Пааҥка төбөтө уонна национальнай характер
Музейбар “Ночь искусства” диэн тэрээһин чэрчитинэн лекция аахтым. Биир сааһыран эрэр киһи ыйытта: «Сахаларга национальнай характер баар дуо?» – диэн.
Мин хоруйдааччы буоллум:
– Былыр-былыргаттан араас айымньыттан, киэҥ-холку норуот, күүстээхтэр, булугас-талыгас, сытыы, мындыр өйдөөхтөр, барыны-бары сатыыр, саҥаны түргэнник ылынар, ыалдьытымсах омук дииллэрэ…
Онуоха киһим: «Билигин бу эн этэр өрүттэргиттэн туох да хаалбата. Барыта харчы, харчы инниттэн тугу да оҥороллорун кэрэйбэттэр», – диэн киһи кыайан хоруйдаабат гына кытаанахтык этэн кэбистэ. Хаһыакка да чаастатык суруйалларынан, араадьыйаҕа да этэллэринэн, кырдьык, уларыйыы баар быһыылаах. Били Карл Маркс “Не сознание определяет бытие, а бытие определяет сознание” диэн үөрэҕэ сөптөөҕүн билинэргэ тиийэбит.
Дьон-сэргэ олоҕо улаханнык уларыйда, төрүт дьарыкпыт, олохпут укулаата да биир кэм турбат, сайдар, саҥа сыһыаннаһыылар, атыы-эргиэн, харчы-үп күүскэ киирдилэр. Бу барыта сиэр-майгы уларыйыытыгар, үгэстэргэ, ылыллар дьаһаллара биллэр. Хомойуох иһин, барыта үчүгэй буолбатах. Киһи куһаҕаҥҥа түргэнник үөрэнэрэ, куһаҕаны түргэнник ылынара баар суол.
Уларыта тутуу кэмигэр норуодунай худуоһунньук А.П. Мунхаловы кытта Парижка Пьер диэн сааһырбыт француз дьиэ кэргэнигэр сылдьыбыппыт. Бу киһи олус хомойон кэпсээбитэ: «Уларыта тутуу Арассыыйаҕа киирэн эрэр, хомойорум диэн, биһиги, арҕаа европалар, куһаҕан өрүттэрбитин күүскэ ылынан эрэҕит. Мин сиэннэрбэр Франция телевидениетын хонтуруоллаан көрдөрөбүн, сэбиэскэй киинэлэри ордоробун. Духуобунас Арассыыйаҕа эрэ хаалла диирим, ханна баарый? Биһиги куһаҕаммытын хатылыыгыт, өссө өрө бараҕыт». Афанасий Петрович биһикки ону истэн, курус санааҕа куустарбыппыт. Кырдьаҕас француз дьаархаммыта кэлэн эрдэҕэ дуу?
Аныгы сайдыылаах олох сиэринэн саха дьоно аан дойду араас искуссвтотын билэр-өйдүүр буолаллара ирдэнэр. Ол эрээри киирэр, бэриллэр информацияттан наар үчүгэйин, сүмэтин ылынар наада. Бу билигин, холобура, «Пааҥка төбөтүн» тула айдаан буола турар. Этэргэ дылы, “субъективный образ объективного мира” буоллаҕа. Скульптураны маастар бэйэтэ тугу эрэ хайдах өйдүүрүнэн оҥордоҕо дии. Ону ким ылынар – ылынар, сөбүлээбэт – сөбүлээбэт. Ол национальнай хараактыртан, үйэлээх үгэстэртэн тутулуктаах буолуон эмиэ сөп. Ол гынан баран бу художественнай уобарас буоллаҕа дии. Бэлиэтээн эттэххэ, биһиги куораппытыгар арҕааҥҥы искусство айымньылара оннук элбэх буолбатах, биирдиилээн эрэ баар ээ. Ону норуокка, нэһилиэнньэҕэ быһааран, өйдөтөн биэриэххэ. Баҕар, туруорьут сирдэрэ табыгаһа суох буолуо. Ханнык баҕар объект, ол иһигэр искусство айымньыта, турар сирэ учуоттаныахтааҕа өйдөнөр. Оттон искустсво айымньыларыгар ураты болҕомтолоох сыһыан ирдэнэр. Тус бэйэм бу пааҥка төбөтө норуокка буортулаах, мөкү дьайыылаах диэн санаабаппын.
Биир кэмҥэ, уларыта тутуу саҕаланнаҕын утаа, Америкаттан пенсионердар туристыы кэлэр буола сылдьыбыттара. Кинилэргэ лекция аахтараллара. Биир лекциям кэнниттэн ыйыттылар:
– Уларыта тутуу эһиэхэ туох үчүгэйи аҕалла, туох сабыдыаллааҕый? – диэн.
Мин «туох да үчүгэй сабыдыал баарын билбэппин. Арай бу ыччаттарбыт тобуктара алдьаммыт ыстааны кэтэр буоллулар» диэн баран тылбаасчыт устудьуон оҕо хайдыбыт тобуктаах джинсытын ыйан көрдөрдүм. Уолум кыбыһынна...
