Ойууру харыстааһын үбүлээһинэ 5,5 төгүл улаатта
Ил Дархан Айсен Николаев, үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэ парламеныгар анал этиитигэр, баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонун түмүктэрин иһитиннэрдэ. Ол курдук, быйыл ойууру баһаартан харыстыыр чаастар үлэһиттэрин ахсаана икки төгүл элбэтилиннэ, авиациянан патруллааһын бириэмэтэ түөрт төгүл улаатта. Быыһыыр сулууспа аэромобильнай бөлөхтөрө, Томпо, Үөһээ Халыма, Өймөкөөн улуустарыгар ойууру харыстыыр саҥа авиационнай салаалар баар буоллулар. Баһаары утары охсуһар сулууспалар 170 ыарахан уйуктаах тиэхэньикэлэри ыллылар.
«Түмүккэ, 2021 сылы кытта тэҥнээтэххэ, ойуур баһаара үс төгүл, уотунан сиэммит ойуур иэнэ 14 төгүл аҕыйаатылар. 2023 сыллааҕы баһаартан сэрэхтээх буолуу сезонугар бэлэмнэнии саҕаланна. Сүрүн соругунан баһаардары сэрэтиини уонна суһал дьаһаллары ылыныыны туруорабыт, ол иһигэр харабыллыыр территорияны кэҥэтиини», — диэн иһитиннэрдэ Айсен Николаев.