03.01.2021 | 10:48

Пандемия туһалаата, көрөөччүбүт элбээтэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Үүнэр көлүөнэ театра Кыайыы 75 сылын Виктор Розов “Өрүү тыыннаахтар” (“Вечно живые”) испэктээгинэн түмүктээтэ. Сэрии алдьархайа дьон иллээх-эйэлээх олоҕун аймаабытын,  инники дьылҕатын түөрэ эргиппитин долгуйа, аймана көрдүбүт. Артыыстар оруолларын оннук итэҕэтиилээхтик оонньоотулар.

Пандемияҕа үлэ тохтооботоҕун, бу кэми айар кэлэктиип туһалаахтык атаарбытын театр уус-уран салайааччыта Алексей Павлов кэпсээтэ:

– Аныгы технологияны туһанан, видеосюжеттары, испэктээктэри, мультипликационнай остуоруйалары оҥорон көрдөрдүбүт. Арассыыйа Култууратын министиэристибэтин “Большой проект” диэн бырайыагар Уильям Шекспир “Ромео уонна Джульетта” драматынан турбут “Таптал баарын тухары” испэктээкпит киирбитэ. Культура.РФ порталга түөрт испэктээкпит көһүннэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа атын регионнарын үгүс көрөөччүтэ биһиги театрбыт үлэтин сыаналаата. Урут сыанаҕа эрэ тахсар буоллахпытына, пандемияны туһанан, хоһооннорбутун, остуоруйаларбытын, испэктээктэрбитин, уобарастаан эттэххэ,  өрөспүүбүлүкэни биир гына ыһан кэбистибит. Көрөөччүбүт өссө элбээтэ. Социальнай ситимнэргэ дьон махтанан суруйдулар. Онтон биһиги олус үөрдүбүт.

Александр Титигиров, театр сүрүн режиссера:

Виктор Розов “Вечно живые” айымньытын “Летят журавли” диэн киинэнэн билэр буолуохтааххыт. Сыанабыт хаарбах туруктаах буолан, фойебытыгар туруордубут. 16 артыыс оонньуохтааҕын 9 киһилээх оҥордубут. Барыта этэҥҥэ ааста. Санаабыппыт сатанна.

Хаарчаана буолан хомойбутум...

Анастасия Петрова, театр артыыһа, “Өрүү тыыннаахтар” испэктээккэ Вероника оруолун толорооччу:

–Эһэм Эверстов Конон Софронович 1941 сыллаахха сэриигэ барбыта уонна улаханнык бааһыран, 1942 сыллаахха төннөн кэлбитэ. Искра диэн дэриэбинэҕэ бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Сут кэмигэр эһэм элбэх киһини   аччыктааһынтан быыһаабыта. Бу оруолбун кини сырдык кэриэһигэр аныыбын.

Пандемия миэхэ олус ыараханнык ааста. Дьиэҕэ олорорбун сөбүлээбэт киһибин. Хата, төлөпүөҥҥэ мультик, видео таҥан сэргэхсийдибит. Уруккуттан хаһаана сылдьыбыппын оҥордум. Иллэҥ кэммэр уруһуйдуурбун сөбүлүүбүн. Дьиэҕэ олорон гуаһынан, акрилынан кырааскалыырга үөрэнним. Папье-машенан мааска оҥордум. Голливуд артыыстарын үтүктэн, грим көмөтүнэн саҥа уобарастары айдым.

Оҕо сылдьан киэһэ аайы харыйаны көрөн баран сытарым. Онтон сурук суруйан угарым. Сарсыарда турбутум, сакалаат сытар буолара! Оччолорго кэмпиэт, сакалаат соччо дэлэйэ суох, кэмчи кэмэ этэ.

Биирдэ Хаарчаана буолан хомойбуппун өйдүүбүн. Ийэм көстүүммүн илиитинэн тикпитэ. Маскараат куонкуруһугар миэстэлэһэр санаалаах тиийбитим. Сэҥээрэн да көрбөтөхтөрө. Көннөрү хара водолазкалаах, кутурук уонна кулгаах кэппит кыыһы үһүс миэстэ оҥорбуттара.  

Саҥа дьыл күн хара сарсыардаттан ас астыырбын кэтэһэбин. Чугас дьоммун кытта үөрэ-көтө үүнэр үтүө кэми көрсөрбүн долгуйа күүтэбин. 

Ситиһиилээх сыл ааста

Никита Соловьев, театр артыыһа, “Өрүү тыыннаахтар” испэктээккэ Марк оруолун толорооччу:

–Марк омсолоох дьоруой диэбэппин. Кини олох олоруон баҕарар, ол иһин сэриигэ барарыттан куотунна.

Бу сыл айар үлэбэр үтүө түмүктээх буолла. “Олох диэн олох” сериалга Дуолан оруолун толорбутум.  

Кыра сырыттахпына Телепузик буолбуппун өйдүүбүн.  Дьонум билбэккэ, саһархай өҥнөөх таҥастаах кыыс оҥорон кэбиспиттэр. Оҕолор күлүү гыммыттара. 

Үүнэр көлүөнэ театрын артыыстара, “Саҥа дьыл” диэн тылы иһиттэхтэринэ, бары биир киһи курдук, оҕолорго аналлаах утренниктары саныы түһэбит дииллэр. Чахчы даҕаны, урут баччаларга театрга кырачааннар тоҕуоруһаллара, үөрүү-көтүү үксүүрэ. Артыыстар оҕо саастарын санаатылар, Тымныы оҕонньорго сурук суруйалларын, харыйа анныттан бэлэх булан үөрэллэрин кэпсээтилэр.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....