан бардылар. Билигин күһүҥҥү сезон саҕаланан, элбэх киһи тымныйарыгар төрүөт буолар күн-дьыл кэллэ. Онон доруобуйаларын туругун көрүнэр куорат олохтоохторугар бу ыытыллыбыт тэрээһин үтүө түмүктэрдээх буоларыгар эрэнэбин.

Чөл турукпут бэйэбититтэн тутулуктаах

Марина Афанасьева, куорат олохтооҕо:

- Бу тэрээһин буоларын дьүөгэм төлөпүөнүнэн эрийэн эппитэ. Дьаҥ туран, хас да ыйы быһа дьиэҕэ олордум. Сылын аайы бэйэм поликлиникабар тиийэн, гирииби утары быһыыны көтүппэккэ ылар этим. Хата, бу тэрээһини ыытаннар, кэлэн быһыы ылан баран эрэбин. Дьэ, уһун уочарат буолла. Мин көрдөхпүнэ, үксэ саастаах дьон кэлбиттэр. Эдэрдэртэн аҕыйах ыччат көстөр. Коронавирус ыарыыта туран, аны дьону-сэргэни “вакцинация”, “чиптээһин” курдук тыл-өс санааларын өрө ытыйан эрэр. Биир бэйэм истэ-истэ саллабын. Билигин киһи доруобуйатын туһугар бэйэтэ кыһаллар үйэтэ кэлэн турар. Онон маннык ыытыллар тэрээһиннэргэ дьон-сэргэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыан наада.

Светлана Корякина, Орто Халыма улууһуттан кэлэ сылдьар:

- Хата бу мин ааһан иһэн, таарыйан аастым. Бүгүҥҥү күннээххэ бэйэбэр үтүө дьыаланы оҥордум. Уоппускабын ыламмын, куоракка оҕолорбор күүлэйдии кэлэ сылдьабын. Биһиэхэ, хоту улууска, ыарыйдахпытына эрэ балыыһаҕа көрдөрүнэбит. Бүгүн манна гириип утары быһыы ыллым. “Центр Спид” диэн суруктаах массыынаҕа тиийэммин, түмүгэ 15 мүнүүтэнэн биллэрин истэн, ВИЧ инфекцияҕа, гепатит икки көрүҥэр анаалыс туттардым. Түмүгэ барыта этэҥҥэ эбитин истэммин үөрдүм. Биһиги, ыраах улууска, дэриэбинэҕэ олорор дьон, доруобуйабытын мээнэ көрдөрбөппүт. Сөптөөх усулуобуйа да суох буоллаҕа. Онон бүгүҥҥү ыытыллыбыт тэрээһинтэн сүрдээҕин астынан баран эрэбин. Киһи ханна да сырыттар, тус доруобуйатын бэрэбиэркэлэнэ сылдьыахтаах диэн толкуйдаахпын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...