Ойуурдаах куобах....
Билиҥҥи балысхан сайдыылаах, былдьаһыктаах, үрдүк күүрүүлээх олоххо, өбүгэлэрбит “Ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутахсыйбат” дииллэринии, киһи киһиэхэ болҕомтото, сиэрдээх сыһыана ордук наада буолла.
Сөбүлээн ааҕар «Киин куорат» хаһыаппыт бу «Үтүө дьыала» рубриката 2019 сыллаахха биһиги, Саха АССР оскуолаларын 1985 сыллаахха бүтэрбиттэр уопсастыбаннай хамсааһыммыт чэрчитинэн ыытыллар үтүө дьыалаларбытын биһирээн арыллыбыта. Балаһа хайа төрүттэммит күнүттэн биһиги манна түмсүүбүт иһинэн бэйэ-бэйэҕэ үтүө, болҕомтолоох сыһыан холобурдарын сырдатан кэллибит.
Кистэл буолбатах, аныгы үйэҕэ бэйэҕэ бүгүү, бэйэ эрэ туһугар олоруу, күннээҕинэн муҥурданыы курдук тутах майгы, атын киһи кыһалҕатын туораттан көрүү күн-түүн үксүүргэ дылы.
Ол иһин биһиги «Выпуск-85» түмсүүбүт араас таһымнаах сэргэхсийэр тэрээһиннэрин таһынан үтүө санааланыыны тумус тутабыт. Ол туохтан көстөрүй? Дьэ, холобура, эн бачча сааскар диэри харахтаан көрбөтөх эрээри эт саастыы киһиҥ, үөлээннээҕиҥ олох очуругар оҕустаран, күчүмэҕэй түгэҥҥэ түбэһэн олорор кэмигэр түмсүүтүн дьоно илиилэрин утары ууналлара төһөлөөх өйөбүл буолара, сэбиэскэй кэмҥэ улааппыт көлүөнэ «ким доҕордоох – ол дьоллоох» девиһин санатан, сылааһынан угуттуура буолуой?! Оттон дьоҥҥо сылаас, сиэрдээх сыһыаҥҥа иитиллибит биһиги көлүөнэҕэ кырдьаҕаска, кыаммакка көмө тимуровскай хамсааһыннартан силис тардарын аҕам саастаах ааҕааччыларбыт сэрэйэр буолуохтаахтар. Ол саҕанааҕы шефтэһиини, субуотунньуктары бары өйдүүбүт.
Биһиги 2019 сылтан бэрт элбэх маннык хамсааһыны, бырайыагы, аныгылыынан, волонтерскай акцияны тэрийэн кэллибит. "Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ" диэн өйдөбүл биһиэхэ улахан суолталаах. Олох ыараханыгар түбэспит үөлээннээхтэрбитигэр бу үс сыл устата төһө кыахпыт баарынан илиибитин утары ууннубут. Дьиэлэрин уокка былдьаппыт, эмтэниигэ наадыйбыт, чугас дьоннорун сүтэрбит саастыылаахтарбытыттан туора турбакка кэллибит.
Хас биирдии кыра да, улахан да үтүө дьыала үйэтитиллэр аналлаах. Ол эрээри ону барытын батарарга хаһыат сирэйэ да, киинэ кээмэйэ да тиийбэтэ биллэр эрээри, хамсааһыммыт иһинэн ыытыллыбыт кэккэ үтүө дьыалаларбытын, Саха АССР 100 сылын көрсө, икки улахан документальнай киинэнэн кэпсиир дьолломмуппутун улахан кыайыынан ааҕабыт.
