06.06.2021 | 16:50

Пандемия кэмэ: ырыаһыт, үҥкүүһүт туох тургутууну ааста?

Пандемия кэмэ:  ырыаһыт, үҥкүүһүт туох тургутууну ааста?
Ааптар: Сардаана Багынанова
Бөлөххө киир

Биллэр ырыаһыттар, үҥкүүһүттэр пандемия кэмигэр атын туох сонун дьарыктаах буоллулар? Бу хааччах кэмигэр туох кыһалҕаны көрүстүлэр? 

Киинэ аартыгын арыйдым

Валентина Романова – Чыскыырай, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, эстрада ырыаһыта:

Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт дьаҥ кэмигэр туох дьарык баар буолуоҕай. “Выживание” курдук. Ол эрэн санаабытын түһэрбэккэ, бу күҥҥэ диэри этэҥҥэ олорон кэллибит. Биллэн турар, саҥа атын дьарыгы арыйбатым. Ол эрэн, пандемия кэмигэр киинэ бэстибээллэригэр сылдьан, айар үлэбэр саҥа, сонун “реализацияны” аастым. Бу сыл устата айар үлэбэр кэккэ ситиһиилэр баар буоллулар. Ол курдук, “Пугало” диэн киинэбитинэн хас да бириэмийэни туттум. Арассыыйа таһымнаах киинэ бэстибээлигэр кыттаммын, “Пугало” киинэҕэ уһулламмын, “За лучшую женскую роль” номинацияны ыллым. Киинэбит араас бэстибээллэргэ кыттан, кэккэ ситиһиилэннэ. Онон пандемия кэмигэр бэйэбэр киинэ аартыгын арыйдым диэххэ сөп. Бу кэм устата киһи быһыытынан бэйэбин сааһыланным. Доруобуйа өттүгэр улахан болҕомтобун ууруннум. Ол эрэн, пандемия кэмигэр тус олохпор ыарахаттары көрүстүм. Үчүгэй да, ыарахан да түгэннэр бааллара. Санаабын түһэрбэккэ, инним хоту аргыый аҕайдык баран иһэбин. Олоххо хаһан баҕарар ыарахаттар бааллар, ону эрдээхтик тулуйуохха эрэ наада. Мин санаабар, бу барыта тургутуу диэн буолар. Онон барыта кэмигэр буолан ааһар түгэннэр буолаллар. Бу ыарахан кэмҥэ мин олохпор “Пугало” киинэҕэ уһуллуум көмөҕө кэлбит быһыылаах дии саныыбын. Тапталлаах кэргэммин сүтэрбит ыарахан кэммэр, олохпор тирээн кэлбит ыарахан балаһыанньабар “Пугало” миигин санньыар санааттан өрө тарта. Эстрада театрыгар үлэлиир кэллиэгэлэрим сүрдээҕин күүс-көмө буоллулар, өйөөтүлэр. Онон түгэнинэн туһанан, кинилэргэ улахан махталбын тиэрдэбин.

Таах олорботум

Афанасий Афанасьев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Арассыыйа үтүөлээх артыыһа:

Пандемия кэмигэр таах мээнэ олорботум. Үлэ үөһүгэр сылдьабын. Ол эрэн, бу сыстыганнаах дьаҥ кэмигэр бэйэбин күүскэ харыстанабын. Билигин циркэ артыыстарын, акробаттарын, гимнастарын күн аайы классическай үҥкүү хамсаныыларыгар үөрэтэбин. Манна Пекиннээҕи цирковой колледжы бүтэрбит үһүс көлүөнэ артыыстарын дьарыктыыбын. Бу ыччаттар сотору кэминэн Казань куоратынан, Бурятиянан гастролга барыахтаахтар. Онон циркэ артыыстара бэйэлэрин ис туруктарын, физическэй хамсаныыларын көрүнэ сылдьыахтаахтар. Төһө да ыарыы кэмигэр кэккэ хааччахтар баар буолбуттарын иһин, кинилэр сүрдээх дьарыктаныыны аастылар. Мин бэйэм салгыҥҥа сылдьан, элбэх хамсаныылары оҥоробун, сынньалаҥ пааркатыгар тиийэн сүүрэбин. Быыһыгар флешмоб, тик-ток оҥоробун, “сьемкаҕа” сылдьабын. Саас Чэбдигирии сылынан, Үөһээ Дьааҥы улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр тиийэн, улахан аахсыйа оҥорон кэлбитим. Үҥкүүгэ маастар кылаастары ыыттым. Таатта Кыйы нэһилиэгэр, эмиэ аахсыйа чэрчитинэн, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо анаан үҥкүүгэ маастар кылаастары ыыталаатым. Наар хамсана сылдьабын. Пандемия кэмигэр таах олорботум, үҥкүүгэ элбэх дьону дьарыктаатым. Дьаҥ кэмигэр мээнэ сылдьыбат буола сатыыбын.  Быйыл бэһис сылбын “Браво, танцор” диэн бэйэм ааптарыскай үҥкүү куонкуруспун “онлайн” көрүҥүнэн ыыттым. Элбэх үҥкүүһүттэр, ансаамбыллар кытыннылар. Онно 30 тыһыынчалаах призовой пуондабын биэрдим.

