14.06.2022 | 11:44

Ойуур кыыллара киһиэхэ тахсаллара элбээтэ

Ойуур кыыллара киһиэхэ тахсаллара элбээтэ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саһыллар, эһэлэр ас көрдөөн айан суолларыгар икки атахтаахха бэйэлэринэн тахсаллара үксээбитин айылҕа харыстабылын үлэһиттэрэ иһитиннэрэллэр. Киһи айылҕа кыылын уун утары көрсөр түгэнигэр тугу гыныахтааҕый?

СӨ Быыһыыр сулууспата иһитиннэрбитинэн, дьиикэй кыылы көрсүүгэ хас да быраабыланы тутуһуохтаахпыт. Ол курдук, бастатан туран балаһыанньаны, тирээн кэлбит түгэни сөпкө сыаналыахха наада.

Ойуур кыыллара киһи элбэхтэ сылдьар сирдэригэр мээнэ тахсыбаттар, онон дьонноох сиртэн ыраатымаҥ. Бөх-сыыс, ас тобоҕо быраҕыллар сирдэригэр адьырҕалар баар буолуохтарын сөп, маннык сирдэргэ кинилэр аччыктаан, ас көрдөөн кэлэллэр, ону-маны булан сии сылдьан астарыттан көҥөнөн киһиэхэ саба түһүөхтэрин сөп.

Улахан музыка, бэйэ-бэйэни кыта кэпсэтии, тыас-уус кыыллары куттуур, тэскилээн биэриэхтэрин эмиэ сөп.

Адьырҕа кыыллары уун утары көрсө түстэххитинэ атахха биллэрэргэ ыксаамаҥ. Киниттэн улахаҥҥытын көрдөрө сатааҥ – тас таҥаскытын өрө анньан, икки илиигитин үөһээ тутан улахан уҥуохтаах буолан көстүҥ. Хаһыытаан, улаханнык саҥа таһааран куттуоххутун сөп, кыылга кэннинэн буолбакка аргыыйдык тэйиҥ.

Саамай кутталлаах көрсүһүү – эһэ оҕолорун кытта көрсүү буолар. Тоҕо диэтэххэ, аттыларыгар хайаан да ийэлэрэ сылдьар. Оҕолорун саҥатын иһиттэ да, ийэ эһэ киһиэхэ саба түһэр кыахтаах.

Массыына суолугар кыыллары көрүстэххитинэ илиигитинэн тута, имэрийэ сатаамаҥ, аһатымаҥ!

Быыһыыр сулууспа биир кэлим төлөпүөнэ: 112,

СӨ Быыһыыр сулууспатын дьуһууруунайдарын төлөпүөнэ: (4112) 45-90-19.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...