Быйылгы үбүлүөйдээх сылга биир ураты хамсааһыны саҕалаатыбыт. Ол курдук, тохсунньу ыйга хоту дойду дьонун ыалдьытымсах, дьэллэм, хоһуун буолуу курдук үтүө майгыларын сырдатар аналлаах үтүөкэн тэрээһини ыыттыбыт. Бырайыак идеятын саҕааччынан уонна сүрүн спонсорынан ыраах Өлөөн улууһуттан төрүттээх үөлээннээхпит Григорий Федоров буолла. Оттон тэрээһини Булуҥтан Раиса Маркова, Дьааҥыттан Мария Горохова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Бу киэһэ ыалдьыты көрсүү сиэрэ-туома, хоту дойду ураты мааны аһа-үөлэ, Арктика норуотун туттар малын көрдөрөр быыстапка, ону ааһан киһи эрэ интэриэһин тардар дьэрэкээн киэргэллэрдээх көстүүмнэр сылдьыбыт эрэ бары болҕомтотун тартылар. Ону хотугулуу эйээркэй ырыа, ураты энергетикалаах үҥкүү ситэрдилэр. Бу эйгэҕэ киирэн олорон хас биирдиибит бэйэтин төрөөбүт улууһун үтүө үгэстэрин билсиһиннэриэн, көрдөрүөн баҕата өссө күүһүрдэ.
Түгэнинэн туһанан "Тээйэ" банкетнай зал хаһаайыттарыгар Мария, Григорий Федоровтарга уонна бука бары тэрийсибит Арктика улуустарын бэрэстэбиитэллэригэр махталбытын тириэрдэбит.
Биһиги, «Выпуск-85» түмсүүлээх буоламмыт, кыһыҥҥы тымныы киэһэлэр сылаастар. Сылаастар сылаас сыһыантан, аламаҕай майгыттан, киһиэхэ болҕомтоттон. Бу буоллаҕа дии түмсүүбүт сүрүн сыала – киһи хараҕар көстүбэт бэйэ-бэйэҕэ сылаас сыһыанынан угуттаһар эйгэни тэрийии.
Бу тэрээһин сүрүн геройдарыгар – Өлөөнтөн Григорий Федоровка, Булуҥтан Раиса Марковаҕа, Дьааҥыттан Агафья Гороховаҕа, Айталина Шадринаҕа, Роза Кармалакка, Мария Гороховаҕа, Татьяна Другинаҕа, Муоматтан Венера Гороховаҕа, Анаабыртан Татьяна Казаковаҕа, Валерий Григорьевҕа, Орто Халыматтан Марианна Петроваҕа, Анжелика Ивановаҕа, Марианна Захароваҕа, Вячеслав Слепцовка, Иннокентий Носовка, Анаабыртан Ольга Баяноваҕа, сорохтор ыраахтан олорон өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиҥҥэ көмөҕүт, үтүө санааҕыт, сылаас сыһыаҥҥыт иһин барҕа махтал.
Хотуттан төрүттээх доҕоттордоох буоламмыт биһиги маамыкта быраҕыыта курдук ураты күрэҕи илэ харахпытынан билсэр, холонон даҕаны көрөр дьолго тигистибит, тоҥ балык маанытын кыһар үөрүүтүн биллибит, һээдьэлээн эйээрдибит.
Өлөөнтөн төрүттээх үөлээннээхпит «Тээйэ» банкетнай зал хаһаайына Григорий Федоров сыл аайы тулаайах оҕолорго Саҥа Дьыллааҕы бэлэхтэри туттарар үтүө үгэһэ аны Арктика оройуоннарын култуураларын, таҥастарын, астарын билиһиннэрэр үгэһинэн байда.
Ити курдук биһиги өссө биир сүрдээх киэҥ, дириҥ суолталаах үлэни ылыстыбыт. Сахабыт сиригэр тус-туһунан төрүт дьарыктаах, төрүт астаах, култууралаах норуоттар тоҕуоруһан олоробут. Холобурун эттэххэ, илин эҥэр, Бүлүү бөлөх улуустара бары, омос көрдөххө, биир курдуктар эрээри, үгэстэригэр, аска сыһыаннарыгар, таҥаска култуураларыгар, тылларыгар, фольклорга уратылара баһаам. Ол хатыламмат, сомоҕолуур уратыбытын таба тайанан, салгыы атын улуустары кэпсиир үтүөкэн киэһэлэрбит саҕаланнахтара буоллун! Үтүө үтүөнү түстүүрүн умнубаппыт.