11.05.2021 | 16:55

Ойуурга баһаартан сэрэхтээх буолуҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин үлэһиттэрэ ойуур баһаарын таһаарбат сыалтан өрөбүл күннэргэ күүһүрдүллүбүт эрэсииминэн үлэлээтилэр. Дьокуускайдааҕы Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кытта куорат таһынааҕы ойуурдарга дьон мустан сынньанар сирдэригэр хонтуруоллуур рейдэлэри ыыттылар. 


«Маай бырааһынньыктарын өрөбүллэригэр 400-тэн тахса киһиэхэ сэрэтэр бэсиэдэ ыыттыбыт. Рейдэлэрбит сүрүн сыала - ойуурга баһаары ыыппат курдук дьон сэрэхтээхтик дьаһанан сылдьарын ситиһии. Ойуурга ханнык баҕарар бириэмэҕэ сынньанар көҥүллэнэр, ол эрэн кутаа уоту умаппакка эрэ. Билигин сынньанар сиргэ шашлыгы чоххо буһарар анал миэстэлэр бааллар. Маһынан уматар көҥүллэммэт. Сынньана тахсыбыт дьон мангал тула кыра оҥхой хаһаллара уонна сэрэххэ уоту умуруорарга уулаах буолаллара ирдэнэр», - диэн этэр СӨ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин Кылаабынай управлениетын кэтээн көрөр салаатын инженерэ Леонид Игнатьев. 
Дьокуускай куорат сиригэр-уотугар сынньанарга уонна шашлыктыырга 4 көҥүллэммит миэстэ баарын санатабыт:
Кангалаас микрооройуона – чох тиэйэр кытыл кэннигэр (Өлүөнэ өрүс);
Покровскайдыыр суол 25 км – Табаҕа сэлиэнньэтин таһыгар, Синньигэс күөл хаҥас кытыла;
Намныыр суол 22 км, (Дьокуускай – Нам суол хаҥас өттө);
Покровскайдыыр суол 20 км, (Дьокуускай – Покровскай суол уҥа өттө).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...