23.06.2020 | 19:01

Пандемия кэмигэр сөтүө көҥүллэммэт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Роспотребнадзор COVID-19 пандемиятын уодьуганныыр сыаллаах ылыллыбыт миэрэлэригэр этиллэринэн, пляжтары арыйыы бэйэ изоляциятыттан тахсыы эрэсиимин үһүс түһүмэҕэр көҥүллэниэхтээх. Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ хааччахтартан тахсыы 1-кы түһүмэҕэ баран эрэр. Ол аата пляжтар официальнайдык аһылла иликтэр, сөтүө көҥүллэммэт.

Халлаан сылыйаатын кытта көҥүлэ суох пляжтарга дьон маассабай сөтүөлээһинэ бэлиэтэнэр. Бу күннэргэ Табаҕаҕа уонна 203 микрооройуоҥҥа ууга былдьана сыспыт дьону быыһаатылар.

Гигиена уонна эпидемиология Саха сиринээҕи салалтата уу уонна кумах боруобатын ылан, анаалыстаатаҕына эрэ сөтүө көҥүллэниэхтээх. Оннук дьаһаллар билигин оҥоһулла иликтэр.

Пандемия хааччахтарын көтүрүү үһүс түһүмэҕэр пляжтар арылыннахтарына, 1,5 м социальнай тэйиччи туттуу, дезинфекциялааһын ыытыллыаҕа, маассабай тэрээһиннэр син биир бобуулаах буолуохтара. СанПиН ирдэбилинэн, пляжка уопсастыбаннай туалеттар, душтар, бөх быраҕар контейнердар, кумаҕы ыраастааһын о.д.а. барыта тэриллиэхтээх. Ирдэбиллэргэ эппиэттиир пляһынан билиҥҥитэ 202 микрооройуон  сөтүөлүүр сирэ эрэ буолуон сөп.

Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаата иһитиннэрэр: көҥүлэ суох сиргэ сөтүөлээһин  доруобуйаҕытыгар уонна олоххутугар кутталлаах!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....