05.02.2021 | 07:25

Ожоговайга былырыыҥҥытааҕар икки төгүл элбэх киһи эмтэнэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа – Суһал медицинскэй көмө киинин пресс-сулууспата (@rb2_cemp) Ожоговай отделениеҕа, ордук тымныы күннэр турар кэмнэригэр, сыллата 200 киһи киирэн тахсарын туһунан иһитиннэрэр.

Оттон официальнай сыыппаралар көрдөрөллөрүнэн, үлүйүү араас эчэйииттэн суорума суолланыы статистикатыгар үһүс миэстэни ылар.

“Биһиэхэ сыллата 200 кэриҥэ киһи тымныыттан эмсэҕэлээн киирэр: онно уопсай тымныйыы уонна улаханнык үлүйүү баар буолар. Ол киирэр дьон иһигэр, хомойуох иһин, оҕолор кытта бааллар. Сыл саҕаланыаҕыттан биһиги балыыһабытыгар 114 киһи тымныыттан эчэйэн, ол иһигэр 11 оҕо эмтэннэ. Ол былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ, икки төгүл элбэх”, – диэн Ожоговай отделение сэбиэдиссэйэ Светлана Владимирована Семенова кэпсиир.

Ожоговайга улахан үлүйүүлээх эрэ дьон сыталлар. Билиҥҥи туругунан 70 ыарыһахтан 53-һэ үлүйүүлээх, ол иһигэр 3 оҕо баар эбит.

Үлүйүүнү хайдах быһаарабыт?

Бастакы истиэпэннээх үлүйүүгэ тирии тугу да билбэт буолар, кыратык анньыалаан ыалдьыан сөп, утуйбут курдук буолар. Сылааска киирэн кытарар, иһэр уонна ыалдьан барар.

Иккис истиэпэннээх үлүйүүгэ тоҥмут киһини дьиэҕэ киллэрдэххэ үлүппүт сирдэрэ хабыллан, хабаҕын иһигэр ууланан бараллар.

Үһүс истиэпэннээххэ – эт эчэйбитэ тута көстө сылдьар. Тоҥорбут сирэ тугу да билбэт буолар. Хааннаах, уулаах хабахтар тахсаллар.

Төрдүс истиэпэннээххэ – киһи этэ-сиинэ тугу да билбэт буола дөйөр. Үлүппүт сирдэрэ маҥхайан, мрамор курдук уруһуйданан, мас курдук кытаатан, устунан көҕөрөн бараллар. Салгыы кураанах гангрена сайдан барар – ол аата киһи этэ өлөр, некроз үөскүүр. Манныкка ампутация эрэ оҥоһуллар. Улахан үлүйүүнү бастакы күннэригэр быһаарар олус уустук буолар.

Бастакы көмө хайдах оҥоһуллуохтааҕый?

1. Үлүппүт сири илбийиллибэт, имэрийиллибэт, хайдах да  аалыллыбат: сирэйи, тарбахтары, муруну олох тыытыллыбат.

2. Хаарынан, мууһунан тутуллубат. Кураанах сиэрис таҥаһы ууруохха сөп – үтүлүгү, саарпыгы кураанах өттүнэн. Түргэнник сылаас дьиэҕэ киирэ охсуохха наада.

3. Үлүппүт тарбаххытын, илиигитин-атаххытын хамнатаргыт сыыһа. Үлүйбүт атахха үктэммэккит, тарбахтаргытын мускуйбаккыт.

4. Туох баарынан бэрэбээскилэниллэр (саарпыгынан, суорҕанынан, баата, маарыла көмөтүнэн халыҥ гына суулуохха сөп).

Уонна олох табахтаамаҥ! Бэйэҕит эмтэнэ сатаамаҥ!

Суһал көмөнү суукканы эргиччи ыҥырыахха сөп, Ожоговай быыстала суох үлэлиир.

Томороон тымныы күннэргэ халыҥнык таҥна сылдьыҥ. Эккит-сииҥҥит барыта сабыылаах буолуохтаах. Атах таҥаһа халыҥ истээх, таҥаскыт хас да хос буолуохтаах. Таҥас киһи этигэр чугас өттө натуральнай састааптаах матырыйаал буолара ордук.

Аһыы утаҕы амсайан эбэтэр ыарытыйан баран кыһын таһырдьа тахсан барымаҥ. Тоҥмут, үлүйэн эрэр киһини көрдөххүтүнэ бастакы көмөнү сөпкө оҥорорго кыһаллыҥ.

Бэйэҕитин уонна чугас дьоҥҥутун харыстааҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....