02.11.2020 | 09:25

ПАНДЕМИЯ КЭМИГЭР БЭЙЭ ДЬЫАЛАТЫН САҔАЛААБЫТТАР

ПАНДЕМИЯ КЭМИГЭР БЭЙЭ ДЬЫАЛАТЫН САҔАЛААБЫТТАР
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Федеральнай нолуок сулууспатын саайтыгар көрдөххө, ыарыы тарҕаныаҕыттан, ол эбэтэр кулун тутарга уопсайа 66 000-тан тыһ. тахса предприниматель тэрилтэтин саппыт. Оттон сорохтор,  ыарыы саамай үгэннээн турдаҕына, ырыынагы үөрэтэн көрөн баран, бэйэ дьыалатын саҕалаабыттара.  Ол кимнээҕий? Бүгүҥҥү нүөмэргэ кинилэр тустарынан сырдатабыт.

 ГОГОЛЕВТАР ИККИ БИЗНЕСТЭЭХТЭР

Диана уонна Егор Гоголевтар билиҥҥи кэмҥэ элбэх эдэр ыалга холобур буолалла. Эдэр дьон иккиэн олохтон сырдыгы, туһалааҕы эрэ тобулар санаалаахтар. Ыал аҕата Егор Нам улууһуттан төрүттээх. Устудьуоннуур сахтан  булугас-талыгас өйүнэн, сытыы толкуйдааҕынан биллибитэ. Тапталлаах кэргэнэ Диана айылҕаттан талааннаах, уруһуйдуура, илиитинэн тутан-хабан, туох эрэ саҥаны, кэрэни оҥорон таһаарара. Эдэр ыаллар биир баҕа санаалара – иккиэн бас билэр бизнестэрэ. Кинилэри кытта билсиэххэйиҥ.

  •  Мин бэйэм Ньурбаҕа улааппытым, үөрэммитим. Бэйэбин өйдүөхпүттэн илиибэр куруук кырааска уонна кумааҕы баар буолара. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан араас хабааннаах муода күрэстэригэр таҥас тиктэ-тиктэ кыттарым. Улахан кылаастарга тахсарым саҕана тату искусствотын сэҥээрэн барбытым. Ол эрээри ыра санаам туолбатаҕа. Оскуолабын бүтэрээт, Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын академиятыгар сир уонна кадастр идэтигэр тутарсан киирбитим. 2019 c. күҥҥэ көрбүт күммүт-ыйбыт төрүүр. Онтон оҕобун көрөн олорбутум. Оҕо сааһым ыра санаатын олоххо киллэриэхпин олус баҕарарым. Төһө даҕаны кыра оҕолоох буолларбын, Дьокуускайга кэлэн, тату маастарын кууруһугар үөрэммитим. Ньурбаҕа кэлбиппин кэннэ улам-улам сакаас тохтоло суох кутуллан киирэн барбыта. Пандемия кэмигэр бэйэм бас билэр тату устуудьуйатын арынан үлэлии сылдьабын.

Устуудьуйам иһэ эмиэ балыыһа курдук ыраас, тустаах миэрэни барытын тутуһан үлэлиибин. Дезинфекция хайаан да оҥоһуллар. Дьон-сэргэ татуну сүрдээҕин интэриэһиргиир. Эдэр ыччат эрэ сэҥээрэр диир сыыһа, аҕам саастаахтар кытта бааллар. Бизнеһим ороскуотун үс ыйынан саппытым.

Ыал аҕата Егор:

  • Сайдыылаах кэмҥэ олорорбутун учуоттаан уонна тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, таһымын үрдэтээри уонна бэйэм аска интэриэстээх буоламмын суши уонна пицца астыыр, дьиэҕэ тиэрдэн биэрэр сулууспа арынныбыт. Билигин дьон уопсастыбаннай сирдэргэ сылдьарын, аһыырын олус куттанар. Ол иһин дьиэтигэр олорон сакаастыыр буолла. Бизнеспин арыныам иннинэ таһаҕас тиэйиитинэн дьарыктана сылдьыбытым, билигин да суол арылынна эрэ, айаҥҥа турунабын. Идэбинэн үлэлии сылдьыбытым эрээри, тэрилтэҕэ үлэлиир миэнэ буолбатах эбит диэн түмүккэ кэлбитим. Иккис бизнеспит ороскуотун саба илик, харчы куруук эргийэ турар. Дьон сакаастыыр буолан, астыыр сыахпытын өссө улаатыннараары, өрөмүөн үлэтин ыытабыт.