Кырдьык, джинсы ыстаан, жевачка, видеокассеталар, видеомагнитофоннар, омук массыыналара биһигини, биһиги тутулбутун кыайбыттара, дьон-сэргэ, ордук ыччат, оҕолорбут өйдөрүн-санааларын буккуйбуттара. Ити материальнай таҥнарыы, атыыланыы буолуон сөп. Оттон үрдүкү салалтаҕа таҥнарыы, харчыга атыыланыы баарын билигин дьэ суруйар, ахтар буолан эрэллэр. Бэйэбит кэммитигэр улуус баһылыктарын «байыҥ, дьоҥҥутун ол кэмҥэ байытыҥ» диэн ыҥырар, этэр дьоннор бааллара. Балай эмэ сыллар аастылар эрээри, байбыт, атаҕар турбут, дьонугар көмөлөспүт баһылыктар баалларын билбэппин, өйдөөбөппүн, көрсө иликпин дуу... Бааллара буолуо ээ, киһи билбэтинэн, сир-буор аннынан көмөлөһөр дьон. Хата, сууттанан, хаайыыга баралларын истэбит, билэбит, ааҕабыт...
Ити кэмнэргэ ыччат министиэристибэтэ тэриллибитэ, концепция ылыммыттара...
Бастакы тирээн турар соругунан ыччаты харчы-үп оҥорорго, өлөрөргө ыҥырбыттар этэ – “научись зарабатывать деньги”. Арай хайдах оҥорору ыйбатахтар, үөрэппэтэхтэр. Ол саҕана ыччат, киһи барыта эргинэр-урбанар, дьону албыннаан, табаары үрдэ суох ыаратан байар-тайар ухханыгар түспүттэрэ, чэпчэки олоҕу батыспыттара. Мин санаабар, сиэр-майгы, өй-санаа сатарыйыыта мантан саҕаламмыта...
Ол эрээри олус наһаа санааны түһэрэр табыллыбат. Саха дьоно төрүт дьарыкпытын тутан олоробут, салгыы сайыннарыахха эрэ наада. Сүөһү иитиитинэн, булдунан, балыктааһынынан, сир аһынан дьарыктанарбыт тухары сахалар үгэстэрбитин, сатабылларбытын умнуохпут суоҕа. Бу бэйэбититтэн тутулуктаах, оҕолорбутун иитиигэ, үгэстэри, үөрүйэхтэри билэллэригэр, тутуһалларыгар ураты болҕомто уурар наада.
Национальнай характербыт уларыйарыгар арай олох-дьаһах, үлэ-хамнас сабыдыаллыахтарын сөп. Интернет, цифровой технология сайдыбыт, сайдар кэмигэр куһаҕаны, мөкүнү батыһымыахха. Атын омуктар үчүгэй өрүттэрин ылынар, сайыннарар сөп. Манна биһиги үйэлэргэ илдьэ кэлбит үгэстэрбит, сиэрбит-майгыбыт, национальнай характербыт туһалыахтаахтар.
Саха национальнай характерыгар дьахтарга ураты ытыктабыллаах сыһыан баар. Ол тыйыс олохтоох дьоҥҥо дьахтар олус суолталааҕын бэлиэтиир. Былыр-былыргыттан сүрдээх дьаһаллаах дьахталлар бааллара, бааллар даҕаны. Саха АССР Верховнай Сэбиэтин бэрэссэдээтэллэринэн норуокка улаханнык биллэр, ытыктанар дьахталлар үлэлээн ааспыттара элбэҕи этэр. Ыраата барбакка, уһун сылларга «Хатас» сопхуоһу салайбыт П.П. Федорова холобура үгүһү этэр. Тыл, литература уонна история институтугар айдааннаах, элбэх научнай мөккүөрдэр баар сылларыгар филологическай наука доктора Евдокия Иннокентьевна Коркина уһун кэмҥэ бэркэ үлэлээбитэ, көнө суолга киллэрбитэ. Онон, саха дьахтара муударай, холку өйдөөх. Бу үгэһи билигин салгыыр дьахталлар аҕыйаҕа суохтар. Холобура, Дьокуускай куораппыт баһылыга Сардаана Владимировна Авксентьева буолуон сөп.
Олус муодунай буолбут этии баара, баар даҕаны: “Это – твои проблемы”. Бу, мин санаабар, улахан буортулаах, алдьатыылаах этии. Ордук хомойорум – маны араас таһымнаах тойотторбут үгүстүк тутталлар. Саха аһыныгас, хардарыта көмөлөсүһэн, өйөнсөн баччаҕа кэллэҕэ. Ону баран билиҥҥи ыарахан буккуурдаах кэмҥэ умнарбыт табыллыбат. Төттөрүтүн, сомоҕолоһууну сорук оҥостор буоллахпытына, бу маны умнарбыт табыллыбат. Оччоҕо эрэ дьиҥнээх сомоҕолоһууну ситиһиэхпит. Оннук эрэ буоллун!
Егор Шишигин,
РФ, СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ,
Духуобунас Академиятын Бочуоттаах Академига