Экономикаҕа улахан охсууну аҕалла

Аркадий Николаев–Эрхаан, Эстрада театрын ырыаһыта:

- Пандемия кэмигэр бу кыһыны быһа үлэлээтибит. Тохтоон хаалбатахпыт. Балаҕан ыйыттан үлэбитигэр тахсыбыппыт. Бу соторутааҕыта эмиэ үлэбитигэр кыра хааччахтары киллэрдилэр. Ол курдук, 50 %-тын үлэлэтэ сылдьаллар, 50 %-мытын олортулар. Атастаһа-атастаһа үлэлиибит. Аны аҕыйах хонугунан үлэһиттэр бары уоппускаҕа барыахтаахпыт. Тэрилтэлээх буолан, бу пандемия кэмигэр абыранныбыт диэххэ сөп. Чааһынай үлэлээх дьоҥҥо ыарахан бөҕө буоллаҕа. Аан дойдуга коронавирус дьаҥа туран, дойду экономикатыгар, биллэн турар, улахан уларыйыылар таҕыстылар. Ордук чааһынай бизнестээх дьон кэккэ уустуктары көрүстүлэр. Айар үлэлээх дьоҥҥо даҕаны, бу хааччах кэккэ ыарахаттары аҕалла. Ол эрэн, санаабытын түһэрбэппит. Айар үлэбит быыһык кэми этэҥҥэ туоруурбутугар күүс-көмө биэриэ диэн бигэ эрэллээхпин.

Бэйэбинэн күүскэ дьарыктанным

Надина Эльпис, ырыаһыт:

– Пандемия маннык уһуннук салҕанан барыа дии санаабатаҕым, хайдах эрэ түргэнник ааһыах курдуга. Тус бэйэм туох ыараханы көрүстүм? Дьаҥ саҕаланыан иннинэ Эстрада театрыгар үлэлии сылдьыбытым. Өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, миигин салалта үлэбиттэн “сокращайдаан” кэбиспитэ. Онно түбэһэн, үлэтэ суох хаалбытым. Оруобуна сити кэмҥэ аан дойдуну аймаабыт коронавирус ыарыыта саҕаламмыта. Бу иннинэ үлэлээбит хамнаспын мунньан, онон олорон кэллим диэххэ сөп. Иккис сылыгар барда. Үлэбиттэн ураты атын дьарыгым суох этэ. Москванан, Питеринэн, Турциянан элбэхтик айаннаатым. Манна дойдубар үлэҕэ киирэргэ кэккэ ыарахаттардааҕын өйдөөбүтүм. Пандемия кэмигэр бэйэбинэн күүскэ дьарыктаммытым. Турцияҕа баран турок тылын үөрэтэн кэллим. Онно тылга сыһыаннаах анал куурустарга үөрэнэн, бэйэбэр элбэҕи биллим-көрдүм. Быыһыгар клиптэри, саҥа ырыаларбын уһуллум. Билигин хааччаҕынан сибээстээн, үп өттүгэр кэккэ ыарахаттары көрүстүм. Арай бу сыстыганнаах дьаҥ биэс сылга диэри уһаатаҕына, инникитин хайдах олоробунуй диэн толкуйга түспүтүм. Биһиги курдук ырыа эйгэтигэр сылдьыбыт артыыстарга, дьэ, кырдьык, олохпутугар ыарахаттар баар буоллулар. Ырыаттан ураты атын дьарыгым суох буолан, миэхэ өссө ыарахан этэ. Депрессияҕа киирэ сылдьыбыт кэмнэрим да бааллара. Дьиэ кэргэммэр кэккэ кыһалҕалар тирээбиттэрэ. Ол эрэн санаабын түһэрбэппин. Бу сыл уларыйыылары аҕалыа диэн итэҕэйэбин. Хара сурааһын кэнниттэн сырдык кэлиэ диэн бигэ эрэллээхпин. Кыра дохуоту социальнай ситим аҕалар. Инстаграмҥа элбэх сурутааччылаах буоламмын, реклама биэрэллэр. Уонна, холобура, төрөөбүт күҥҥэ эбэтэр үбүлүөйгэ анаан “онлайн” эҕэрдэлэри сакаастыыллар. Онон сылы быһа онтон эмиэ кыра дохуот киирэр этэ.

Көрөөччүлэрбин олус аҕынным

Виталий Очиров, алгысчыт, ырыаһыт:

– Былырыын пандемия саҕаламмытыгар улахан мунуу-тэнии суох этэ. Сааскы өттүгэр  оҕуруоппунан дьарыктаммытым. Сайынын от-мас үлэтигэр күнү-дьылы билбэккэ аһарбытым. Пандемияҕа, этэргэ дылы, үөрэнэн да бардыбыт. Дьаҥ туһунан элбэхтик истэбит, ол эрэн испитигэр киллэрбэппит. Олох бэйэтин дьаалатынан устан иһэр. Артыыс киһи буоларым быһыытынан, көрөөччүлэрбин, истээччилэрбин олус аҕынным. Эмиэ да күннээҕи кыһалҕаны кытта алтыһар үөрүү буоллаҕа дии. Өрүү үчүгэй өрүтү өрө тутан, оргууй-наллаан, сэрэнэн-сэрбэнэн, истиҥи иитэн сэмээр олоробут. Барыта этэҥҥэ буолуо.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...