Биһиги санаабытыгар,  билигин бэйэ дьыалатын тэринэргэ саамай тоҕоостоох кэм. Пандемия кэмигэр син биир ыарахан. Ол да буоллар, киһи бэйэтигэр үлэлиирэ быдан табыгастаах. Олох очурдарыгар оҕустарбакка, туохтан да толлубакка барытын боруобалаан иһиэххэ наада.

СЫННЬАЛАҤ БАЗАЛААХ ВАСИЛИЙ

Василий Алексеев, эр киһи буолан, тыаны, айылҕаны, ыраас салгыны туохтааҕар да ордорор. Бэйэтэ бас билэр бизнеһин урут-уруккуттан айылҕаны кытта ситимниир баҕалааҕа. Ол ыра санаата туолан, билигин Владимировкаттан 10-ча км тэйиччи, аатырбыт мифическэй табуннартан быдан ыраах, сир куортамнаан, база туттан бүтэрбит.

  • Мин эколог идэлээхпин. Бэйэм тыа сиригэр улааппыт буоламмын мас дьиэҕэ, айылҕаҕа олус чугаспын. Этэргэ дылы, салгынныын атын буоллаҕа. Пандемия саҕаланыан инниттэн былааннаах этим. Олохпутугар маннык улахан уларыйыылар буолуохтара диэни түһээн да баттаппатаҕым. Ол да буоллар, быйыл сайынтан саҕалаан сынньанар дьиэлэри тутан бүтэрдибит. Тас дойдулар бары кэриэтэ сабыллан тураллар, нэһилиэнньэ соҕуруу сынньана барарыттан арыый да туттунар санаалаах. Ол иһин бэйэлээх бэйэбит сирбитигэр сынньалаҥы тэрийии олус наадалаах буолла.  Үчүгэйэ диэн дьиэлэрбит дьыл кэмиттэн тутулуга суохтар, кыһыннары-сайыннары үлэлиир буолаллар. Ылан көрдөххө, кыһыҥҥы кэмҥэ таас дьиэҕэ хаайтара сыппыт киһи мас дьиэ куортамнаан барар сирэ ахсааннаах. Базабыт эбийиэктэрин толору хааччыллыылаах гына кыһаллан туран оҥордубут. Аныгылыы моһуоннаах дьиэлэр, баанньык, отучча киһи батар банкеттыыр саала уонна билигин балаҕан тута сылдьабыт. Дьоҥҥо табыгастаах буоларын курдук, туох-баар усулуобуйаны барытын олохтоотубут. Мин санаабар, мыраан үрдүгэр сынньалаҥ бэйэтэ туспа эниэргийэлээх. Саха дьоно үрдүк айыыларга, иччилэргэ итэҕэйэр уонна төрөөбүт төрүт үгэстэрин өрө тутар.

Олохпут укулаата төһө даҕаны уларыйдар, бизнеһи таба тэринэн үлэлэттэххэ табыллыахтаах дии саныыбын.

УОПУТТААХ ЭРГИЭМСИК

Надежда Павлова, 2014 с. ХИФУ финансово-экономическай институтун бүтэрбитэ. Тута бизнес умсугутуулаах айаныгар туруммута. Маҥнай барыта кыраттан саҕаланар дииллэринии, Надя араас малы-салы аҕалан, нэһилиэнньэҕэ атыылаан барбыта. Онтон уопсастыбаннай ас-үөл эйгэтигэр номнуо үһүс сылын үлэлиир.

  • Пандемия быдан саҕаланыан иннинэ Дьокуускай куорат Кырдьаҕас куоратыгар аһыыр сири арыйан үлэлэтэ турбуппут. Кулун тутар ыйга барыбытын саппыттарын кэннэ дьиэҕэ тиэрдэн биэриинэн дьарыктанан барбыппыт. Үлэ ыарахан. Дойдубут экономиката айгыраата, конкуренция олус күүстээх, үлэ бырассыаһа уустук. Сайын саҕаланыыта кафелары арыйан саҕалаабыттарыгар туспа сыах буламмыт көспүппүт уонна «Еда Город» диэн бырайыакпын олоххо киллэрэммин ас астыыр, дьиэҕэ илдьэн биэрэр сулууспаны арынным.

