29.06.2022 | 18:42

Пааспары оҥотторуу түргэтиир

Пааспары оҥотторуу түргэтиир
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ ИДьМ “Дьокуускайдааҕы” МУ Миграцияҕа отдела иһитиннэрэринэн, Арассыыйа гражданинын пааспарын оҥотторуу болдьоҕо уларыйар. 
Билигин пааспары олорор сиргинэн – 10, атын сиртэн 30 хонук иһигэр оҥорторор буоллахха, от ыйын 1-кы күнүттэн пааспары оҥотторуу, докумуону ханна туттарартан тутулуга суох, 5 үлэ күнүн иһинэн буолар. 
Маны тэҥэ, от ыйын 1 күнүттэн медицина көмөтүнэн босхо туһанарга, балыыһаҕа көрдөрүнэргэ булгуччулаах медстраховка (ОМС) полиһа биитэр пааспар эрэ ирдэниэҕэ. Гражданин олорор биитэр кэлбит сиринэн учуокка тустаах муниципальнай оройуон ханнык баҕарар регистрациялыыр уорганыгар туруон сөп буолар.
Маны таһынан от ыйыттан биэнсийэ мунньуллар чааһыгар сыһыаннаах сокуон олоххо киириэҕэ. Өскөтүн биэнсийэ мунньуллар чааһа судаарыстыбаннайа суох биэнсийэ пуондатыттан атыҥҥа сокуоннайа суох көһөрүллүбүт түбэлтэтигэр, болдьоҕун иннинэ көһөрүү иһин туппут инвестиционнай дохуот харчыта суут уурааҕынан гражданнарга төннөрүллүөхтээҕин туһунан саҥа сокуоҥҥа сурулла сылдьар. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...