27.07.2021 | 13:54

Ойууру авиациянан харабыллааччылар баһаары утары дэлби тэптэриини туһаныахтара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Региоҥҥа суукка иһигэр 34 ойуур баһаарын умуруордулар, 13 баһаар бохсулунна. Уоту кытта 1800 кэриҥэ киһи уонна 200-тэн тахса тиэхиньикэ охсуһа сылдьаллар. От ыйын 27 күнүттэн ойууру авиациянан харабыллыыр сулууспа Горнай уонна Нам улуустарын икки ардыларыгар дэлби тэптэриини туһаныаҕа. Ол туһунан суһал штаб мунньаҕар нэһилиэнньэ олоҕор куттал суоһаабатын хааччыйар Судаарыстыбаннай кэмитиэт салайааччыта Дмитрий Лепчиков иһитиннэрдэ. 
«Ойуур баһаардарын балаһыанньата билигин даҕаны уустук. Бүгүҥҥү күҥҥэ 135 баһаар баар, уот 1,264 мөл га сири барда. Уопсайа 516 тыһ. га сиргэ 48 баһаары 1806 киһи, 238 тиэхиньикэ умуруора сылдьаллар. Ааспыт сууккаҕа 78 тыһ. га сиргэ 13 баһаар бохсулунна, 352 тыһ. га сиргэ 34 умуруорулунна, 2,8 тыһ. га сиргэ 15 баһаар буола турара эбии булулунна», - диэн иһитиннэрдэ Дмитрий Лепчиков.
Кини бэлиэтээбитинэн, Горнай уонна Үөһээ Бүлүү оройуоннарыгар 4 нэһилиэнньэлээх пуун – Өрт, Маҥарас, Күөрэлээх уонна Кырыкый ураты хонтуруолга сылдьаллар. Арассыыйа ЫБММ авиацията күүскэ үлэлиир, ааспыт сууккаҕа оборона министиэристибэтин танкернай авиацията Үөһээ Бүлүүгэ, БЕ-200 Ньурбаҕа үлэлээбиттэр. Итини сэргэ МИ-8 бөртөлүөттэр Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Ньурбаҕа уонна Дьокуускай таһыгар үлэлии сылдьаллар. 
«Бүгүҥҥүттэн ойууру авиациянан харабыллааччылар баһаары утары Горнай уонна Нам икки ардыларыгар, Нам өттүттэн дэлби тэптэриини туһанан үлэлиэхтэрэ», - диэтэ Дмитрий Лепчиков.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...