Биллэн турар, хас биирдии бизнес-бырайыак кыһалҕаттан оҥоһуллан тахсар. Киһи ылла да, бизнеһинэн дьарыктанара уустук, ыарахаттардаах. Бу бизнеспин олоххо киллэрэрбэр хамаанда хомуйартан саҕалаан, олох түптээн билбэтэх ас сакааһын эйгэтигэр киирэн, билиҥҥэ диэри ыарахаттары көрсөбүт. Бары билэрбит курдук, Дьокуускайга аһы-үөлү тиэрдии ырыынага тобус-толору. Биһиги дьиҥнээхтии хаачыстыбаҕа, сөптөөх сервискэ эппиэттииргэ үлэлэһэбит. Пандемия кэмигэр сыахпытын иккитэ көһөрбүппүт. Дьокуускайга сөптөөх усулуобуйа, миэстэ буларга олус ыарахан. Аны туран, киһи бэйэтэ тутуон баҕардаҕына инвестиция эрэйиллэр. Биллэн турар, прдприниматель бэйэтэ хас да мэндиэмэннээх дьиэ тутан таһаарара билиҥҥи экономикаҕа хайдах да сөп түбэспэт. Пандемия бүттэ диир кыаҕым суох, билигин өссө да уларыйыылар иннибитигэр тураллар. Сыалбытын туруоран сайыннарар эрэ баҕалаахпыт.

Орускуот сабынарга чуолкай суот-учуот наада. Кыралаан сабынабыт, этэҥҥэ хардыылаан иһэбит, билиҥҥитэ бигэ тирэх диэн суох. Сарсын, өйүүн, икки ыйынан, эһиил туох буоларын ким даҕаны билбэт, эрэннэрбэт. Манна даҕатан эттэххэ, коронавирус кэмигэр улахан да, кыра да предпринимателлэр охсууну ыллыбыт. Ырыынагы, аан дойду экономикатын, тас дойдулар тугу суруйалларын кэтээн көрдөххө, эстии, “умайыы” эһиилгиттэн өссө элбиэх курдук.

ОЛОҔУ КЫТТА  ТЭҤҤЭ ХААМАР УЙГУЛААНА

Ыарыы кэлбитин кэннэ бары булгуччу мааскалаах сылдьаҕыт диэн үөһэттэн дьаһал кэлбитэ. Хомойуох иһин, биһиги куораппытыгар мааска кэмчи буолан биэрбитэ. Дьон бары мааска көрдүүр сүпсүлгэнигэр умса түспүтэ. Ким эрэ кыһалҕаны таба көрөн, бэйэтэ маасканы тигэн саҕалаабыта. Олортон биирдэстэрэ –  Уйгулаана Васильева.

  • Бэйэм иистэнэрбин олус астынабын. Сахалыы таҥаска тиийэ тигэбин. Пандемия кэмигэр бары хам баттанан дьиэбитигэр олордубут. Куоракка мааска суох буолбутугар нэһилиэнньэҕэ мааска тигэн барбытым. Икки кырачаан оҕолоохпун, кинилэр утуйбуттарын кэннэ үлэлиибин. Ииһи сатыыр буоламмын араас дьэрэкээн мааскалары тикпитим. Маҥнай утаа ахсааннаах этибит, дьон үксүн медицина мааскатын ирдэспитэ. Сакаас тохтоло суох киирэрэ, күҥҥэ 80-ҕа тиийэ маасканы тигэрим.

Ханнык баҕарар кэмҥэ киһи туспа уурунуу харчылаах буолуохтаах дии саныыбын. Олохпут инникитин өссө тугу бэлэмниирин билбэппит. Иккис идэбин баһылаары, медицина институгар иккис кууруска үөрэнэбин. Кыргыттар сирэйдэрин-харахтарын кырааскалыыбын, хаастарын оҥоробун, кыламаннарын уһатабын. Бу ааттаабыт хайысхаларбар тустаах үөрэҕи ааспытым, бэйэм килийиэннэрдээхпин. Дьиҥинэн, пандемия быдан саҕаланыан инниттэн кэрэ буолуу салонун арыйан үлэлэтэр баҕалаах этим. Обородуваниета барыта бэлэм турбута. Иккис долгун кэллэр да, билигин дьэ үлэҕэ киллэрээри сылдьабын. Уопсайынан, ханнык баҕарар урбаанньыт ороскуотун түргэнник сабарыгар харчыны сатаан тутта үөрэниэхтээх. Мин мааскам  ороскуотун тутатына саппытым.

Билиҥҥи үйэ киһитэ ханнык баҕарар бизнеһи арынар кыахтаах. Кризис да буоллун, харчы да уларыйдын.  Саамай сүрүнэ, түгэни туһанан былааннаахтык толкуйдуохха  эрэ наада.

Сыстыганнаах ыарыы тарҕаныыта сорох предпринимателлэргэ оҕуста быыһыылаах. Миэхэ соччо оҕуста диэбэппин. Тоҕо диэтэр сөбүгэр мааска тигэн атыылааммын элбэх дохуоту киллэрдим. Быһа холоон  биир күҥҥэ 10-ча тыһыынча киирэрэ. Билигин да дохуот оҥостобун, күннэтэ 3 тыһ. тиийэ киирэ турар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...