Ойуурга сылдьыыга хааччахтааһын киирдэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ баһаартан сэрэхтээх буолар сыалтан ойуурга дьон уонна тырааныспар сырыытыгар хааччахтааһын киирдэ.
Ол туһунан Саха сирин экологияҕа, айылҕа баайын туһаныыга уонна ойуур хаһаайыстыбатыгар миниистирэ Сахамин Афанасьев бирикээһэ бэс ыйын 29 күнүгэр министиэристибэ официальнай саайтыгар таҕыста.
Докумуоҥҥа суруллубутунан, хааччахтааһын бэс ыйын 25 күнүттэн от ыйын 16 күнүгэр диэри 21 күн болдьохтоох. Итиннэ ойуурунан ааһар айан суола уонна ойууру кытта сибээстээх үлэлээх дьон киирбэттэр.
Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэригэр хааччахтааһын болдьоҕо бүтүөр диэри ойуурга киирии суолларга шлагбаумнары уонна хонтуруоллуур киллэрэр-таһаарар пууннары туруоралларыгар сорудахтаммыт.
Хааччахтааһын 25 ойуур хаһаайыстыбатын территориятыгар киирбит: Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Эдьигээн, Индигиир, Ленскэй, Мэҥэ-Хаҥалас, Мирнэй, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Томпо, Уус-Алдан, Уус-Майа, Хаҥалас, Дьокуускай, Халыма, Чурапчы, Таатта, Үөһээ Дьааҥы, Сангаар уонна Нам.